Коронавируһу утары охсуһуу кэмигэр дойду баһылыга Владимир Путин хаһааҥҥытааҕар да социальнай эйгэҕэ болҕомто ууруллан, оҕолоох ыалларга, үлэтэ суох хаалбыт дьоҥҥо көмө миэрэлэрэ ылылыннылар диэн эттэ.
edersaas.ru
Ол курдук, үлэлээбэт төрөппүттэргэ оҕо босуобуйата икки төгүл үрдүүрүн туһунан иһитиннэрдэ.
— Үлэтэ суох хаалбыт дьоҥҥо, эдэр төрөппүттэргэ, оҕолоох устудьуоннарга көмө хайаан да наада, — диэн кини бэлиэтээтэ.
Оҕо көрөн олоруу босуобуйатын алын кээмэйэ 3375 солкуобайтан 6751 солкуобайга диэри улаатар диэн эттэ. Саха сиригэр бу үрдээбит суума 9452 солкуобайга тэҥнэһэр. Бу алын кээмэйи үлэтэ суохтар, устудьуоннар, чааһынай урбаанньыттар бастакы оҕолоругар ылар бырааптаахтар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1