Мин кинилэри биллим. Оҕонньор тоҥхойо кырдьыбыт. Эмээхсин кэм сэнэх. Оптуобуска кинилэр бүтэһик киирдилэр. Эдэрдэр туран биэрдилэр быһыылаах, инники миэстэҕэ түннүк анныгар олордулар. Сотору күлтэйбит улахан оптуобус нүһэрдик ынчыктаан, Хатастыыр суолу тутан хара буруонан уһуутаан, хоҥнон бара турбутун, кэнниттэн батыһа көрөн турдум. Оҕонньордоох эмээхсини көрөн мин үчүгэй буолбатым. Кырдьыы-бохтуу хаҕыс салгына миигин эмиэ хаарыйан ааста.
Өрдөөҕүтэ этэ. Ааһан иһэр массыынаттан икки саллаат уолаттар чиккэлдьиһэн түспүттэрин өйдөөтүм. Кинилэр суол кытыытыгар туран тыыллаҥнаспыттара. Сиэптэриттэн таҥаска сууламмыт суоккаларын ороон таһааран, бэйэтэ да ыраас хоруом саппыкыларын күлүмүрдүөр диэри соттубуттара. Онтон чымыдааннарыттан өссө биир суокканы ойутан таһааран быыл буолбут көхсүлэрин хардарыта суоккаласпыттара. Ити курдук таҥастарын оҥостон эрэ баран, курдара, тимэхтэрэ күн уотугар килбэчийбитинэн, үс мастаах бүтэй күрүөнү быыһынан киирэн үмүөрүһэн турар дьоҥҥо тиийэн кэлбиттэрэ. Кинилэр дьону кытта илии тутуһан дорооболоһо турдахтарына, биирдэрэ иккискэ, атына үһүскэ үөрэнэр эмдэй-сэмдэй уолаттар: «Бу мин убайым, бу эн убайыҥ», – диэн эр биир үллэстэн кэбиспиттэрэ. Саллааттар сөрүү ууну иһэн утахтарын ханнарбыттарын кэннэ, алаас ыала күөстэрин үрдүгэр түспүттэрэ. Уолаттар саппыкыларын устан, киитэллэрин көхөҕө ыйаан баран, күөх окко хаамса, табахтыы сылдьыбыттара.
Киэһээҥҥи аһылыкка уолаттартан хайалара эрэ иһит аҥара испиирдээҕин уулаан уостарынан үллэстэн күө-дьаа аһыы олорбуттара. Бу олорон кэпсэтэллэриттэн өйдөөтөххө, уолаттартан хайалара да кинилэр аймахтара буолбатахтар эбит. Ону истэн кыра уолаттар хаарыан кылабачыгас куртан, сулустаах фуражкаттан маппыттарын билэн хомойбуттара.
Аһаан бүтэн, сөрүүн түһүүтэ саллааттартан биирдэстэрэ таҥаһын таҥнан, чымыдаанын ылан ыаллыы сайылык диэки сатыы түһүммүтэ. Хоно хаалбыт Ньууску диэн бу дойду киһитэ, тулаайах уол эбит. Сарсыарда Ньууску эмиэ чымыдаанын туппутунан бөһүөлэктээн хаалбыта. Кылгас кэмҥэ сэргэхсийэн ылбыт сайылык эмиэ кэри-куру буолбута.
Ньууску бөһүөлэккэ өр буолбатаҕа. Лиэн Тиитэп куоракка эпэрээссийэҕэ киирэрин солбуйан, сайылыкка бостуугунан тахсыбыта. Бу сырыыга киһи ымсыыра көрөр кыычыгырас саппыкылаах Ньууску буолбакка, көннөрү дьиэ эргиннээҕи киһи буолан хаалбыта. Остоох саллайбыт бачыыҥкалаах, эргэ хомуһуоллаах, хортуустаах көннөрү Ньуускуну көрөн туран, ама бу саллаат Ньууску дуо диэн оҕолор мыына көрбүттэрэ.
Ньууску кырдьан хаалбыт Муҥураат диэн улаан аты ыҥыырдаан, сарсыарда, күнүс пиэрмэ ынаҕын мэччитэ үүрэрэ. Киэһэ ыамҥа сөпкө соҕус үүртэлээн аҕалтыыра. Дуоһунаһын бэрт үчүгэйдик толорон иһэн, ханна эрэ баран кэлэрэ, сүтэ-сүтэ көстөрө. Ата дэлби көлөһүннүрбүт буолара.
Ньууску ханна сылдьарын, тугу гынарын кимиэхэ да кэпсээбэт этэ. Кини түүнүн илэчийэн, ынахтары хойутатан илдьэрин-аҕаларын иһин дьахталлар мөҕүттэллэрэ. Онуоха Ньууску мөккүспэт, көхсүн эрэ этитэр буолара. Сотору кини сырыытын тохтотон, аны сыта мээрик буолбута. Ыҥыртарыы бөҕөнөн тахсан асаһара.
Онтон биирдэ сайылыкка буспут моонньоҕон курдук тэһэ көрбүт харахтаах, суһуоҕун икки гына өрүммүт, харытыгар синньигэс быалаах быыкаа чаһылаах, бытархай сибэкки ойуулаах былаачыйалаах, маҥан наскылаах, кыра хобулуктаах сайыҥҥы түүппүлэлээх номоҕон бэйэлээх эдэркээн кыыс баар буолан хаалла. Сэттэ биэрэстэлээх атын нэһилиэк алааһыттан кыыс туохха сыал-сорук оҥостон кэлбитин сэрэйбэккэ, көннөрү күүлэйдии кэллэҕэ диэн чэйдэппиттэрэ.
Кыыс ону-маны сэһэргэһэн өргө диэри олорбута. Оттон кэпсээн диэн кэпсээн буоллаҕа, бүтэр уһуктаах. Дьон ону-маны үлэлии, түбүгүрэ тарҕаспыттара. Ити кэмҥэ Ньууску ампаарга сытара, тахса сорумматаҕа. Кыыс тэһийбэккэ тэлгэһэҕэ тахсан чугастааҕы күөлү, оту-маһы кэрийэ хаампыта. Кыыс санаатыгар кими эрэ кэтэһэрдии бурдук сарайын суон баҕанатыгар өйөнөн өр турбута. Онтон кэри-куру туттан, түөртүүр ыамы баттаһа алааһыгар төннүбүтэ. Ол да буоллар сарсыныгар, өйүүнүгэр кыыс кэлбитин курдук кэлэ турбута. Кыыс тоҕо кэлэрин араастаан сылыктыы сатаабыттара да, нэмин булбатахтара. Онуоха сааһырбыт ыанньыксыт Өксөөнө Өрүүскэтэ: «Оттон ити сытааччы (Ньуускуну этэр) кыыска минньигэһин биллэрбитин кэннэ кэлиэ суоҕа дуо?» – диэн бал гыннаран кэбистэ. Кырдьыга оннук эбит. Кыыс Ньуускуга кэлэр эбит… Кыыспыт да сырыытын тохтоппотоҕо. Кэлэр кэмигэр кэлэ турбута. «Бу үлүгэр куйааска, бачча ыраахха, дьиэрэс тэптэҕэ сүрүн», – диэн кыыһы аһынааччы да, сүөргүлээччи да тэҥинэн баара. Дьахталлар кыыһы таах халтай хаамтарар Ньууску үрдүгэр түспүттэрэ. Кыыс аны кэлбэт буолбута. Ол оннугар Ньууску сүтэ-сүтэ көстөр буолуталаабыта. Онон сайылык дьахталларын уот тыллара таах хаалбатаҕа.
Кинилэр күһүн суолтатыгар да буоллар, аҕыйах ыалы ыҥыран уруу тэрийбиттэрэ. Сотору Ньуускулар холкуос таһаҕас тиэйэр массыынатыгар утуйар таҥастарын, уол чымыдаанын тиэнэн оройуон киинигэр көһөн хаалбыттара.
Сыл-хонук ааһан испитэ. Били саллаат уолаттары биһирии көрбүт кыра уолаттартан биирдэстэрэ, күөх сайыҥҥа биирдэ кэлэн ааһар кэтэһиилээх сырыыга куораттааҕы убайдарыгар күүлэйдии диэн айаннаһан испитэ. Оройуон киинигэр тохтоон, бириистэҥҥэ киирэн иһэн, суол тоҕойугар, улахан мас уһаакка уу баһан дьалкытан иһэр аттаах киһини утары көрсүбүттэрэ. Ньууску урут билэ охсон, атын тохтотон, дорообо биэрэн, дойдутун дьонун сураспытынан барбыта. Ньууску уруккута буолбатах, уойбут, төлөһүйбүт. Уруккуттан арай били аармыйаттан кэтэн кэлбит сулуһа суох эргэрбит фуражката эрэ хаалбыт. Кини олорор дьиэтин ыйан, сылдьан чэйдээн ааһалларыгар, бэйэтэ үлэтин үмүрүтэн сотору эбиэттии тиийиэхтээҕин эппитэ.
Бириистэҥҥэ киирбиттэрэ, борохуоттара барбыта ырааппыт этэ. Онон хайыахтарай, сарсыарда эрдэ киирэн уочараттыах буолан төттөрү тахсыбыттара. Кинилэр Ньуускулаах олорор эргэ бараак дьиэлэрин эрэйэ суох булбуттара. Кыараҕас баҕайы хоско киирбиттэрэ, били хаһааҥҥыта эрэ буспут моонньоҕоннуу хап-харанан тэһэ көрбүт эдэркээн кыыс оннугар хайдах эрэ санньыйан, көхсө холбойон хаалбыт дьахтар, бытырыыс курдук эмдэй-сэмдэй оҕолор быыстарыгар иҥиир сап хата олороро. Киирбит дьону төһө даҕаны үөрэ көрсүбэтэр, оҕолор суулларбыт олоппосторун көннөрө, ону-маны өрө тарда сылдьыбыта. Сотору Ньууску кэлбитэ. Оҕолор үөрэн бары ыһыытаспытынан, ыстаҥаласпытынан сүүрэн тиийэн аҕаларын атаҕар сөрүөстэ түспүттэрэ. «Тээтэбит кэллэ, тээтэбит кэллэ! Биһиэхэ халбаһы аҕалбыт!» – диэн ыстаҥалаһа, эккирии аҕаларын атаҕар ыйаммыттара. Ньууску оҕолору адаҕа курдук соспутунан, сиэрэй кумааҕыга сууламмыт обургу куһуок халбаһыны аҕалан ыскаап үөһэ уурбута. Сотору оҕолор остуол тула кэчигирэспиттэрэ. Остуолга ньамалаһа, былдьаһа-тарыһа халбаһыы сии олорор оҕолор быыстарыттан Ньууску: «Дьэ, оттон биһиги ньырылаһан олордохпут бу…» – диэбитэ, итиэннэ тоҕо эрэ үөһэ тыыммыта. Дьахтар тугу да саҥарбатаҕа, бүлүүһэтигэр куппут чэйэ эргийэрин тонолуппакка санньыар харахтарынан одуулуу олорбута. Улахан уоллара бу олорон чараастык быһыллыбыт халбаһыыны биилкэҕэ иилэн ылан баран үөһэ туппута уонна: «Иччилэрин сорудаҕар икки куоска барбыттар, аара сииргэ анаан халбаһыы ылбыттар», – диэн хоһоон ааҕан чаҕааран эрдэҕинэ, «Сол, бу уол аһынан оонньоон…» – диэн Ньууску уолун буойан тохтоппута.
Мин Ньуускулар кэлиҥҥи олохторун билбэппин. Арай, бу, урукку күөгэйэр күннэринэн мин өйбөр иҥэн хаалбыт дьон муҥураат ат курдук кырдьыбыттарын-бохтубуттарын эрэ кэннэ көрөн, дууһабар тоҕо эрэ ыарахан баҕайы буолбута…
Серафим Ильин.