Сахабыт сирин сайына кылгас, сорох хаһаайкалар тэпилииссэлэрин атырдьах ыйын бүтүүтэ эһэр идэлээхтэр, ол эбэтэр икки эрэ ый устатыгар сибиэһэй оҕуруот аһын амсайаллар.
Сайыҥҥы кылгас кэми көдьүүстээхтик туһаннахха, оҕуруот аһын ыкса күһүҥҥэ диэри үүннэриэххэ сөп диэн биһиги хаһыаппыт эрэллээх аргыһа, Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Евдокия Гаврильева-Сибэкки Дуунньа маннык сүбэлиир:
— Помидору суордуттан уонна ханна олордубуттан тутулуга суох, баҕар тэпилииссэҕэ буоллун, баҕар таһырдьа аһаҕас буорга буоллун, баччаларга сарбыйар ордук. Инньэ гымматахха, сибэккитин таһаара-таһаара, үүнэ туруоҕа. Аһын кутарыгар помидорга элбэх кыах, сэниэ наада. Кини энергията сибэккилэрэ ас буолан тахсалларыгар эрэ туһаныллыахтаах. Дьэ ити иһин мин атырдьах ыйыгар помидор умнаһын төбөтүн быһан кэбиһэбин, онон салгыы үүнэрин тохтотобун.
Билигин саҥа тахсар сибэккилэр этэҥҥэ турдахтарына, суортарыттан тутулуктанан, 40-55 хонугунан ас буолан тахсыахтара. Манна биири чопчу өйдүүр наада: күһүөрү, балаҕан ыйын бастакы нэдиэлэтигэр, сорох сылларга хаһыҥ түһээччи, онтон салгыы ыйы быһа кэриэтэ халлаан сылаас турааччы. Дьэ ол хаһыҥы биһиги мүччү көтөн, бу саҥа тахсыбыт сибэккилэрбит ас буолалларын хааччыйыах тустаахпыт. Хаһыҥ сүрүннээн таһырдьа үүнэн турар помидордарга кутталы оҥоруоҕа. Мин урут түүн 3-5 чааска туран түптэлиир, онон-манан бүрүйтэлиир этим. Билигин бүрүйэргэ араас сабыы элбэх. Онон аҕыйах хонуктаах хаһыҥы хайдах эмит гынан мүччү көтүөххэ сөп.
«Сыгынньах» помидордар
Күһүөрү помидорум уктарын барыларын «сыгынньахтаан» кэбиһэбин. Ол аата туох баар сэбирдэхтэрин барытын быһыталаан ылабын, оччоҕуна буортан ылар иҥэмтэлээх эттиктэринэн толору хааччылланнар, помидордарым өлгөм үүнүүнү биэрэллэр. Онон кып-кыһыл уонна бөп-бөдөҥ томаттары хомуйабын. Эһиги эмиэ боруобалаан көрүҥ, бэйэҕит илэ көрөн итэҕэйиҥ. Угар туран сиппит, буспут помидор амтана ураты минньигэс буолар.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru