“Нуул дохуот” диэн тугуй?

Бөлөххө киир:

Босуобуйа ананарыгар кыаммат ыаллар кыра да буоллар, дохуоттаах буолуохтаахтар. Олох тугунан да дьарыктаммакка, тугу да үлэлээбэккэ, аҥаардас босуобуйаҕа эрэ эрэнэн олорор дьоҥҥо, “нуул дохуоттаахтар” диэн төрүөтүнэн, бэриллибэт. Бу 3-7 уонна 8-16 саастаах оҕолорго, хат дьахталларга уонна аҥаардас төрөппүттэргэ босуобуйаны биэриигэ эмиэ сыһыаннаах.

Онон хамнас, биэнсийэ, истипиэндьийэ, гонорар, о.д.а. дохуот баар буолуохтаах. Биир сылы быһа туох да дохуота суох буоллахха, “нуул дохуот” диэн ааттанар. Бу 12 ый иһигэр ханнык эрэ ыйга дохуот баар буола сылдьыбыт буоллаҕына, “нуул дохуот” диэн буолбат. Оттон сыл иһигэр букатын дохуот диэн суох буоллаҕына, 10 ый устата убаастанар биричиинэ төрүөт буолуохтаах.

Ханнык түгэҥҥэ убаастанар биричиинэлэри аахсалларый? Хат буолуу (6 ыйыттан үөһээ); 3 сааһыгар диэри оҕону көрөн олоруу; элбэх оҕолоох ыалга оҕону көрөн олоруу (биир төрөппүккэ); аҥаардас төрөппүт оҕотун көрөн олоруута; 18 сааһыгар диэри инбэлиит оҕону көрөн олоруу; кырдьаҕас киһини көрөн-истэн олоруу; 23 сааһын туола илик эдэр киһи күнүскү үөрэххэ үөрэнэр буоллаҕына; 3 ыйтан ордук кэмҥэ эмтэнии; аармыйаҕа сулууспалааһын уонна кэлбит кэннэ 3 ый аахсыллыбат; дьарыктаах буолуу киинигэр үлэтэ суоҕунан учуокка туруу (6 ый иһинэн); хаайыыга олоруу уонна кэлбит кэннэ 3 ый аахсыллыбат.

Инбэлииттэргэ “нуул дохуот” диэн өйдөбүл суох, кинилэр туспа страховой, эбэтэр социальнай биэнсийэни ылаллар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: konkurent.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0