Ньюргуна Соколова: “Орто анал үөрэх –  аныгы кэм ирдэбилэ”

Ааптар: 
22.07.2019
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыларыттан эрэдээксийэҕэ орто анал үөрэххэ сыһыаннаах үгүс ыйытыылар киирэллэринэн сибээстээн, соторутааҕыта “төгүрүк остуолу” тэрийэн ыыппыппыт. Манна докумуону тутууга саҥа уларыйыылар, бүддьүөт уонна төлөбүрдээх миэстэлэр, чэпчэтиилэр, саҥа идэлэр тула кэпсэппиппит.

edersaas.ru


Тэрээһиҥҥэ СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы Ньюргуна Соколова,  министиэристибэ үөрэххэ ылыы хампаанньатын эрэгийиэннээҕи координатора Анжелика Игнатьева, орто үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара, Дьокуускай куораттааҕы 2-с №-дээх оскуола учуутала, кылаас салайааччыта Лена Кочкина уонна үөрэнээччилэрэ кыттыбыттара.

6422 бүддьүөт миэстэтэ

Миниистири солбуйааччы Ньюргуна Соколова: — Орто анал үөрэх кыһалара докумуону бэс ыйын 20 күнүттэн тутан саҕалыыллар. Быйыл 6422 бүддьүөт миэстэтэ көрүллүөҕэ. Оттон төлөбүрдээх миэстэни лицензияларыттан уонна инфраструктураларыттан көрөн, кэллиэстэр, тиэхиньикумнар бэйэлэрэ быһаараллар. Сыллата, быһа холоон, 2500 төлөбүрдээх миэстэ аһыллар.

Уларыйыылар

Ньюргуна Соколова: — Ааспыт сылга диэри аттестат орто баалын көрөллөрө, быйыл РФ Үөрэҕин министиэристибэтэ уларытыылары киллэрдэ. Онно олоҕуран, үөрэнээччи аттестатын уопсай баалын көрөн, эбэтэр чопчу туттарсар үөрэххэ сыһыаннаах биридимиэттэрин талан ылан, орто баалы таһаарыан сөп. Холобур, тиэхиньиичэскэй хайысхалаах үөрэхтэргэ математика, физика, информатика киириэн сөп. Ону хас биирдии орто үөрэх тэрилтэтэ бэйэтэ быһаарар. Билиҥҥи туругунан, бары кэллиэстэр аттестат орто баалынан тутар былааннаахтар. Ону сэргэ, 44 идэҕэ орто баалы таһынан, үөрэххэ киирэр тургутуулары (эксээмэннэри) ааһаллар. Манна айар үлэҕэ сыһыаннаах, мэдиссиинэ, педагогика, физическэй култуура, спорт хайысхалара киирэллэр.

Абитуриеннар үгүстэрэ Дьокуускай куоракка үөрэнэр баҕалаахтар. Онон куорат кэллиэстэригэр, тиэхиньикумнарыгар куонкурус быдан үрдүк буолар. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы педагогическай, медицинскэй, Дьокуускайдааҕы үп-экэниэмикэ кэллиэстэригэр куонкурус хаһан баҕарар үрдүк, 2000-ҕа тиийэ сайаапка киирэр. Ол гынан баран, үрдүк хамнастаах, үлэһит илии ирдэнэр сирдэрэ – бырамыысыланнай оройуоннар. Ити улуустарга эмиэ үөрэх улахан тэрилтэлэрэ бааллар (Нерюнгритааҕы Саха сирин соҕурууҥҥу кэллиэһэ, Алданнааҕы политехническэй тиэхиньикум, Мирнэйдээҕи региональнай-тиэхиньиичэскэй кэллиэс). Ити улуустарга сыллата 300-400 босхо миэстэлэр көрүллэллэр.

Быйыл СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов көҕүлээһининэн, ситимнээх бырагырааманы саҕалаан эрэбит. Этиллибитин курдук, үлэ миэстэтэ бырамыысыланнай оройуоннарга баар, үөрэххэ туттарсааччылар үгүстэрэ тыа улуустарыттан сылдьаллар, онон бары Дьокуускай куоракка үөрэниэхтэрин баҕараллар. Инньэ гынан, быйылгыттан түөрт кэллиэс – Нерюнгритааҕы Саха сирин соҕурууҥҥу кэллиэһэ, Алданнааҕы политехническэй тиэхиньикум, Мирнэйдээҕи региональнай-­тиэхиньиичэскэй кэллиэс уонна Хаандыгатааҕы хайа-геологическай тиэхиньикум абитуриеннартан докумуоннары Дьокуускай куоракка тутуохтара уонна маҥнайгы куурустарын куоракка үөрэтиэхтэрэ. Устудьуоннар бастакы кууруһу түмүктээн баран, иккис-үһүс куурустарга үөрэххэ киирбит сирдэригэр, улуустарга баран үөрэниэхтэрэ.

Докумуону тутуу

Министиэристибэ үөрэххэ ылар хампаанньатын координатора Анжелика Игнатьева: — Орто анал үөрэх тэрилтэлэрэ бары докумуоннары бэс ыйын 20 күнүттэн тутан саҕалаатылар. Атырдьах ыйын 10 күнүгэр диэри тургутуулаах идэлэргэ, онтон атыттар атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри тутуохтара. Ону таһынан, от ыйын 25 күнүттэн атырдьах ыйын 23 күнүгэр диэри орто үөрэхтэргэ киин тутар хамыыһыйа үлэлиэҕэ.

Сокуон быһыытынан, үөрэх тэрилтэлэрэ докумуоннары миэстэтигэр улуустарга ылыахтаахтар. Ол гынан баран, кэлиҥҥи уонча сыл орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр киин тутар хамыыһыйа үлэлиир. Бары үөрэх кыһалара биир сиргэ олорон абитуриеннартан докумуоннары туталлар. Бу ордук табыгастаах.

Ньюргуна Соколова: — Докумуон тутуутугар саҥаны киллэрии эмиэ баар. Быйыл орто үөрэххэ туттарсар абитуриеннартан докумуоннарын судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорор портал (портал государственных услуг) e-yakutia.ru нөҥүө электроннайынан ылыахпыт. Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар регистрациялаах (тус кэбиниэттээх) буолуон наада. Маныаха түөрт эрэ докумуон (пааспар, хаартыска, аттестат, сайабылыанньа) ирдэнэр. Быйыл электроннайынан үп-экэниэмикэ, педагогическай, Сибээс уонна энергетикэ, Покровскайдааҕы кэллиэстэр уонна Алданнааҕы политехническэй, Тырааныспар тиэхиньикума ылыахтара.

Саҥа идэлэр

Ньюргуна Соколова: — Бүддьүөт миэстэтигэр быйыл алта саҥа идэни арыйабыт. Холобур, Жатайга улахан тутуу ыытылларынан сибээстээн, Жатайдааҕы тиэхиньикумҥа механизатор-докер идэҕэ 25 босхо миэстэни көрдүбүт. Туох баар материальнай-тиэхиньиичэскэй базанан, лабораториянан хааччылынна, үөрэтэргэ лиссиэнсийэлээхтэр.

Дизайн уонна технология кэллиэһэ

Дириэктэр Елена Яковлева: —Биһиги кэллиэспитигэр биир миэстэҕэ биэс-алта киһи куонкурустаһар, оттон дизайн идэтигэр сыл аайы уонтан аҕыйаабат. Былырыын “графическай дизайн” диэн саҥа идэ аһыллыбыта. Онно биир миэстэҕэ 11 киһи этэ. Бу идэҕэ эрэ 11-с кылаас кэнниттэн ылабыт, онтон атыттарга барытыгар 9-с кылаас базатынан ылабыт. Орто баал – 4,6. Оҕолор айар тургутууну ааһаллар (уруһуйдууллар).

Биһиэхэ иис өттүгэр идэбит элбэх. Хотугу эрэгийиэҥҥэ олорорбут быһыытынан, түүлээх таҥас хаһан баҕарар наада. Арассыыйа үрдүнэн түүлээх таҥаһы тигэргэ үөрэтэр үс эрэ үөрэх тэрилтэтэ баар: биһиги, Казаньнааҕы уонна Горно-Алтайскайдааҕы кэллиэстэр. Кинилэри кытта уопут атастаһыытыгар күүскэ үлэлэһэн эрэбит. Быйылгы үөрэх дьылыгар икки устудьуон Казаньҥа баран үөрэнэн уонна түөрт преподаватель уопут атастаһан кэллилэр.

Саастаах дьоҥҥо аналлаах араас куурустары, маастар-кылаастары эмиэ ыытабыт. Хаһан баҕарар бөлөх тэрилиннэ да үөрэтэбит.

Эппитим курдук, дизайн идэтиттэн ураты бары идэлэргэ 9-с кылаас аттестатынан үөрэххэ ылабыт. Үөрэнэллэрин тухары быраактыка бараллар. Тэрилтэлэр быраактыка кэмигэр үлэлиир баҕалаах устудьуоннары үлэҕэ ылаллар. Сорохтор дойдуларыгар тиийэн үлэлииллэр, аҕыйах оҕо урбаанньыт быһыытынан бэйэлэрэ тэрилтэ тэринэллэр. Үрдэтиниэн баҕалаах устудьуон элбэх. Ол иһин сыллата кыччаабыта 14 % үөрэххэ киирэр. Санкт-Петербурдааҕы технология уонна дизайн университетыгар эмиэ үөрэнэллэр. Холобур, былырыын “көстүүм дизайна” идэҕэ киирбит биир кыыс университет Пушкин куоратыгар баар филиалыгар ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар. Санкт-Петербург уонна Ленинградскай уобалас устудьуоннарын ортолоругар “көстүүм дизайна” хайысхаҕа бастыҥ түмүгү көрдөрдө. Устудьуоннарбыт ити курдук ситиһиилэрэ үгүс.

“Оскуола үөрэнээччилэригэр кэпсээҥ”

Дьокуускай куорат 2-с №-дээх оскуолатын учуутала Лена Кочкина:  — Былырыын мин кылааспыттан, тохсуһу бүтэрбит 32 оҕоттон, икки оҕо Дьокуускайдааҕы дизайн уонна технология кэллиэһигэр, биир оҕо автодорожнай тиэхиньикумҥа киирбиттэрэ. Оҕолортон ыйыталаһан көрдөххө, 9-с кылаас кэнниттэн үчүгэй идэлэр суохтар, аныгы ыччат сэҥээрэр информатика, юридическай, экэнэмиичэскэй хайысхаларга үксүгэр 11-с кылаас кэнниттэн ылаллар дииллэр. Ол иһин 9-с кылаас кэнниттэн киирэр бырыһыаммыт кыра уонна элбэх оҕо, кырдьык, мунаарар. Медик буолуон баҕарар оҕо элбэх эрээри, 9-с кылаас базатынан Жатайга уонна Алдаҥҥа эрэ ылаллар. Куорат оскуолаларыгар профориентационнай үлэ барар. Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэстэн саҕалаан, Епархияттан тиийэ кэлэллэр. Ол гынан баран, тус бэйэм хаһан даҕаны Алданнааҕы, Нерюнгритээҕи, Покровскайдааҕы орто анал үөрэх тэрилтэлэрэ кэлэн оскуола үөрэнээччилэригэр үөрэхтэрин туһунан кэпсээбиттэрин өйдөөбөппүн. Ити өттүгэр үлэлэһэргит буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Покровскайдааҕы кэллиэс

Владислав Хабаров:  —Покровскайдааҕы кэллиэс түөрт идэҕэ (итинтэн үһэ IT, биирэ туризм хайысхатыгар) үөрэтэбит, 11-с кылаас кэнниттэн ылабыт. Абитуриеннар Дьокуускайга туттарсаллар. Былырыыҥҥы кэтээн көрүүнэн, тыа улуустарын кэккэтигэр куонкуруска бастакынан сылдьабыт.

Казань куорат тиэхиньикумун кытта бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ баттаһан олоробут. Биһиэхэ киирбит бастыҥ көрдөрүүлээх устудьуоннар иккис куурустарын эбэтэр үөрэх ханнык эрэ модулун бүддьүөт суотугар босхо Казань куоракка баран үөрэнэн кэлиэхтэрэ.

Орто үөрэххэ куонкурус сыллата үрдээн иһэр. Эдэр оҕо тоҕо орто үөрэҕи таларый? Тоҕо диэтэххэ, олох тэтимэ олус түргэн. Түргэнник үөрэхтэнэн, идэ ылан, үлэһит буолуохтарын баҕараллар. Маныаха оҕолорго, төрөппүттэргэ идэни быһаарыы, сырдатыы үлэтэ күүскэ барыан наада. Орто үөрэххэ киирэн үөрэнэн, билэн-көрөн баран атын идэҕэ туттарсыылара, кинилэр үөрэммит идэлэрин сөбүлээбэтэхтэрин туоһулуур.

Биһиги хас даҕаны тэрилтэни кытта дуогабардаахпыт. Холобур, туризм хайысхатыгар маннык тэрилтэлэр бааллар, чопчу манна үлэ миэстэтэ баар диэн иһитиннэрэбит. Хаҥалас улууһугар хамыыһыйа тэриллибитэ. Покровскайдааҕы кэллиэс устудьуоннара үлэ миэстэтин төһө булалларын улуус баһылыга тус бэйэтинэн хонтуруоллуур, улуус итиннэ интэриэстээх, көмөлөһөр.

Автодорожнай тиэхиньикум

Тимофей Кононов: — Биһиэхэ, Автодорожнай тиэхиньикумҥа улахан аҥаардарын тохсус кылаас кэнниттэн ылабыт. Идэлэрбит бары суол, массыына өрөмүөнүгэр сыһыаннаахтар. Быйыл “суол тутуутун массыыналарын силиэсэрэ” саҥа идэни аһан, 25 оҕону ылыахтаахпыт. Ону таһынан, “оператор транспортного терминала” уонна массыына мотуорун өрөмүөннүүр идэҕэ үөрэххэ ылабыт. Куонкуруспут улахан. Ааспыт сыл түмүгүнэн биир миэстэҕэ ортотунан 4 оҕо куонкурустаспыта. Аттестат орто баалынан ылабыт. Бааллара тэҥнэһэн хаалар түгэнигэр, физика, математика уонна нуучча тыла биридимиэттэрин көрөбүт.

Тиэхиньикуммут 125 миэстэлээх уопсайдаах. Автодорожнай тиэхиньикуму бүтэрбиттэрин кэннэ үөрэххэ киириилэригэр, үлэнэн хааччыйыыга улахан суолта бэриллэр. Ол курдук, анал салаа үлэлиир. Биһиэхэ сүрүннээн уолаттар үөрэнэллэр. Онон 9-с кылаас кэнниттэн киирбиттэр, быһа холоон 80-ча бырыһыаннара аармыйаҕа бараллар. Аҕыйах оҕо салгыы үөрэнэр. Оскуола кэнниттэн кэлбиттэр ХИФУ араас бакылтыаттарыгар, өрөспүүбүлүкэ тас да өттүгэр үөрэхтэрин салгыыллар. Холобур, былырыын устудьуон ­
44 % аармыйаҕа барбыта, 30 % үлэлиир, онтон атыттар үрдүк үөрэххэ киирбиттэрэ.

Орто үөрэх сыаната төһөнүй?

Ньюргуна Соколова:  — Төлөбүрэ сылга 30-70 тыһыынча солкуобайга тиийэр. Ол эрээри орто үөрэххэ үксүн босхо миэстэлэри көрөбүт. Улууска баар орто үөрэх кыһаларыгар төлөбүрдэрэ чэпчэки. Докумуону тутуу түмүктэниитигэр Дьокуускай куоракка миэстэ хаалбатах буоллаҕына, улуустарга босхо миэстэ баар буолар. Онон быраабыла быһыытынан, босхо миэстэ таҕыстаҕын аайы, ахсынньы ыйга диэри докумуону тута туруохтаахтар. Инньэ гынан, миэстэ тахсарын саайт эбэтэр төрдүс сылын үлэлиир 50-60-44 “быһа сибээс” нөҥүө билсиэххитин сөп.

Манна даҕатан эттэххэ, кылаас салайааччыта этэрин курдук, экэнэмиис, юрист буолуон баҕалаах оҕо элбэх. Ол гынан баран, тохсус кылаас кэнниттэн киирбит оҕолор үлэҕэ киириилэрэ аҕыйах. Төрөппүттэр да, оҕолор даҕаны итини өйдүөхтэрин наада.

Аллараа Бэстээхтээҕи тиэхиньикум

Анжелика Игнатьева:  —Биллэрин курдук, Тырааныспар тиэхиньикума 2012 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Элбэх исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарда. Хомойуох иһин, тимир суол биһиэхэ чугаһыы илигинэ үлэнэн хааччыллыыларын көрдөрүүтэ мөлтөх этэ. Быйылгыттан үрдээһин бэлиэтэнэр. Маҥнайгы куурустан ыла идэлэрин билсэр быраактыканы бараллар. Оҕолор үөрэххэ киирэллэригэр медицинскэй көрүүнү ааһаллар.

Кэлин хоту улуустартан эмиэ хото кэлэн үөрэнэр буоллулар. Иккис куурус кэнниттэн Алдаҥҥа производственнай быраактыкаҕа бараллар. Онно тиийбиттэрин кэннэ хампаанньа хаттаан медицинскэй көрүүнү ыытар. Быраактыкаҕа тиийэн баран устудьуоннар үлэлии хаалар түгэннэрэ эмиэ баар. Үһүс кууруска сиэссийэлэригэр эрэ кэлэн үөрэнэллэр. Быйыл иккис куурус кэнниттэн үлэҕэ киирээччи устудьуон ахсаана өссө эбилиннэ. Тимир суол үөрэҕэр чопчу интэриэстээх оҕолор кэлэллэр.

Тус сыаллаах үөрэх

Ньюргуна Соколова:  — Былырыын дойду 273-с федеральнай сокуон тус сыаллаах үөрэхтээһин (целевой үөрэхтээһин) ыстатыйатыгар уларыйыылар киирбиттэрэ. Онно олоҕуран, орто анал үөрэххэ туттарсан киириигэ бааллара тэҥнэһэр түгэнигэр, тэрилтэни кытта дуогабардаах оҕоҕо босхо миэстэ бэриллиэхтээх диэн ыйыллар.

Тус сыаллаах (целевой) үөрэх диэн устудьуон уонна тэрилтэ бэйэлэрин икки ардыларыгар сөбүлэҥнэрэ, эппиэтинэстэрэ буолар. Маныаха устудьуон хаһыс кууруска үөрэнэрэ оруолу оонньообот. Ким, туох эбээһинэстээҕий? Устудьуон үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, дуогабардаспыт тэрилтэтигэр тиийэн үлэлиэхтээх. Хайдах быһыылаахтык дуогабардаспыттарыттан, тэрилтэ устудьуон үөрэнэр кэмигэр киниэхэ харчынан көҕүлээһин дуу, истипиэндьийэ дуу, грант, бириэмийэ дуу төлүөн, айанын төлөбүрүн дуу, уйунуон сөп. Ол эмиэ хайдах дуогабардаспыттарыттан тутулуктаах. Дуогабардаспыт тэрилтэтэ устудьуон үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ булгуччу үлэҕэ ылыахтаах. Үлэҕэ ылбат түгэнигэр, саҥа сокуон бэрээдэгинэн, 3 ыйдааҕы хамнаһын төлүөхтээх. Онтон, өскөтүн, устудьуон тус сыаллаах дуогабарынан (целевое обучение) үөрэҕин бүтэрэн баран, дуогабардаспыт тэрилтэтигэр үлэлии тиийбэтэҕинэ, судаарыстыбаҕа үөрэҕин төлөбүрүн уонна тэрилтэ киниэхэ төлөөбүт истипиэндьийэтин барытын төнүннэриэхтээх.

Үлэҕэ ылар тэрилтэ уонна абитуриент, устудьуон бэйэлэрин икки ардыларыгар төһө баҕарар дуогабар түһэрсиэхтэрин сөп. Дуогабардаһан баран үөрэх тэрилтэтигэр биллэрэллэр эрэ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0