— Мин саныахпар, эмчит идэтин бу идэни дириҥник ытыктыыр эрэ киһи талар. Тоҕо диэтэххэ, үрүҥ халааттаах аанньал хас биирдии киһиэхэ алмаас таас курдук доруобуйаны, чөл, дьоллоох олоҕу баҕарар уонна ол туһугар бэйэтин олоҕун аныыр. Онон, эмчит курдук ыарахан, ол эрэн махталлаах идэни талбыт дьону бэриниилээх, хорсун дьонунан сыаналыыбын, – диэн оҕо сыстыганнаах ыарыыларын балыыһатын кылаабынай бырааһа, м.н.к., РФ уонна СӨ доруобуйаларын харыстабылын туйгуна Софья Александрова биир идэлээхтэрин Эмчит күнүнэн ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлиир.
Ситиһиилэрбититтэн сэмээр үөрэбит
Урут «Дьокуускай куораттааҕы оҕо 2 №-дээх клиническэй балыыһата» диэн аатынан биллэр тэрилтэ бу сылга ситиһиилэрэ элбэх. Ол туһунан Софья Лаврентьевна бырааһынньыгы көрсө үөрэн-көтөн туран сэһэргээтэ:
– Бастатан туран, урукку ааппытын уларытан «Оҕо сыстыганнаах ыарыыларын балыыһата» диэн анал туругу ыллыбыт. Онон, урут оҕо уопсай ыарыыларын эмтиир курдук буоллахпытына, билигин чопчу биллэр хайысханан үлэлиэхпит. Маныаха СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Александр Горохов бэйэтин кэмигэр биһигини өйдөөн өйөөбүтүгэр махталбыт улахан. Кини өйөбүлүнэн өссө балыыһабыт дьиэтин кэҥэтэн тутуохтаах этибит. Ити кэскиллээх бырайыагы саҥа миниистирбит Михаил Охлопков салгыы өйүүрүгэр улаханнык эрэнэбит.
Биллэрин курдук, сыл аайы араас инфекция эбиллэ турар. Министиэристибэбитин уонна доруобуйа харыстабылын куораттааҕы управлениетын кытары биир санаанан үлэлиир буоламмыт, ыарахан ыарыылары утары охсуһабыт, ыарыһахтар кыһалҕаларын аҕыйата сатыыбыт. Холобур, быйыл Арассыыйа да, аан дойду да үрдүнэн улахан аймалҕаны таһаарбыт «сибиинньэ гириибин» утары бүттүүн турунан туран үлэлээтибит. Салайааччытыттан, бырааһыттан тутулуга суох күнүстэри-түүннэри приемҥа олорон, түбүктээх үлэбит түмүктээх буолла. Матрена Тогуллаева, Наталья Слепцова, Ариан Сергеев уо.д.а. курдук салайааччылар уонна эмчиттэр бэйэлэрин харыстаммат үлэлэрэ кэлэктиип хас биирдии киһитигэр үтүө холобурунан буоллулар.
Иккиһинэн, медицинскэй сиэстэрэлэрбит бүтүн Арассыыйатааҕы төрдүс форумҥа үһүс миэстэ буолан кэллилэр. Кинилэр «сибиинньэ гириибэ» өрө турар кэмигэр үлэлээбит түмүктэринэн ситиһии кынаттанан кэлбиттэрэ.
Үсүһүнэн, биһиги балыыһабыт каадырдара салайар үлэҕэ ананалларынан киэн туттабыт. Үс бырааспыт: Наталья Слепцова Оҕо дьиэтигэр кылаабынай бырааһынан, Иван Оконешников Томпо улууһугар кылаабынай бырааһынан, Ариан Сергеев СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин көмөлөһөөччүтүнэн ананнылар.
Төрдүһүнэн, доруобуйа харыстабылын салаатыгар ыытыллар дьаһалларга туора туран хаалбаппыт. «Үлэ харыстабыла» куораттааҕы куонкуруска хаһыс да сылын бастакы миэстэҕэ сылдьабыт.
Бэриниилээх үлэһиттэрдээхпит
1980-с сыллартан харыс да халбарыйбакка үлэлиир быраас Матрена Тогуллаеваҕа бу балыыһаҕа эмтэммит үгүс төрөппүт махтал тылларын аныыр. Матрена Афанасьевна быйыл СӨ үтүөлээх бырааһын аатын ылла. Кини илиитигэр киирбит кырачаан киһи доруобуйата чөлүгэр түһэригэр, эмтэнэригэр сүүс бырыһыан итэҕэйэҕин. Уопсайынан, оҕо балыыһатын хас биирдии үлэһитэ куруук эбии үөрэнэр, идэтин таһымын үрдэтэр. Софья Лаврентьевна этэринэн, бэйэҥ үөрэммэтэххинэ, бу олоххо тугу да ситиспэккин. Ол да иһин, доруобуйа харыстабылын аныгы ирдэбиллэригэр, уларыйыыларыгар ананар конференциялар үгүстэрэ оҕо бырааһын кыттыыта суох ааспаттар.
2011 с. лор отделениета аһыллыыта куорат уонна өрөспүүбүлүкэ элбэх кыһалҕатын быһаарда. Тоҕо диэтэххэ, бу иннинэ лор отделение Медицина национальнай киинигэр эрэ баара, үрдүк технологиялаах ыарахан эпэрээссийэлэри манна эрэ оҥороллоро. Онтон оҕо балыыһатыгар 17 куойкалаах анал отделение аһыллыаҕыттан кырачааннары атын куоракка ыыта сатаабакка, оҕо балыыһатыгар бэйэлэрэ эмтиир, кэккэ эпэрээссийэлэри оҥорор буоллулар. Маныаха кылаабынай быраас СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччылар Людмила Вербицкая уонна Антонина Григорьева өҥөлөрүн тоһоҕолоон бэлиэтиир. Маны таһынан приемнай отделение аһыллыыта балыыһа эмчиттэрин үлэлэрин биллэ чэпчэттэ.
Ити курдук, балыыһа кылаабынай бырааһа Эмчит күнүн көрсө хас биирдии үлэһитигэр (барыларын ааттыан баҕарыыта – кыаллыбат суол) ис сүрэхтэн махтанан:
– Биһиэхэ каадырдар уларыйа туруулара тахсыбатын кэриэтэ. Эдэр быраастар кэлэн үлэлээн көрөн баран, үлэ ыараханыттан толлон тута бараллар. Ол оннугар уруккуттан үлэлиир бэриниилээх үлэһиттэрдээхпиттэн, салайааччы быһыытынан, астынабын.
Быраастарбыт Максим Тимофеев, Елена Хрюкина, Аграфена Егорова, Анастасия Лукачевская уо.д.а атын эдэр быраастарбыт төһөлөөх кырачааннары эмтээбиттэрэ, төрөппүттэргэ үөрүүнү-көтүүнү аҕалбыттара буолуой? Биһиги эр дьон быраастарбытынан эмиэ тутахсыйбаппыт. Киһи эрэ хайгыы көрөр эр дьон быраастара элбэхтэр. Кэрэчээн сиэстэрэлэрбит, балыыһа дьиэтэ ыраас буоларыгар күннэри-түүннэри түбүгүрэр санитаркаларбыт, асчыттарбыт үлэлэрэ тугунан да сыаналаммат, – диэн кэпсиир.
Төрөппүтү эмиэ «эмтиибит»
Балыыһабыт оҕо тэрилтэтэ буоларынан, ирдэбиллэрэ да уратылаах. Холобур, оҕо ыарыйдаҕына, икки киһи ыалдьар. Ол эбэтэр оҕо төрөппүтүн, бүтүн дьиэ кэргэни эмиэ «эмтиэхпитин», кинилэри кытары сөптөөх үлэни ыытыахпытын наада. Оҕо ыарыйдаҕына, ийэ икки төгүл ыалдьар. Ийэ оҕотун доруобуйата чөлүгэр түһэригэр уонна эмчиттэргэ эрэллээх буоллаҕына, кини оҕото түргэнник үтүөрэр. Кэлэктииппитигэр этика уонна деонтология боппуруостарыгар сотору-сотору кэпсэтэбит. Эмчиттэрбитигэр: «Ыарыһах оҕолор төрөппүттэрин оннуларыгар бэйэҕитин туруорунан көрүҥ. Оҕоҥ ыарыйдаҕына, хайдах буолуоҥ этэй?.. Төрөппүт кыыһырар, эмчит үлэтиттэн астыммат да буоллаҕына, ол эйиэхэ куһаҕаны баҕарартан буолбатах, оҕотугар кыһалларыттан, санааргыырыттан тахсар» диэн санааны иитиэхтиибит.
Идэни үрдэтии эрэйиллэр
Балыыһа кэлэктиибэ оҕо сыстыганнаах ыарыыларыгар анаан икки сылга биирдэ ыытар конференциятыгар куораттан эрэ буолбакка, улуустартан элбэх эмчит кыттар, билиитин хаҥатынар. Ону сэргэ «Когда болеет ребенок», «В помощь ухаживающим за больными детьми» диэн кинигэлэрэ ыарыһах оҕолорго эрэ буолбакка, хас биирдии төрөппүт остуолугар баар буолар кыахтаахтар.
Надежда ЕГОРОВА