Аныгы үйэ сайдыытынан аһара үлүһүйүү үчүгэйгэ тиэрдибэт эбит. Оҕо саҥарар, тыла-өһө сайдар кыаҕын мөлтөтөр. Бу туһунан Марианна Тыртыкова Дьокуускай куорат Медицинаҕа киинин 202-с микрооройуоҥҥа баар 2 №-дээх поликлиникатын быраастарыттан маннык сүбэлэри ылла.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Туйаара Максимова, невролог-быраас:
— Күнү супту гаджеты өрө тутан олорор оҕолор харахтара мөлтүүр, бөкчөччү туттан олороллоруттан систэрин тоноҕоһо токуруйар. Итинтэн сылтаан сколиоз наһаа элбээтэ. Урукку оҕолор курдук таһырдьа тахсан оонньооботтор, хамсамматтар, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыбаттар, суотабай төлөпүөҥҥэ бүгэн олороллор.
Маннык оҕолор үгүстэрэ тыллара ситэ сайдыбат буолан, хойутаан саҥараллар. 3-4 сааһыгар диэри саҥарбат оҕо өйүнэн мөлтөх буолуон сөп. Биэһигэр диэри тылламматаҕына, «Речевой оскуолаҕа» ыыталлар. Оҕо 1 сааһыгар ортотунан 10 тылы саҥарыахтаах, 2 сааһыгар тыллары холбуохтаах, үһүгэр толору саҥарар буолуохтаах.
Аҥаардастыы гаджеттары, планшеттары буруйдуур эмиэ сыыһа. Оҕо доруобуйатыгар төрөппүттэрин генетикэтэ, итирдэр утаҕы иһэллэрэ, табахтыыллара, ийэ ыарахан кэмигэр тугунан ыалдьыбыта барыта холбоон төрүөт буолар.
Оҕо гаджеттары туттарыгар күҥҥэ 2 чаас эрэ бэриллиэхтээх, ону сорох ийэлэр мэһэйдээбэтин эрэ диэн планшеты туттаран кэбиһэллэр, ол оннугар оҕолорун кытары кэпсэппэттэр.
Оҕо кэмигэр саҥара, санаатын толору этэ үөрэнэригэр кинини кытта куруук кэпсэтэ сылдьыахха наада. Утуйарыгар остуоруйа кэпсээн, хоһоон-ырыа үөрэтэн, эбэргэ-көҕүрэтэргэ, уруһуйдуурга, суруйарга күннэтэ дьарыктаан. Билэр-көрөр баҕатын саба баттаабакка, тулалыыр эйгэни билэригэр үөрэтиэххэ наада. Оҕо аан бастаан ийэтин, аҕатын, чугас дьонун үтүктэр. Онон, үтүө холобуру көрдөрөн, дьиэ иһигэр бары мустан кэпсэтэр, бүгүҥҥү күн хайдах ааспытын ырытыһар, оҕону сайыннарар оонньуунан тэҥҥэ оонньуур, айылҕаҕа сылдьар эргиччи туһалаах.
Айталина Корякова, педагог-психолог:
— Үгүс төрөппүттэр үлэлэриттэн сылайан кэлэн, оҕолорун телевизор, планшет иннигэр олордоллор, мультик холбоон биэрэллэр. Дьиҥэр, оҕону кытта күн аайы кэпсэтэ, санааны атастаһа сылдьыахха наада.
Биһиэхэ саҥаны билэргэ туох да интэриэһэ, болҕомтото суох, психолокка үөрэниэн баҕарбат оҕолору сиэтэн аҕалаллар. Оҕо оскуолаҕа киирэр кэмэ кэллэҕинэ эрэ ыксаан, ааҕарга-суруйарга дьарыктыы сатыыллар. Ону ылыммат оҕо эмиэ баар. Ол иһин, оҕону кытта элбэхтик кэпсэтиэххэ наада.
Интернети, аныгы олох сайдыытын утарбаппын эрээри, оҕо психикатын харыстыахха наада – олус эрдэ планшет биэрэн арааһы бары көрдөрөр сатаммат. Олус элбэх иһитиннэрииттэн ким баҕарар, ордук оҕо уйулҕата, түргэнник сылайар. Ол иһин, саҥаны билэр, үөрэнэр баҕата эрдэ ханнан хаалар.
Оскуоланы бүтэрэр оҕолор бары кэриэтэ билигин чэпчэки харчыны сырсаллар, үлэҕэ үөрүйэҕэ суохтар. Онон, оҕо кыра сааһыттан дьиэтигэр күннэтэ толорор туспа эбээһинэстээх, үлэлээх буолуохтаах. Оонньуу нөҥүө күрэхтэһэ таарыйа оҕону өйүгэр суоттуурга, куораттар, кыыллар, үүнээйилэр ааттарын таайарга дьарыктаатахха, үөрэххэ интэриэстэрэ биллэ уһуктар. Оҕо үрүҥү-хараны араара үөрэнэригэр остуоруйаны көрөн баран, үтүө уонна куһаҕан санаалаах дьоруойдары ырытыахха наада.
Оҕо кыра сааһыттан чуолкайдык саҥара үөрэнэрин туһугар оҕо курдук саҥарбакка (атаахтатан), лоп-бааччы кэпсэтиэххэ наада.
Сөптөөх, чуолкай, лоп-бааччы саҥаны истэ сылдьан, оҕо эмиэ чуолкайдык саҥарар. Ийэтэ уонна тулалыыр эйгэтин дьоно хайдах саҥаралларыттан кини тылын-өһүн сайдыыта улахан тутулуктаах.
Онон, оҕону иитэн таһаарарга төрөппүттэрэ, тулалыыр дьоно улахан сабыдыаллаахтар.
Манна даҕатан эттэххэ
Дьокуускай куорат Медицинаҕа киинин 202-с мирооройуонугар баар 2 №-дээх поликлиника салаатыгар былырыын оҕо доруобуйатын киэҥ хабааннаахтык көрөр, элбэх профиллаах Саха сиригэр соҕотох киин арыллыбыта. Манна, оҕону биир сиргэ логопед, педагог-психолог, невролог, офтальмолог, ортопед, эндокринолог уо.д.а. идэлээх быраастар көрөллөр. Рентген тыктарыыта суох компьютернай топографка кыра да сис токуруйуутун (сколиоһу) эндэппэккэ билэллэр, тустаах эмтэниини анаан, ЛФК дьарыгын ыыталлар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru