«Саха» НКИХ үҥкүү күрэһин тэрийэр

19.08.2019
Бөлөххө киир:

Саха телевидениетигэр аны күһүн «Үҥкүүлээ» бырайыак буолуоҕа. Билигин бу күрэскэ сайаапкалары тутуу салҕанар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Бүлүү, Нам, Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан үгүс ансаамбыллар кыттар баҕалаахтарын биллэрдилэр. Күрэскэ үҥкүүнү сэҥээрээччилэр ансаамбыллара, биирдиилээн дьон түмсэн, эбэтэр тэрилтэ иһинэн тэриллибит бөлөхтөр кыттыахтарын сөп”, – диэтэ  “Саха” НКИХ тэлэбиидьэнньэтин дириэктэрэ Михаил Сергеев.

Куонкурус сүрүн ирдэбилинэн, биир бөлөххө улааппыта 10 кыттааччы буолуохтаах, народнай эбэтэр идэтийбит таһымнаах ансаамбыл күрэххэ кыттыбат.

Кыттыан баҕалаах түмсүүлэр атырдьах ыйын 25 күнүгэр диэри сайаапканы tv.nvk@mail.ru электроннай почтаҕа ыыталлар. Сайаапкаҕа түмсүү (тэрилтэ) аата, кыттыылаахтар ааттара, салайааччы төлөпүөнэ ыйыллыбыт буолуохтаах”, – диэтэ Сергеев.

Үҥкүү күрэһэ алтынньыттан саҕаланыаҕа, сүүмэрдиир түһүмэх аһаҕас эфиргэ ыытыллыаҕа.

#саха_нких_сонуннара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0