Оҕо быраабын көмүскүүр боломуочунай Туйаара Васильева  

Ааптар: 
03.05.2022
Бөлөххө киир:

Муус устар 19 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев ыйааҕынан Оҕо быраабын көмүскүүр боломуочунай дуоһунаһыгар Туйаара Васильева анаммыта. Бүгүн Туйаара Валерьевна –  биһиги хаһыаппыт ыалдьыта.

 

Оҕо саас – олох сүрүн кэрчигэ

— Туйаара Валерьевна, бэйэҥ тускунан, төрөөбүт дойдуҥ, төрөппүттэриҥ туһунан сырдатыаҥ дуо? 

– Аҕам Валерий Павлович Прокопьев Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх. Норуот учуутала Михаил Алексеевка үөрэммит. Аҕам оҕо сааһыттан көтүөн баҕарара эбитэ үһү. Эбэм уолугар Валерий Чкалов аатын биэрбит. Ол иһин буолуо, аҕам Ригатааҕы Гражданскай авиация инженердэрин институтун бүтэрбитэ. Устудьуоннуур сылларыгар Ригатааҕы биир дойдулаахтар түмсүүлэрин бастакы бэрэсидьиэнэ этэ. Дьоҥҥо куруук көмөлөһө сатыыр, болҕомтолоох сыһыаннаах этэ. Өрөспүүбүлүкэ авиацията атаҕар туруутугар, сайдыытыгар олоҕун 40-тан тахса сылын анаабыт киһи буолар. РФ Аэрофлотун туйгуна, РФ үлэ бэтэрээнэ, Саха сирин авиа­циятын бэтэрээнэ.  Олохтон барбыта балтараа сыл буолла. Ийэм Елизавета Николаевна Хаҥалас улууһуттан төрүттээх. Кини эмиэ оҕо эрдэҕиттэн туох идэлээх буоларын чопчу билэр этэ. Ол курдук, кыра сааһыттан быраас буолан, дьоҥҥо көмөлөһөр санаалааҕа. 40-тан тахса сыл невролог быраа­һынан үлэлээбитэ. Доруобуйа харыстабылын туйгуна, РФ үлэ бэтэрээнэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

Мин Дьокуускай куоракка үөрэммитим, улааппытым. Үрдүкү кылаастарга Үөһээ Бүлүүтээҕи физика-математика хайысха­лаах оскуолаҕа үөрэммитим. Аҕам суолунан Ригатааҕы гражданскай авиация институтугар  киирбитим. Оҕо сааһым наһаа сырдык уонна дьоллоох этэ. Оҕо олоҕо салгыы хайдах салаллара оҕо сааһыттан улахан тутулуктаах, онон былыта суох халлаан курдук сырдык буоларыгар төрөппүт бары күүһүн, кыаҕын ууруохтаах дии саныыбын.

Төрөппүттэрим үлэлэригэр наһаа бэриниилээхтэрэ. Ол да буоллар, быыс булан биһиэ­хэ болҕомто ууран, төрөппүт быһыытынан олус кыһамньылаах­тара.  Оҕо эрдэхпитинэ остуоруйа кэпсээн, саахымат турнирдарын тэрийэн, бары бииргэ сир астаан, саас хайыһар­даан бириэмэбитин бэркэ атаарарбыт. Хас өрөбүл ахсын ийэбитин кытта туох эрэ минньигэһи астыырбыт. Оттон сайыҥҥы сынньалаҥнарга эһээбит аахха са­­йылыы барарбыт. Онно туох баар сиэн оҕолор бары мустар буоларбыт. Эһээбит  Николай Иванович Протодьяконов эбэбит өлбүтүн кэннэ соҕотоҕун биэс кыыһын иитэн улаатыннарбыт. Тулаайах буолан, оҕо сааһыттан улахан эйэлээх дьиэ кэргэннээх буолар баҕа санаалааҕа эбитэ үһү. Биһиги, сиэннэрэ, тиийдэхпитинэ наһаа үөрэрэ. Эһээм 50-тан тахса сыл Хаҥалас улууһугар үлэлээбитэ. СӨ бочуоттаах суол оҥорооччута. Маны сэргэ оҕо сылдьан Үөһээ Бүлүү улууһугар эбээбитигэр Мария Евдокимовна Прокопьеваҕа эмиэ тиийэрбит. Кини уһун кэмҥэ сопхуоска управляющайдаабыта. Мындыр өйдөөх, киэҥ билиилээх, уопуттаах салайааччы этэ. Биир дойдулаахтара киниэхэ олус ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллара. Баара буоллар, өрөспүүбүлүкэбитин кытта тэҥҥэ 100 сааһын бэлиэтиэ эбитэ буолуо.

Оҕоҕо гаджет бэлэхтииргэ ыксаамаҥ

– Туйаара Валерьевна, эн элбэх оҕолоох ийэҕин. Билигин гаджет, социальнай ситим, интэриниэт сайдыбыт кэмигэр оҕону хайдах сөптөөхтүк иитиэххэ сөбүй? Тус уопуккуттан эдэр төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Оҕо-оҕо араас буолар. Онон хас биирдии оҕоҕо туспа сыһыан наада. Мин биэс оҕолоох­пун, бары туспа майгылаах-сигилилээх дьон. Оҕону мөҕөн-­этэн буолбакка, бэйэ холобурунан иитэр ордук дии саныыбын. Сыыһаны-халтыны оҥордоҕуна да наһаа саҥарбакка, кини туох үчүгэйи оҥорбутугар, ханнык үчүгэй хаачыстабалааҕар болҕомто ууран кэмигэр хайгыыр туһа­лаах. Оҕоҕун атын оҕолору кытта тэҥниир наадата суох. Хас биирдии оҕо бэйэтэ уратылаах буолар. Успуордунан дьарык­таналларын ситиһиҥ, үҥкүүгэ сырытыннарыҥ диэм этэ. Оччоҕо доруо­буйата, уйулҕата бөҕө буолар. Элбэхтик кэпсэтиҥ. Төрөппүт тугу гыммыта барыта тапталынан эрэ ситимнэниэхтээх. «Тебе никогда не придется сожалеть о времени, проведенном с детьми – жалеть будет тот, кто этого не сделал» диэн олус мындыр этии баар, хас биирдии төрөппүт бу этии­нэн сирдэтинэрэ буоллар диэн этиэм этэ. Мин кэлиҥҥи кэмҥэ эдэр төрөппүттэр кыра саастаах оҕоҕо төлөпүөн туттаран кэбиһэл­лэрин үгүстүк бэлиэтии көрөбүн. Итинник төрөппүт кэлин оҕотун болҕомтотун ылара уустугурар.

Оҕону кытта алтыһыы, кинини киэҥ олох эйгэтин кытта билиһиннэрии кинигэттэн саҕаланыахтаах дии саныыбын. Бу ха­­йаан да олох кыра сааһыттан буукубаны үөрэтэн кинигэни аахтарыы буолбатах, төрөппүт бэ­­йэтин ийэ тылынан остуоруйа­лаан, дорҕоонноохтук ааҕан биэрэр ураты аптаах кэмэ. Оҕо төрөппүт кыһамньытын, тапталын бу алтыһыы нөҥүө иҥэринэр, билэр.  Бэлиэтээн эттэххэ, хаһан баҕарар ааҕар оҕо саас­тыылаахтарыттан сайдыы­лаах, таһыма үрдүк буолар. Тыла-өһө, толкуйдуур дьоҕура сайдар. Дьоҥҥо-сэргэҕэ сатаан сыһыаннаһар. Онон оҕоҕо гаджеты эрдэ бэлэхтииргэ ыксаамаҥ, төһөнөн оҕо хойут гаджетынан үлүһүйэр да, соччонон кини киһи быһыытынан сайдар, үүнэр.

Дьиэ кэргэним – эрэллээх эркиним

– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсиэҥ дуо, үлэҕин уонна дьиэ кэргэҥҥин хайдах дьүөрэлии тутаҕын?

– Дьиэ кэргэним – эрэллээх эркиним. Мин күүһү-сэниэни, тапталы барытын дьиэ кэргэммиттэн сомсобун. Биһиги ыал буол­буппут быйыл 25 сыла. Дьиэ кэргэн олоҕор саамай сүрүнэ – бэ­­йэ-бэйэни буолбакка, биир хайысханы көрүү улахан оруоллаах диэн этиэм этэ. Биһиги олоҕу көрүүбүт, оҕону иитиигэ сыһыаммыт эмиэ майгыннаһар. Туохха барытыгар көмөлөсүһэ, өйөһө сатыыбыт. Кини урбаанньыт. Ол эрээри уопсастыбаннай дьыаланан эмиэ дьарыктанар. Эрэгийиэннээҕи элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни түмэр «Большая семьЯ» түмсүү бэрэссэдээтэлэ буолар. Хомуньуус баартыйа чилиэнэ. Ааспыт сыл сайыныгар биир бастакынан Горнай улууһугар турбут ойуур баһаарын умулларыыга көмөлөһө барбыта уонна СӨ ойуур баһаарын умулларыыга Добровольческай ыс­­таап бэрэссэдээтэллэриттэн биир­дэстэринэн буолбута.

Кэргэним – чугас доҕорум, сүбэһитим, олус өйдөөх уонна киһи быһыытынан кэрэ. Олохпор таптыыр сүрүн киһим, оҕолорум аҕалара, көмүскэлим, өйөбүлүм буолар. Онон кэргэним төрөппүттэригэр үчүгэй киһини иитэн таһаарбыттарыгар наһаа махтанабын.

Оҕолорбун кыра саастарыттан дьиэ-уот үлэтигэр үөрэппит буоламмын, барытын сатыыллар. Аһы да астыыллар, дьиэни-уоту да хомуйаллар.

Улахан кыыспыт Новосибир­скайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрбитэ. Билигин Москваҕа олорор, үлэлиир.

Кыра кыыс Москватааҕы М.В.Ломоносов аатынан судаа­рыстыбаннай университекка үһүс кууруска үөрэнэр. Улахан уолбут Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй 11-с, орто уол В.П. Ларионов аатынан физика-тиэхиньиичэс­кэй лиссиэй 9-c кылаастарыгар үөрэнэллэр. Кыра уол –  бастакы кылаас. Дьиэ кэргэнтэн бу олоххо уопсастыба төрүттэнэр. Хас биирдии киһи дьолго тардыһар, ол туһуттан дьиэ кэргэни таптыахха, харыстыахха наада. Туох барыта үлэттэн саҕаланар. Дьиэ кэргэни, үлэлиир үлэбитин таптыахтаахпыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһаны аҕаларга дьулуһуохтаахпыт.

Үлэбэр былааннарым

– Үлэҥ бастакы нэдиэлэтэ хайдах ааста. Инники былааннаргын сырдатыаҥ дуо?

– Муус устар 19 күнүгэр СӨ Ил Дархана миигин Оҕо быраабын боломуочунайа дуоһунаска аныыр туһунан ыйааҕа тахсыбыта. Ол күн миигин оҕону иитэ ылбыт дьиэ кэргэттэри кытта көрсөр “төгүрүк остуолга” ыҥырбыттара.

Билигин уопсастыбабытыгар тулаайахтар 90%-нара – социальнай тулаайахтар буолаллар. Ол иһин дьиэ кэргэн сыаннаһын, үтүө үгэстэрин үрдэтиигэ үлэ ыытыллыахтаах. Оҕо дьиэ кэргэҥҥэ улаатыахтаах. Аҕа дойду сэриитин саҕана төгүрүк тулаа­йах хаалбыт оҕолор иитэр дьиэлэргэ бараллара. Оттон билигин, хомойуох иһин, икки төрөппүтэ тыыннаах эрээри, маннык иитэр дьиэлэргэ барар оҕо ахсаана элбэх. Ол иһин оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэттэри өйөөһүн олус наада. Ол иһин «Иитэ ылар дьиэ кэргэн туһунан» сокуону ылыныыга үлэлэһиэм. Уопсастыбаннай уонна сыаналыыр (экспертнэй) сэбиэти тэрийии туһунан этии киллэрбитим. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Валерьевна Балабкинаны кытта көрсүбүтүм. Биһиги оҕону көмүскүүр саамай сытыы боппуруостары кэпсэтистибит. Ону сэргэ, СӨ борокуруора М.Н.Поповы кытта көрсүбүтүм, бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэҥ түһэристибит. Ил Түмэн Сүбэ мунньаҕын Кэмитиэтигэр «О совершенствовании мер, направленных на профилактику семейного неблагополучия, социального сиротства через развитие сети учреждений социального обслуживания семьи и детей» диэн тиэмэлээх “төгүрүк остуолга” кытынным. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Семью сплотить сумеет мудрость книг» диэн дьиэ кэргэн куон­куруһугар дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтим. Манна уопсайа өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 96 дьиэ кэргэн кыттыыны ылбыта. Бэлиэтээн эттэххэ, куонкурус номнуо 13-c төгүлүн «ДТК-центр чтения» баазатыгар олоҕуран Оҕо быраабын көмүскүүр боломуочунай уонна «Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо пуондатын аатыттан ыытыллар.

Инникитин РФ Оҕо бы­­раабын көмүскүүр боломуочунай Мария Львова-Белованы кытта көрсүһүүнү былаанныыбын. Ону таһынан, тустаах министиэристибэлэри, биэдэмистибэлэри, төрөппүт сэбиэттэрин кытта сөбүлэҥ түһэрсэн бииргэ үлэлэһэр былааннаахпын.

Түмүкпэр, хас биирдии оҕо хаачыстыбалаах үөрэҕи ыларыгар, доруобуйатын көрдөрүнэригэр, сайдарыгар-үүнэригэр усулуобуйаны тэрийиигэ бэйэбиттэн тутулуктааҕы барытын оҥорорго кыаҕым баарынан үлэлэһэргэ дьулуһуом  дии саныыбын.

Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0