Нейрохирурдар хирургия элитатынан уонна киэн туттуутунан буолаллар. Мин өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр, РФ уонна СӨ үтүөлээх бырааһа, «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн уонна СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыт Прокопий Семеновтыын кэпсэттим.
Зоя ИГНАТЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
1973 с. алтыс кууруска үөрэнэр сылдьар икки эдэр киһи, неврологияҕа устудьуоннар научнай уопсастыбаларын чилиэннэрэ (ол иһигэр, бүгүҥҥү дьоруойбут) өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр нейрохирург, Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа нейрохирургияҕа отделениетын бастакы сэбиэдиссэйэ Мухарям Петрович Федоров ыҥырыытын ылынан, нейрохирургияҕа барарга быһаарыммыттара. Прокопий Семенов СГУ медицинскэй факультетын бүтэрэн баран, инникигэ эрэллээх уонна элбэх былааннаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа үлэлии кэлбитэ.
Ол кэмтэн ыла 44 сыл ааста. Ити сыллартан кэнники 18 сыл устата Прокопий Николаевич Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа – Медицина национальнай киинин оҕо нейрохирургияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ.
Кини өссө 1970-с сыллартан оҕолору туспа эмтиир ыра санаалааҕа. Тоҕо диэтэххэ, оҕо нейрохирургиятын анал бэлэмнэниини эрэйэр ураты сулууспанан ааҕара. Онтон хас да сылынан кини көҕүлээһининэн Оҕо аймах уонна ийэ киинигэр 15 куойкалаах оҕо отделениетын тэрийэн барбыттара.
– 1992 с. арыллыбыт отделениеҕа оҕолору уонна улахан дьону бииргэ эмтиирбит, – диэн кэпсиир Прокопий Николаевич. – Инникитин оҕо нейрохирурдарын үөрэтэр былааннаах этибит да, кыаллыбатаҕа. Оҕо отделениетын салайыах ким да суох буолан биэрбитэ.
1998 с. ахсынньытыгар Медицина национальнай киинин генеральнай дириэктэрэ Вячеслав Александров П.Семеновы ыҥыран ылбыта уонна оҕо отделениетын сэбиэдиссэйин буларга сорудахтаабыта.
– Кими да тылбар кыайан киллэрбэтэҕим, – диэн П.Семенов күлэр. – Бэйэм ылсарбар тиийбитим.
Бу кэмнэргэ Арассыыйаҕа оҕо нейрохирургияҕа отделениеларын тэрийии хамсааһына саҥа саҕаланан эрэрэ. 1999 с. кулун тутар 22 күнүгэр Арассыыйаҕа биир бастакынан 15 куойкалаах оҕо нейрохирургияҕа отделениета аһыллыбыта. Прокопий Николаевич сэбиэдиссэй эбээһинэһин толорор буолбута. Икки сылынан Арассыыйаҕа оҕо нейрохирурдарын ассоциацията тэриллибитэ.
– Оҕо нейрохирургията муҥура суох. Биһиги сыл аайы көрсөбүт, үөрүйэхпитин атастаһабыт, оҕо нейрохирургиятын кыһалҕаларын дьүүллэһэбит. Сыл аайы кэмпэриэнсийэлэр ыытыллаллар, омук нейрохирурдара исписэлиистэри үөрэтэллэр, – диэн Семенов санаатын үллэстэр. – Дьиибэтэ диэн, омук сиригэр оҕо нейрохирургияҕа отделениелара суохтар, «оҕолору кытары дьарыктанар» нейрохирурдар эрэ бааллар.
Нейрохирургияҕа оҕо сулууспата идэтийэн барбыта, нейрохирурдары бэлэмнээн барбыппыт, оҕоҕо эрэ туһаныллар анал инструменнар, аныгы тэриллэр баар буолбуттара.
Прокопий Николаевич оҥорбут искэн эпэрээссийэтигэр Иркутскайтан үлэлии кэлбит профессор Астафьев сылдьан баран, нейрохирургическай инструмент атыылаһарыгар эппит. Онуоха П.Семенов: «Всеволод Иванович, харчыны барыыр наадата суох. Мин баҕа санаам – оҕо отделениетын арыйыы уонна аныгы тэриллэринэн сэбилээһин», – диэн хардарбыт.
Дьолго, баҕа санаа туолар аналлаах. Билигин Медицина национальнай киинин оҕо нейрохирургиятыгар отделениета толору кыаҕынан үлэлиир. Оҕоҕо аналлаах микроскоптар, эндоскоптар, тэриллэр, үөрүйэхтээх анестезиологтар бааллар. Семенов оҕо нейрохирургията саҥа атаҕар тура сатыыр кэмин ахтарыгар, билигин отделение сыллата сайдар иһэриттэн ис сүрэҕиттэн үөрэрин кистээбэт.
Ыарыыны быһаарыы уонна хирургия кыахтара билигин олох атыттар. Эмтээһин тактиката арааһа элбэх. Ол гынан баран, кылаабынайа – реанимацияҕа аныгы күүстээх тэриллэннибит. Ол иһин, ыарыһах оҕолор тыыннаах хаалаллара элбээтэ. Билигин инструменнарбыт олус табыгастаах буоланнар, эпэрээссийэ түргэнник уонна улахан эчэйиитэ суох оҥоһуллар. Хирургияҕа туттуллар саптарбыт да микроскопическайдар. Урут саптарбытын бэйэбит өрөр, тигэр этибит, ол иһин сыыстарыы да элбэҕэ. Билигин ириҥэлээх сыыстарыы суоҕун кэриэтэ.
Прокопий Семеновтыын кэпсэтэ олордохпутуна төлөпүөн тыаһаабытыгар (суһал ыҥырыкка сылдьар быраастар, төһө да бириэмэтэ суохтарын иһин, төлөпүөҥҥэ хайаан да эппиэттииллэрин бэлиэтии көрөбүн – ааптар): «Сөп. Эһигини отделениеҕа ыларга бэлэммит. Оҕоҕутун сарсыарда аҕалыҥ, эпэрээссийэҕэ бэлэмниэхпит. Өйүүн эпэрээссийэлиэхпит», — диэн түргэнник хардарда.
– Оҕолору хас саастарыттан ылаҕытый?
– Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо төрөөһүнэ элбээн, патологиялаах оҕо эмиэ элбиир. Ол иһин биһиги кырачааннары ийэ иһигэр сылдьыахтарыттан хонтуруоллуубут, скрининг-бэрэбиэркэ ыытабыт. Саҥа төрөөбүт кырачаантан саҕалаан, 18-гар диэри саастаахтары эпэрээссийэлиибит.
– Уопсайынан, нейрохирургия, буолаары буолан оҕо нейрохирургията, мындыр салаа. Үлэлииргэ уустук дуо?
– Оннук. Оҕо нейрохирургията — ураты нарын-намчы сыһыаны ирдиир быыччык үлэ. Кытаанах дьиссипилиинэни, кэлэктиибинэн үлэни эрэйэр сулууспа. Тоҕо диэтэххэ, оҕону эмтээһиҥҥэ нейрохирурдар эрэ кыттыбаттар. Биһиги педиатрдары, неврологтары, рентгенологтары, «узкай» идэлээх эмчиттэри кытары сарын-санныбытыттан өйөнсөн үлэлиибит. Ол да иһин, оҕо отделениелара элбэх профиллаах балыыһаларга эрэ аһыллаллар. Үлэ ситиһиитэ отделение хайдах сэбилэниилээҕиттэн, хирурдар идэҕэ таһымнарыттан тутулуктаах.
– Бастакы эпэрээссийэҕин өйдүүгүн дуо?
– Биллэн турар, өйдөөн буоллаҕа. 1973 с. атырдьах ыйын 1 күнүгэр биир массыына суолу туоруур сиргэ биэс саастаах кыысчааны түҥнэри көппүтэ. Кыысчаан ийэтэ өлбүтэ, биһиэхэ үлтүрүйбүт төбөлөөх кыыһы аҕалбыттара. Олус уустук балаһыанньа этэ. Төбөтүн уҥуоҕар трепанация оҥорбутум, хаана барарын тохтоппутум… кыысчаан тыыннаах хаалбыта.
– Оҕолоруҥ эн суолгунан бардылар дуо?
– Суох. Дьиэ кэргэммитигэр мин соҕотох нейрохирурбун, улахан уолбут – хирург, орто уолбут – травматолог, кыыспыт – невропатолог.
— Ол да буоллар, сиэннэргититтэн ким эмэ эн туйаххын хатарыа турдаҕа. Прокопий Николаевич, кэпсээниҥ иһин махтал!
Зоя ИГНАТЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru