Киин куоракка, үгүс улуустарга харантыын буолан, оскуолалар, оҕо саадтара сабыллан, оҕолор үс нэдиэлэ кэриҥэ дьиэлэригэр олордулар. Харантыын кэмигэр дьиэҕэ олорон оҕо олус хаайтарар, тэһийбэт, чуҥкуйар. Тэлэбиисэр, көмпүүтэр, төлөпүөн үрдүгэр түһэр, күнү быһа онно хараҕаланан баран олорор. Ол, саамай кылаабынайа, доруобуйатыгар охсуулаах. Кытаата илик сиһэ токуруйуон, хараҕа мөлтүөн сөп.
edersaas.ru
Онтон сылтаан, төрөппүттэрэ оҕолорун дэриэбинэҕэ ыыта сатыыллар. Манна тахсан кини хаһааҥҥытааҕар да эбээ, эһээ сылаас тапталларыгар угуттанар, атаахтыыр. Эбэтэ була сатыы-сатыы ас бөҕөтүн астаан хадаҕалыыр, сыры-сырылаччы сыллыы сылдьар, тугу барытын көҥүллүүр… Өр кэмҥэ көрсүбэккэ, ахтыспыт дьон аанньа буолуохтара дуо? Ол эрээри, манна оҕо ийэттэн-аҕаттан туспа баран, бэйэтин харанарга, дьаһанарга үөрэнэр.
Эһээлэрэ уолаттары булка, балыкка илдьэ сылдьан, дьиэ таһынааҕы үлэҕэ, эр киһи дьарыгар үөрэтэр. Уол оҕо хаар күрдьүө, мас кыстыа, ойбон алларыа, акка олорсон, ойуурга барсыа. Бу куорат оҕотугар барыта сонун. Оҕо айылҕалыын алтыһарга, сиэри-туому тутуһарга, ону тэҥэ үлэлииргэ үөрэнэр. Кэлин оҕо саас бу дьоллоох түгэннэрэ кини өйүгэр-санаатыгар умнуллубаттык иҥэн хаалыахтара буоллаҕа. Туох да кыһалҕата суох, көҥүл, оҕо саас кэмнэрэ…
Бырааһынньык курдук ылыныа суохтаах
Оттон оҕо куоракка хаайтаран олорор буоллаҕына, төрөппүт дьиэтээҕи үлэтин ааҕарын таһынан, сынньанарын, оонньуурун эмиэ хааччыйыахтаах. Элбэх киһи тоҕуоруһар сирдэригэр (киинэҕэ, кафеларга, оҕо кииннэригэр, маҕаһыыннарга, о.д.а.) сырытыннарбакка эрэ, күнүскү өттүгэр таһырдьа тахсан дьиэ таһыгар, эбэтэр пааркаҕа кыратык күүлэйдээн, салгын сиэн кэлиэххэ сөп.
Дьиэ иһигэр киинэ көрдөрөн, күрэхтэһии тэрийэн, эрэстэрээнтэн ас сакаастаан эмиэ аралдьытыахха сөп. Ол эрээри оҕо харантыыны бырааһынньык курдук ылыныа суохтаах. Дьиэтээҕи үлэтин толорору ирдээн, эбии сорудах биэрэн, үлэлиирин ситиһиллиэхтээх. Көмпүүтэри, төлөпүөнү хасыһарын хааччахтааҥ. Ол оннугар сарсыарда төһөҕө турарынан утуйан, сынньаныан, күүс мунньунуон наада.
Киэһэ ахсын остуол оонньууларын тэрийэн, айар үлэнэн дьарыктанан, дьиэ кэргэн бары түмсэн, бириэмэни көрдөөхтүк, туһалаахтык атаарыахха сөп.
Сүмэлээх сүбэлэр
Оҕону ыытан кэбиһэн баран, туохха болҕомтону ууруохха нааданый? Бастатан туран, ыалдьар түгэнигэр иһиэн сөптөөх эмтээх аптечканы бэрийэн ыытыахха наада. Элбэх киһи тоҕуоруһар сиригэр сырытыннарбат ордук. Сылдьар да буоллаҕына, мааскалаах буолуохтаах.
Ыарыы тарҕаммыт кэмигэр быраастан көҥүллэтэн, вируһу утарар эми сэрэтии быһыытынан (ыалдьа да илик буоллаҕына) иһэ сылдьыахтаах. Илиитин сууна, муннун ыраастана, күөмэйин сайҕана, ыстарына сырыттаҕына, оҕо ыарыыга дэбигис хаптарыа суоҕа.
Ыарыы саҥа киирэн эрдэҕинэ, тута эмтээтэххэ, хаптайар, устунан ыалдьымыахха да сөп. Ону тэҥэ, эрдэттэн иммунитеты бөҕөргөтөр миэрэлэр (киэһэ ахсын атаҕы суунуу, сөрүүн, тымныы уунан куттуу, инчэҕэй таҥаһынан соттуу, битэмииннэри, иҥэмтиэлээх астары аһааһын, о.д.а.) туһалаахтар.
Харантыын түмүктэннэ буолан баран, ыарыы өссө да намырыы илик. Онон, бу сүбэлэри туһанан, оҕолоргут, бэйэҕит доруобуйаҕытын харыстаныҥ. Ыалдьымаҥ, доруобай буолуҥ!
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru