Оҕо көмүскэлин күнүгэр Сахаайа «Уолчааммар» диэн саҥа ырыаны сүрэхтээтэ

Ааптар: 
01.06.2021
Бөлөххө киир:

Оҕо көмүскэлин күнүнэн Саха эстрадатын биир чаҕылхай сулуһа Сахаайа «Уолчааммар» диэн ырыатын сүрэхтээтэ. Ырыаһыт дьиэ кэргэн Сахаайа, Александр Бурнашевтар икки уол оҕолоохтор.  Ыал күн күбэй ийэтин Сахаайаны кытары сибээстэстибит.

— Сахаайа, оҕо көмүскэлин күнүгэр дьиэ кэргэнинэн туох үгэстээххитий?

— Биһиги оҕолорбутун кытары дойдубутугар Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыгар кэллибит. Бэйэбит дьиэбитигэр кэлэн оҕуруот олордо сылдьабыт, дьоммутугар көмөлөһөбүт.  Ханна да бардарбыт үлэ буоллун, сынньалаҥ буоллун оҕолорбутун бэйэбитин кытары өрүү бииргэ илдьэ сылдьабыт. Ордук кыра уолбут, Сан Санычпытын батыһыннарабыт.

Оҕо сааскыттан биир эмэ түгэни быһа тардан кэпсээ эрэ

— Оҕо сылдьан, арааһа,  олус хорсун, харса суох кыыс эбиппин. Араас түгэннэр элбэхтэр, онтон биири ахтыам. Биэстээхпэр эбитэ дуу, үөрэнэ иликпинэ, доҕотторбун биир кутталлаах быһыыга түбэһиннэрэ сыспыттааҕым. Эһээм сыарҕалаах аттааҕа. Биһиги чугастааҕы ыал оҕолоро уонна мин бырааттарым буолан оонньуу сылдьыбыппыт. Эһээм дьиэҕэ киирэрин кэтээн туран, тутатына оҕолору ыҥырталаатым. «Сыарҕаҕа олорсуҥ, мин билигин эһигини  сыарҕалаах акка хатааһылатыам» диэтим. Оҕолор хап-сабар сыарҕаҕа олорсо оҕустулар. Мин атым быатын илиибэр ылан, салайан кэбистим. Бастаан утаа наһаа үчүгэйдик баран истибит, онтон доҕоор, сылгыбыт барахсан сыыдамсыйан барда, устунан сүүрүөхчэ буолла. Мин тохтото сатаатым даҕаны, хантан тохтуой?! Били олорсон иһээччилэрим биирдэ акка хатааһылаары, кутталларыттан сүрэхтэрэ айахтарынан тахса сыста быһыылаах. Аппын салайа сатыыбын да кыаллыбат, арай эмискэ ким эрэ илиитэ кэлэн быаны харбаан ылла. Көрбүтүм эһэм эбит. Хата эһэм көрөн, түргэн үлүгэрдик сүүрэн кэлэн тохтоппута. Дьэ ол курдук сыарҕалаах аты салайан оҕолору хатааһылатар мэник санаам алдьархайы оҥоро сыспыт эбит. Билигин санаатахха кутталлаах эбит.

— Айар үлэҕэр бүгүҥҥү күҥҥэ туһаайан килиип күн сирин көрдө. Ол туһунан кэпсээ эрэ

— Бүгүн биир бэлиэ түгэн үүннэ, ол курдук Оҕо көмүскэлин күнүгэр анаан-минээн «Уолчааммар» диэн Елена Евсеева — Сарыал тылларыгар уонна мелодиятыгар ырыаны таһаардым, сахалыы тыллаах араадьыйаларга сүрэхтэннэ. Ол ырыабар бэрт түргэн үлүгэрдик «Орто дойдуга» тиийэн Федот Соловьев идиэйэтинэн килиип уһуллубут. Ырыабын Моисей Кобяков тупсаран оҥордо, вокалы Куйаар Уола уһулла. Сэбэрэни тупсарар, кэрэтитэр  стилист Дмитрий Васильев тас көстүүгэ үлэлэстэ. Оттон килииби Юрий Босиков уһулла.

Бука бары сир сиэдэрэй симэҕэ оҕолор дьоллоох оҕо сааһы билэн этэҥҥэ улааттыннар уонна быйылгы сайын элбэх үөрүүлээх түгэни бэдэхтээтин!

— Сахаайа, кэпсээниҥ иһин махтал, айымньылаах үлэҥ аартыга арыллан иһиэхтин!!

Сахаайа саҥа тахсыбыт «Уолчааммар» ырыатыгар  килииби бу сигэнэн киирэн көрүҥ

Надежда Ильина, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0