Оҕо хас сааһыттан матасыыкыл, массыына ыыта үөрэниэн сөбүй?
Аныгы төрөппүттэр оҕолоро уончатын туолаатын кытта матасыыкыл атыылаһан биэрэллэр. Кистэл буолбатах, ыытар бырааба суох уора-көстө ыытар ыччат аҕыйаҕа суох. Хас саастарыттан мопеды, матасыыкылы, массыынаны ыыта үөрэниэхтэрин сөп эбитий? Ол туһунан СӨ ИДьМ ГИБДД управлениетын регистрациялыыр-эксээмэн тутар салаатын ураты сорудахтарга старшай иниспиэктэрэ Мичил Гоголев быһаарыытын ааҕыҥ.
Категория |
Авто—оскуолаҕа
үөрэнии |
Эксээмэн
туттарыы |
Дастабырыанньа ылыы |
М – мопед
А1 – матасыыкыл 125 см3 диэри |
16 |
16 |
16 |
А – матасыыкыл | 16 | 18 | 18 |
В – легковой массыына
С – таһаҕас тиэйэр массыына |
16 |
17 |
18 |
D– оптуобус |
21
(19 – байыаннай суоппардар) |
21
(19 – байыаннай суоппардар) |
21
(19 – байыаннай суоппардар) |
Tm – трамвай
Tb – троллейбус |
21 |
21 |
21 |
ВЕ, СЕ, DЕ (бырысыаптаахтар) | 1 сыл ыстаас
кэнниттэн |
1 сыл ыстаас
кэнниттэн |
1 сыл ыстаас
кэнниттэн |
Сүбэ. Аныгы оҕо кыра сааһыттан матасыыкылы ыытар. Дастабырыанньата суох ыытыы иһин 16 саастарыттан административнай эппиэтинэскэ тардыллаллар. Ыстарааба 5 000-15 000 солкуобайга диэри. Дьыаланы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларын көрөр хамыыһыйа көрөр. Оттон, өскөтүн, матасыыкыл бу оҕо төрөппүттэригэр эбэтэр атын улахан киһи аатыгар сурулла сылдьар түгэнигэр, кинилэргэ ыстараап 30 000 солкуобайга тэҥнэһэр.
Күн бүгүн Дьокуускай куоракка 20-чэ авто-оскуола үлэлиир. Сыаната ортотунан 30 тыһыынча солкуобай. Дьон үксүгэр дьиэтиттэн чугас уонна удамыр сыаналааҕын талан үөрэнэ сатыыр.
Людмила ПОПОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru