Оҕо хаарга баттатан, суорума суолланна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Алдан оройуонун Аллараа Куранаах бөһүөлэгэр олус хомолтолоох быһылаан таҕыста: 8 саастаах оҕо хаарга баттатан өллө.

edersaas.ru

РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрбитинэн, бу дьыл кулун тутар 7 күнүгэр 8 саастаах уол икки доҕорун кытта бөһүөлэк устун дьаарбайа барбыт.

Онуоха биир этээстээх быраҕыллыбыт дьиэ үрдүгэр сылдьан, бу уолчаан кырыыһаттан сиргэ сууллан түспүтүгэр, үрдүгэр көһөҥө хаар түһэн баттаабыт. Оҕо эрэйдээх тута  миэстэтигэр тыына быстыбыт…

Бу чахчынан силиэстийэ уорганнара бэрэбиэркэ ыыталлар, ол түмүгүнэн, процессуальнай быһаарыы тахсыаҕа.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0