“Оҕоҕо кинигэтэ бэлэхтээ” үтүө санаа акцията саҕаланна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата (“Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттар, “Чуораанчык”, “Колокольчик+” сурунааллар эрэдээксийэлэрэ) ийэ-аҕа тапталын билбэтэх кырачааннарга, оҕо дьиэтин иитиллээччилэригэр, кыаммат дьиэ кэргэн оҕолоругар, кыратык да буоллар, сылаас, истиҥ сыһыаны бэлэхтиэххэйиҥ диэн бар дьону ыҥырар.

Биллэрин курдук, кинигэ оҕоҕо көннөрү уруһуйдаах хартыына, сурук-бичик эрэ буолбакка, иитэн-үөрэтэн таһаарар, билиигэ сирдиир, үтүөҕэ кынаттыыр сырдык сулуһунан буолар. Кинигэ нөҥүө оҕо араас дойду, норуот култууратын кытта билсэр, Галактикаҕа, космоска да тиийэр, дьикти, алыптаах остуоруйалары, сэргэх сэһэннэри, устуоруйаны сэргии үөрэнэр. Дэлэҕэ “кинигэ – бастыҥ бэлэх” диэхтэрэ дуо?
Күннээҕи түбүгү, кыра кыһалҕаны арыый умнан туран, кыым саҕа үтүө санааҕа кыттыһан, оҕолорго үөрүүтэ бэлэхтиэххэ, сүрэхтэригэр дьолу үксэтиэххэ!
“Оҕоҕо кинигэтэ бэлэхтээ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө санаа акциятын чэрчитинэн киирбит кинигэлэр оҕо дьиэтин иитиллээччилэригэр, кыаммат дьиэ кэргэн оҕолоругар Саха сирин бары муннуктарынан тарҕаныахтара, кырачаан ааҕааччыларын булуохтара диэн эрэннэрэбит. Эбэтэр, кинигэни тута бэйэҕит бэлэхтиэххитин сөп уонна хаартыскаҕа түһэрэн WhatsApp 8-9142-744-930 нүөмэригэр ыыттаххытына, социальнай ситимнэргэ бэчээттээн таһаарыахпыт.
Хас биирдии баҕалаах киһи бу үтүө дьыалаҕа кыттыһан, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө майгыны, сылаас сыһыаны холобур гынан тиэрдэр кыахтаах.
Биһиги аадырыспыт: Дьокуускай куорат, Орджоникидзе уул. 31, каб. № 136 (Бэчээт дьиэтэ), билсэр төлөпүөн: 744-930.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0