НЮРГУЯНА ШАДРИНА: Тыйаатыр диэн өйбөр даҕаны суоҕа

20.08.2022
Бөлөххө киир:

Саха артыыстарын бэһис труппата М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищены бүтэрэн кэлбитэ быйыл лоп-бааччы сүүрбэ сыл буолла. Сүүрбэ сыл иһигэр артыыстарбыт идэтийдилэр, испэктээк, киинэ арааһыгар оонньоотулар. Кинилэр истэригэр Саха сирин култууратын бас-көс дьоно – П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын дириэктэрэ Петр Макаров, сүрүн режиссера Руслан Тараховскай, “Лена” киинэ тыйаатырын дириэктэрэ Алексей Егоров, “Сахафильмы” салайбыт Дмитрий Шадрин, артыыстар Татьяна Легантьева, Ильяна Павлова, Елена Маркова, Тамара Обутова, Нюргуяна Шадрина, Геннадий Турантаев, Василий Борисов, Дьулустаан Семенов, Федот Львов уо.д.а. бааллар.

Хаһыаппыт бүгүҥҥү дьоруойа Саха тыйаатырын артыыската – Нюргуяна Шадрина. Кини олоҕун, айар үлэтин туһунан кэпсэттибит.

“ЭН АРТЫЫСКА БУОЛУОХХУН НААДА”

— Мин Амма улууһун Болугур нэһилиэгиттэн сылдьабын. Оҕо эрдэхпиттэн ыллаан, үҥкүүлээн улааппытым. Ыллыырбын сөбүлүүрүм, ол иһин ырыаһыт буолуохпун баҕаран, тохсус кылаас кэнниттэн култуура кэллиэһигэр туттарсаары гыммытым. Ону төрөппүттэрим эрдэтэ бэрт диэннэр тохтообутум. Онтон 1998 сыллаахха оскуоланы бүтэрээри сылдьаммын психолог үөрэҕэр туттарсарга быһаарыммытым. Арай, биир күн кылааһым салайааччыта хаһыакка биллэрии тахсыбытын аҕалан: “Нюргуяна, Москваҕа Щепкин училищетыгар артыыс буолуон баҕалаах оҕолорго нобуор буолар эбит. Холонон көр, эн артыыска буолуоххун наада”, — диэтэ. Мин соһуйдум уонна толкуйданным. Оскуоланы бүтэрэр эксээмэннэрбин этэҥҥэ туттаран, Дьокуускайга үөрэххэ туттарса кэллим.

Нобуор Опера уонна Балет тыйаатырыгар ыытылынна, хас даҕаны түһүмэҕи ааһаммын, үөрэххэ киирэн хааллым. Миэхэ тыйаатыр диэн өйбөр да суох этэ. Биир да испэктээги көрбөккө сылдьан, күһүн Москваҕа тиийэн үөрэхпин саҕалаабытым. Кыыллары үтүктэбит, биридимиэти тыыннаан көрдөрөбүт. Бастаан утаа ханна, туох үөрэҕэр кэлэн хааллым диэн мунаахсыйбыппын өйдүүбүн. Билбэт эйгэбэр сыыйа-баайа киирэн салгыы үөрэнэн, түөрт сыл биллибэккэ ааспыта. 2002 сыллаахха училищены бүтэрэн кэлэммин Саха тыйаатырыгар үлэҕэ киирбитим. Быйыл үлэлээбитим сүүрбэ сыл буолла, — диэн хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта артыыс Нюргуяна Шадрина сэһэргэһиибитин саҕалыыр.

УЛАХАН ОРУОЛ ТУТА КЭЛБЭТЭҔЭ

— Сүүрбэ сыл араас оруоллары толордоҕуҥ, ол эрээри эйигин сүрүн оруолга аҕыйахта көрдүбүт. “Төлкөҕө” Маайа уонна бастакы оруолларын туһунан кэпсээ эрэ.

Василий Фомин “Сааскы кэм” туруоруутугар Аанчык оруолунан Саха тыйаатырын сыанатыгар артыыс быһыытынан сүрэхтэммитим. Салгыы “Биирдэ куоракка” Леди Капулеттины оонньообутум. Чэ, ити курдук оруоллар биир-биир кэлэн испиттэрэ. Артыыска кыра оруол диэн суох эрээри, мин үксүгэр иккис былаан оруолларын толоро сылдьыбытым. Сүрүн оруолу оонньуурбун испэр күүтэр этим. Ол эрээри, мин хаһан даҕаны маны улахан баҕа санаа дуу, сыал дуу оҥостубатаҕым. 2018 сыллаахха режиссер Руслан Тараховскай “Төлкө” испэктээккэ Маайа уобараһын эйиэхэ көрөбүн диэбитигэр олуһун үөрбүтүм. Бастакы улахан оруолум буолан уонна көрөөччү миигин бу оруолга хайдах ылыныай диэн олус долгуйбутум. “Төлкө” сыанаҕа хас туруутун аайы көрөөччү саалата толору буолар. Онон дьон-сэргэ туруорууну биһирээбит, сөбүлээбит диэн астыммытым. Кэлин Андрей Саввич Борисов “Кэт Марсдеҥҥа” уонна “Төлкөҕө” табыллан оонньоотуҥ диэн бэлиэтээбитэ.

— Хайдах оруолларга табыллан оонньуугунуй?

— Артыыска хас биирдии оруола күндү буолар. Ол эрээри майгыннаһар уобарастары оонньуур интэриэһинэйэ суох буолааччы. Артыыс биир халыыпка киирэн хаалбакка, араас оруолу барытын оонньуохтаах. Мин билигин араас, бэйэ-бэйэтиттэн ураты оруоллардаахпар махтанабын.

БАҔА САНАА ОРУОЛА

— Хайа баҕарар артыыс баҕа санаа оҥостор оруоллаах буолар үһү диэни истэн аһардыбытым. Бэйэҕин ханнык оруолга көрөҕүн?

— Мин моно-испэктээккэ оонньуохпун, араас бэстибээллэргэ кыттыахпын баҕарабын. Билигин кыралаан онно бэлэмнэнэн барсыах айылаах айымньылары көрөбүн, сыымайдыыбын.

— Өссө сыанаҕа тахсыах иннинэ артыыстарга араас үгэстэр бааллар дииллэр.

— Тыйаатыр сыаната – сибэтиэй. Артыыс итэҕэйэр үгэстэрин барытын тутуһабын. Испэктээк иннинэ хайаан да сыанабыттан барыта этэҥҥэ буоларыгар көрдөһөбүн. Сыананы харыстыыр, сыаналыыр буоллаххына, кини эйиэхэ эмиэ көмөлөһөр.

— Сыанаҕа көһүппэтэх өттүгүттэн араас түбэлтэ буоллаҕа.

— Пандемия кэнниттэн үлэбэр тахсан “Махтанабын эйиэхэ” испэктээккэ оонньуу сылдьан тылбын умнан кэбиспитим. Өйбөр биир даҕаны тыл сатаан киирбэтэ, бииргэ оонньуур уолум кэтэспиттии, соһуйбуттуу көрөн турар эбит. Маннык түбэлтэлэргэ артыыс артыыһы быыһыы охсуохтаах. Хата, сирэйбиттэн-харахпыттан тута сэрэйдэ быһыылаах, балаһыанньаттан быыһаабыта. Бу үлэлээбитим тухары сыанаҕа бастакыбын тылбын умнубутум. Оо, онно бэйэм-бэйэбиттэн соһуйдахпын! Ыарыы кэмигэр дьиэҕэ өр олорон, сыананы ахтан долгуйаммын итинник таҕыстаҕа.

“ТИЭТЭЙБИТТЭН” ТЫЫН ЫЛАН

— Нюргуяна, эйигин бастакыбын 2006 сыллаахха Сергей Потапов устубут “Тыын” киинэтигэр көрбүтүм. Ол кэнниттэн былырыын Роман Дорофеев “Тиэтэйбитигэр” тыла суоҕу оонньооҥҥун барыбытын соһуттуҥ дии.

— Бастакыбын “Тыыҥҥа” уһуллубутум, ол кэнниттэн тохтобул буолбута. Биирдэ санаам түһэн олорон, тыйаатырга сүрүн оруолум суох, киинэҕэ да кыралаан эрэ уһуллабын, ол аата мин артыыс буолбатахпын, идэбин сыыһа талбыппын быһыылаах диэн толкуйдар киирэн ылбыттара. Бу кэмҥэ үлэ баар, ол аата харса суох үлэлиэхтээхпин диэн ол санаабын тута уларытан, кими дуу, тугу дуу күүтэн олорор сатамматын өйдөөбүтүм. Кырабын оҕолонон баран үлэбэр тахсан, оҕолору кытта үлэлиэхпин баҕаран “Күн оҕолоро” диэн тыйаатырбыт иһинэн устуудьуйа тэрийэн үлэлэппитим. Оҕолор олус интэриэһиргээн сылдьыбыттара, испэктээк арааһын таһааран бэстибээллэргэ кыттан кыайбыппыт. Олорон хаалбакка харса суох бэйэни көрдөрөн иһиэххэ, сайдыахха, үлэни таптыахха, талбыт идэҕэ бэриниилээх буолуохха наада эбит. “Тиэтэйбиккэ” тыла суоҕу оонньообуппун кэнниттэн бырайыактарга утуу-субуу ыҥыран киирэн барбыттара. Бу иннинэ камераттан наһаа куттанар этим. Киинэҕэ уһуллан көрөн баран, аны киинэтэ суох табыллыбат курдук буолан бардым.

Билигин иэйиим уһуктан, арыллан, айар-тутар санаам көтөҕүллэ сылдьар кэмим. Араас бырайыактарга үлэлэстим, уһуллубут киинэлэрим тахсаары тураллар. “Не хороните меня без Ивана” уонна “Там, где танцуют стерхи” киинэлэр сотору кэминэн көрөөччү дьүүлүгэр тахсыахтара.

ДЬИЭ КЭРГЭН, ИЭЙИИ, СЫННЬАЛАҤ

Нюргуяна артыыс, режиссер, продюсер Дмитрий Шадринныын устудьуоннуу сылдьан ыал буолбуттара. Шадриннар үс оҕолоохтор: улахан уоллара Москваҕа устудуьоннуур, бастакы кууруһу бүтэрдэ, кыыстара тохсус кылааһы бүтэрдэ, кыра уоллара бастакы кылааска киирэр. Нюргуяна оҕолоруттан иэйии ылан, үлэҕэ, олоххо кынаттанарын бу курдук кэпсиир:

— Мин оҕолорбуттан, дьиэ кэргэммиттэн иэйии ылабын. Улахан оҕолорбут артыыс идэтиттэн ыраахтар, кыра уолбут ыллыырын-үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр, көстөн иһиэҕэ. Кэргэмминээн биир эйгэҕэ үлэлиир буолан, бэйэ-бэйэбитин олус өйдөһөбүт, санаа атастаһарга, кэпсэтэргэ, сүбэлэһэргэ судургу. Дмитрий тыйаатырга улахан оруолларбын көрбүтэ, “Төлкөнү” наһаа сөбүлээбитэ. Уруккуга тэҥнээтэххэ, билигин сыанаҕа аһыллаҕын, оруолгар чэпчэкитик киирэҕин диир. Манна диэн эттэххэ, кини тыйаатырын сыанатын олус суохтуур. Аны биирдэ эмит киинэҕэ иккиэн тэҥҥэ оонньоон көрүөхпүтүн баҕарабыт.

— Ырыа айарыҥ туһунан истибитим.

— Испэктээк кэмигэр оруолбун кэтэһэ таарыйа гитаранан ыллааччыбын. Урут устудьуоннуу сылдьан хоһооҥҥо матыып айааччыбын. Умна быһыытыйан баран, бу соторутааҕыта Сиэн Кынат “Оҕо саас” диэн хоһоонун матыыптаатым. Ырыам сотору тахсан, дьон истиэҕэ диэн эрэллээхпин.

— Тыйаатыр саҥа сезона арыллара чугаһаата. Сайыҥҥын хайдах атаардыҥ?

— Сайынын Саха сирин кэрийэрбин, айылҕаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн. Дойдубар Болугурга сайылыктаахпыт, онно тиийэн өрүскэ астына дуоһуйа сөтүөлээн, сир астаан сынньалаҥы биллим. Хаандыгаҕа хайалары көрбүтүм. Ааспыт нэдиэлэҕэ Тааттаҕа тиийэн Мандар Уустуун билистим, кэпсэттим, Моҕол ураһатын илэ көрдүм.


Кэпсэтиибит түмүгэр Нюргуяна бу олоххо киһиэхэ олус элбэх кыах бэриллэр, ону сөпкө туһаныахха, киһиэхэ киһилии сыһыаннаһыахха диэн олоҕор тутуһар санаатын үллэһиннэ.

Айтана Аммосова.

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0