Оҕо көмүскэлин күнүгэр — оҕолор сүбэлэрэ (ВИДЕО)

Ааптар: 
01.06.2020
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куораттааҕы Саха политиэхиньиичэскэй лиссиэй 2-с “А” кылааһын үөрэнээччилэрэ төһө даҕаны кырачааннарын иһин, көхтөөх дьон. Оҕо көмүскэлин күнүн көрсө саастыылаахтарыгар анаан араас аһылык ырысыабын бэлэмнээн, видеоҕа таҥан таһаардылар.

edersaas.ru

Саха политиэхиньиическэй лиссиэй 2-с “А” кылааһыгар 34 оҕо үөрэнэр. Быйылгы үөрэх дьылын 6 оҕо туйгунунан, 19 оҕо үчүгэйинэн түмүктээбит. Кылаас уола барыта “Кумааҕынан пластика”, кыргыттар “Текстиль” куруһуоктарыгар дьарыктанар. Онон иннэҕэ сабы даҕаны кыайан укпат оҕолор иистэнэр буолбуттар. Иккис сылларын “Добун” ансаамбылга дьарыктаналлар эбит. Уолаттар – барабанныыллар,  кыргыттар – хомустууллар, ыллыыллар. Номнуо гастрол диэн тугун билбиттэр, ситиһиилэрэ үгүс. Ону таһынан, ФГОС ирдэбилинэн бэйэлэрин баҕаларынан араас куруһуокка сылдьаллар эбит. Ол курдук, “Көмүлүөк тула” өрөспүүбүлүкэтээҕи фольклор куонкуруһугар 1 истиэпэннээх лауреат буолбуттар, тулалыыр эйгэ, саха тыла куораттааҕы олимпиадаларыгар, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, дуобакка, саахымакка миэстэлэспиттэр. Ааспыт үөрэх дьылыгар “Классный класс” куонкуруска 1 истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын ылбыттар.

Кылаас салайааччыта Саргылаана Скрябина: “Маҥнай биир үөрэнээччим кэлэн сибэкки оҥотторуохпун баҕарабын диэн этии киллэрбитигэр, иилэ хабан ылан, сыыйа маастар-кылаас ыытар буоллулар. Мин көмөлөһөөччү эрэ буолабын. Бэйэлэрэ көрдөрөллөр, кэпсииллэр, оҥоттороллор. Оннук ыыталларын олус сөбүлүүллэр.

Итини таһынан, кэпсиир дьоҕурдарын сайыннараары анал бырайыак толкуйдаабытым. Бастакы тиэмэбит “Мой питомец” диэн ааттааҕа. Онтон ыла “Мин доҕорум”, “Ийэм, аҕам идэлэрэ”, уо.д.а. тиэмэлэргэ бэлэмнэнэн кэпсии үөрэннилэр. Билигин “Арассыыйа куораттара”, “Тас дойдулар” хайысхаларынан билиилэрин хаҥаталлар. Дьиэҕэ олорор кэмнэригэр видеоҕа устан ыыттылар, бэйэтэ туспа матырыйаал буолла.

Онтон ити ырысыаптарбыт устуоруйатын кэпсээтэххэ маннык. Маҥнай туһалаах буоллун диэн үлэ уруогун кэмигэр алаадьы астаппытым. Чиэппэринэн сыллата “сиртэн хостонор бырамыысыланнас”, “чэпчэки бырамыысыланнас”, “аһылык бырамыысыланнаһа”  диэн салааларынан араартаабыппыт. Аһылык бырамыысыланнаһын чиэппэригэр кэлэн төрөппүттэр маастар-кылаас ыыппыттара. Уонна ырысыаптары түҥэппиттэрэ. Дьиэҕэ олоруу кэмигэр оҕолор дьиэлэригэр бэркэ астаатылар, олус үчүгэйдик кэпсииллэр. Онон Оҕо көмүскэлин күнүн көрсө уонна дьиэҕэ олорууну сэргэхситэ таарыйа өйдүү-саныы сылдьалларын курдук, бэйэлэрин саастыылаах оҕолоругар сүбэ быһыытынан видеонан араас аһылык ырысыаптарын бэлэх уунабыт. Лоп курдук 30 ырысыап киирдэ. Оҕолор “медовай” торду кытта астыыллар”, — диэн кэпсиир.

Сайыҥҥы сынньалаҥ саҕаланна, иллэҥ кэми туһалаахтык атаарыҥ, оҕолоргутун астыырга уһуйуҥ, үлэҕэ үөрэтиҥ. Манна пицца, торт, смузи, беляш, панкейк, уо.д.а. ырысыаптары бэлэмнээбиттэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0