Нуучча кэлиэн иннинээҕи Саха майгытын туһунан кылгас кэпсээн
Сахалар төрүттэрэ Өлүөнэ өрүс сүнньүн тутуһан Улуу Туймаада хочотун хайдах булбуттарын, Омоҕой Баай уонна Эллэй Боотур туһунан үһүйээннэри истибэтэх бука аҕыйах буолуохтаах. Саха ааттаах-суоллаах суруйааччылара сахалар төрүттэрин туһунан сүдү айымньыларын — Далан «Тыгын Дархан» арамаанын, Кындыл «Өлүөнэ сарсыардата» пьесатын үһүйээннэргэ, историческай чахчыларга олоҕуран суруйбуттара. Ол айымньылар билигин тыйаатырдар сыаналарыгар, киинэ тыйаатырдарын экрааныгар тахсан үйэтийдилэр.
Арассыыйа наукатын академиятын архыыбын Санкт-Петербургтааҕы филиалыгар харалла сытар, 1893 сыл тохсунньутугар Хаҥалас олохтооҕо Пантелеймон Егорович Готовцев суруйан хаалларбыт «Нуучча кэлиэн иннинээҕи Саха майгытын кылгас кэпсээнэ» диэн үһүйээнин хайдах суруллубутунан, ааптар арпагырааппыйатынан бэчээттиибит.
Бу үһүйээни уонна да атын, аныгы киһи кулгааҕар иһиллэ илик былыргы саха остуоруйаларын юрист идэлээх, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Историческай факультетын магистрана Утум Захаров Санкт-Петербург куоракка тиийэн, Арассыыйа наукатын академиятын архыыбын филиалыттан булан, архыыпка харалла сытар саһарбыт илиистэртэн хайдах баарынан уһулан биһиги эрэдээксийэбитигэр тиксэрдэ.
Арассыыйа наукаларын академиятын Санкт-Петербургтааҕы филиалын архыыба
Ф. 202, оп. 1, ед.хр. 67 Л. 135-137 (с оборотами)
Нуучча була илигинэ Саха майгытын кылгас кэпсээнэ.
Сурулунна 20 января 1893 года
Бурят омуктарга Омоҕой Хайараҥап (Хайараҥ уола) диэн бэрт кэрсиэ мэйиилээх, ыар өһөс санаалаах, үс ойохтоох, түөрт уоллаах икки кыыстаах, элбэх даҕаны кийииттэрдээх буолан олорон, дьонун кытта өстөһөн-хоргутуһан санаа булбут: “ыраах сиргэ дойду булунан олоруохха үчүгэй буолуох этэ” диэн. Онон эйэлээх дьонун кэргэттэрин даҕаны кытта сүбэлэһэн, тылыгар киллэрэн күрүүллэр ханна да баралларын билбэт эрээри, сүөһүлэрин үүрэн. Ол баран иһэн, улаххан өрүһү булан, ону таҥнары батыһа бараллар. Оччотооҕу майгыларынан үөрэх суруктарын сүтэрэн кэбиспиттэр. Онтон: “төһө эмэ ыраах кэллибит, бу үтүө сир” диэн олохсуйбуттар. Онно көлүйэ баарын ааттаабыттар: “Сайсары” диэн. Сити сиргэ олорон тойонноро – баһылыктара буолбут соҕотоҕон Омоҕой-баай-тойон диэн.
Омоҕой дьонуттан арахсан кэлэрин саҕанан кинини кытта бииргэ төрүөбүт оччугуй уол оҕо хаалбыта – аата Эллэй диэн. Бу киһи улаатан иһэн, Омоҕой санаатын-майгытын курдук санаалаах буолан, дьонун кытта эмиэ өстөһөн, мээлэ сир баттах барар соҕотоҕон; ыраах баран булар өрдөөҕү дьон оттубут уоттарын. Ону саныыр кини: “манан дьон урут барбыт буоллахтара – манан бардаҕым!” диэн барар. Ол баран булар улаххан өрүһү, онон кэлэр Омоҕой-баай-тойоҥҥо. Онно сылдьан Эллэй санаа булар Омоҕой икки кыыһыттан биирдэрин талан ойох ылыаҕын. Онон саһан туран көрөр ол икки кыыс ииктииллэрин; онно көрдөҕүнэ – оччугуй кыыс ииктиирэ күүгэннээх, улахан кыыс ииктиирэ күүгэнэ суох; сырайынан оччугуйа куһаҕан, улаххана үчүгэй. Ону Эллэй толкуйдуур: “бу күүгэннээх ииктээҕэ оҕолордоох дьахтар буолуоҕа, улаххана оҕото суох буолуоҕа” диэн. Ол толкуйунан Омоҕойтон көрдүүр оччугуй кыыһы; ону биэрэр Эллэйгэ ойоҕунан. Ол хойут Эллэй толкуйун курдук биирдэрэ оҕолоох, биирдэрэ оҕото суох буолбут.
“Сайсары” хотунугар өр сылга үөскээн төрөппүт оҕолоро, ииппит сүөһүлэрэ өлбөккө бэркэ диэн дьоллоно олорбуттар. Омоҕой Эллэй ыччаттара дьон бастыҥнара буолан испиттэр.
Оччотооҕу дьон баһылыктара Тыгын Дарханап өрүскэ “Сайсары” диэн көлүйэ хонуутугар бэрт баайдык, элбэх уол-кыыс оҕолордоох, аҕыйах соҕус аймах даҕаны дьоннордоох буолан олорбут. Оччоҕо атын сирдэргэ киһи аҕыйах эбит, билиги дьон үөскээн олорор дойдулара бултуур булт сирдэрэ: киис, саһыл, тииҥ, таба, тайах эһэ даҕаны. Ону үтүө сирдэр баалларын булчут дьонтон истэн аҕыйах соҕус дьон тарҕанан олороллоро, ол кэннэ даҕаны дьоннор бултуохтарын иннигэр олороллор оччоҕо. Бу курдук өр сылга үөскээн олороннор эһэлэрин эһэлэрэ хайа ааттаах омуктартан арахсан кэлбиттэрин умнубуттар, үөскээтэхтэрин аайы кэпсэтэр саҥаларын хоһооно уларыйан испит, онон бэйэлэрин туох ааттаах омук диэхтэрин умнубуттар. Оччоҕо ойууну бэркэ ытыктыыллар, бэркэ даҕаны куттаналлар киниттэн, билигин духуобунай аҕабыыттары ытыктыыр курдук холобурдаах. Ойуун тойугун оччотооҕу дьон иһиттэхтэринэ: “сах абааһы дьонноро, көмөлөһүн-абраан-туһалааҥ, күн-ый буолуҥ!” диэн туойар, ол кэннэ ойууннаан баран дьонноругар кэпсиир: “сах диэн абааһы барыга туһалаах, абрыыр” диэн, ону отчотооҕу дьон итэҕэйэлэр. Онон супту тумалык өс-хоһооно оҥостоллор кэпсэтиигэ: “сах билэр” диэн, холобура билигин: “Таҥара билэр” диир кэриэтэ. Оччоҕо кинилэр итэҕэйэр-ытыктыыр бааллара “сах” диэн ойуун ааттыыр абааһытын. Үтүөҕэ холуйаннар: “сах аймахтара буоллахпыт!” диэн бэйэлэрин, “онон биһиги даҕаны омукпут аата буоллун Саха диэн” ааттаммыттар быһылаах, урукку омук ааттарын умнубуттарыттан.
Ол да буоллар Таҥараны билэргэ холуйуохха сөп отчотооҕу сахалары онон: Аар Тойон, Айыы Тойон, Күн-Күбэй-Хотун, Дьөһүгэй Айыы диэн ааттаталаан туран, бэйэлэрэ билэллэринэн көрдөһөн баран, илин диэки хайыһан үҥэллэр тоҥхойон сиргэ тиийэ; билигин холобурдаатахха – халлаан ыраахтааҕыта, I-сус Крыс-тос, Боҕуорадьыһа, Ньукуола Баачыка.
Оточотооҕу сахалар бииргэ төрүөбүттэрин ааттыыллар: “дьуортум” диэн. Ол билигин умнуллан хаалбыт, онон нууччалыы “брат” диибит; “дьуортум” диэн аҕыйах киһи билэрэ буолуо биитэр атыннык толкуйдууллара буолуо. Отчоҕо ити бииргэ төрүөбүт дьуортуларын эр-ойох ылсыспаттар, “айыы буолуоҕа” диэн; ыраах удьуортан баай киһи ылар үс ойоҕу элбэх сулууга, орто баай киһи – икки ойоҕу, дьадаҥы киһи – биир дьахтары; күүстээх киһи буоллаҕына – үчүгэй дьахтар эрин өлөрөн ылар дьахтары баайдары. Элбэхтээх ойохтоох буолаллара буолар – элбэх оҕо үөскээтин, ол кэннэ өллөхтөрүнэ сороҕо ордон ойох баар буолуох тустаах бараммакка диэн. Ити кэннэ отчотооҕу дьон майгылара оннук: аҕалара биитэр ийэлэрэ бэркэ кырдьыбыт саастаах түөһэйбит буоллаҕына – сылгы хартатын айаҕар саҥарбат гына уган уоптаран баран өлбүт тэрилтэтин ситэрэн кэбиһэллэр. Ол кэннэ оччотооҕу сахалар аһылыктарын бастыҥа буолар маттаҕа, ол кэннэ төрүөбүт ынах сылгы кэнэҕэскитэ; ону үтүө соннорун кэтэн баран үрдүгэр үҥкүрүйэ-үҥкүрүйэ алгыыллар: “Дьөһүгэй Айыы биэрдэҕэ, аны даҕаны инньибитигэр биэрэ тур!” диэн. Онтон сылгы ынах төрүүрэ өлбөт диэн саныыллара үһү.
Ойууна да суох дьон алгыстаах буолаллар; алгыыллар саҥа кийиит сүктэн кэллэҕинэ, оҕо төрүөтэҕинэ, ыһыах ыстахтарына, сүөһү туһугар, бултаатахтарына, этиҥ тыаһыттан куттанахтарына.
Билигин холобурдаатахха – улуус кулубатын кэриэтэ бастыҥ баай киһилэрэ, нэһилиэк ыстаарыстатын кэриэтэ улахан күүстээх дьонноро – өстүйдэхтэринэ биитэр айалаах аһынар киһилэрэ атаҕастаммыт буоллаҕына – дьүүллүүр кэриэтэ өлөрөн биитэр талан ылаллар туох таптыылларын. Дьадаҥы буолан баран күүстээх киһи туһанарын иннигэр баай киһи соруйарын истэр толорор даҕаны, күүһэ суох мөлтөх киһи наар ааттаһарга куттанарга сылдьар, арай өлөр оҥоруута кэлбит буоллаҕына баайы күүстээҕи даҕаны кытта мөккүһүөх тустаах.
Оточотооҕу баай дьон үс маҥан аты миинэн, маҕан саҕынньаҕы кэтэн, маҕан мас ураҕаһы тутаннар, тоҕус сылгыны ыраах сиргэ үүрнэ кэбиһэллэр, хойуут бэйэлэрэ ылбат кына; ол аата буолар – “кыйдаатахтара” диэн: улаххан баайы киһи үс төгүл, орто баай – иккитэ, отчугуй баай – биирдэ. Ол сураҕырар билигин элбэх наградалаах киһи аатырарын курдук; ону үтүктэн дьадаҥы даҕаны эрээри киһиргэстэриттэн сүөһүлэрин кыйдаан, сүөһүтэ баранан хааман халатчы дьон үгүс буолаллара.
Маҥнай Сайсарыны буллахтарына – көмүһү тимири уһанар уустара бэрт аҕыйах, холобура – биир-икки, уустан үс киһи элбээн испэтэх; онон дьон үөскээн истэхтэринэ – сорохторугар тиийбэт, сороххо баара алдьанан хаалбытын кэннэ муоһунан, уҥуоҕунан тааһынан даҕаны сүгэ, хотуур атын даҕаны сэптэри бэйэлэрэ оҥостон кыһалҕаларын ситэриммит курдук буолаллара, бэйэлэрэ күүстээх даҕаны буоланнар. Бастыҥ күүстээх кытыгырас киһилэрэ атаҕынан сатыы биэс көстөөх дойдуларынан эргийэн, бултаан, түөрт уон куобаҕы, ону кытта саатын, уон куобах айатын сүгэн, биир күнүнэн бэйэтин олорор дьиэтигэр эргийэн кэлэр. Ол кэннэ үлэлииллэрин туһа – оттуур отторо аҕыйах буолтун иннигэр, оччотооҕу кыһын сайын тэҥ быһылаах, сорох сылга дьыл кыһын уһаатаҕына – отторо баранан сүөһүлэрэ өлөр, оно баранар аҕыйыыр даҕаны.
Бэрт ааттанар ойууннара көрүүлэнэн кэпсиир: “биһиги дьүһүммүтүттэн туспа, атын дьүһүннээх, дириҥ харахтаах, үрдүк муруннаах, сырайдарын алын быһаҕаһа түүлээх, эттэригэр эрэ сөптөөх кыраҕас таҥастаах элбэх дьон кэлэннэр, аана суох алдьахай, иинэ суох илдьикэй буолан эрэр!” диэн. Онно баар дьон мунньустан сүбэ оҥороннор, ойууну ааттаан көрдөһөн манньа биэрэллэр баайдар ол дьону аҕалбакка: “үтэй төттөрү, ойууннаа!” диэн. Онуоха ол ойуун ойууннуур хас эмэ түүннэх күҥҥэ тохтообокко, ол кэннэ: “кыайбатым” диэн уурайар. “Өрүс уутугар сүүрүгүрбэт кына сах аймахтара абааһыларга кумах куттара сатаан кэбистим; ону өрүс аҥарыгар диэри кумаҕы куппуттарын кэннэ, сүрдээх күүстээх уордаах, көрүүлэммит дьонум курдук дьүһүннээх үөр (ити буолар өлбүт киһи абааһыта), ол кэлэн тоҕо тэбэн кэбиһэр” диэн, “онон хойуутун хойут алдьаахй буолуох бэйэтэ буоллаҕа!” диэн ытаан-абаланан уурайбыт. Онон оччотооҕу дьон умнан түмнэн олорбуттар хас төһө эмэ сылга.
Сахаттан Тыгын курдук кэрсиэ мэйиилээх баай даҕаны суоҕа, онон улаххан балаҕаннаах кини эрэ. Арай биирдэ, хантан да кэлбиттэрин билбэттэр, икки киһи – дьүһүннэрин көрдөххө: дириҥ күөҕүнэн көрбүт харахтаах, үрдүк кырыылаах муруннаах, түүлээх сырайдаах, кыргыылаах баттахтаах, уу чалахайын курдук кыараҕас таҥастаах дьон – киирэн кэлбиттэр.
Кэпсэтэн хоһоонун истиспэт дьон буолбуттар, илиилэринэн хамнатан сэрэйсэн кэпсэппити туомнаан хас эмэ хонукка олорбуттар ол дьон; бэйэлэрэ санааларыттан үлэлиир көмөлөһөр буолбуттар, бэрт диэн үлэлээх, үтүө диэн майгылаах дьон буолбуттар. Сайын кэлэн баран кыһыны кыстаабыттар. Ол сырыттахтарына – Тыгын эмээхсинэ этэр:
— Бу сүрдээх дьон буллулар быһылаах: кинилэргэ чорооҥҥо кымыс илдьэн биэрдэхпинэ уҥуоҕум хамнаан, дьалкытан тоҕобун. Ити буолуох тустаах: кэнэҕэс бу дьон удьуордара саха аймахтарыгар баһылыктар тойоттор буолуохтара. Бэйэлэрин чинчилээн көрдөхпүнэ – харылара сотолоро түүлээх; ону холуйабын: кинилэр бэрт элбэх аймах билэ Дьон быһылаахтар. Оҕонньор! Эн бу дьону өлөттөрөн кэбис!” диэн.
Онно Тыгын оҕонньор этэр:
— “Кэбис, эмээхсин! Куһаҕаннара көстө илигинэ өлөттөрүөххэ айыы буолуоҕа, Үрүҥ Айыы Тойон буруйдуоҕа. Ол кэннэ, бэтэрээнэн эттэххэ, үлэлиир туһалара даҕаны улахаҥҥа турар” диэн Тыгын буолбат.
Ити икки кэлбит саҥа дьон бэйэлэрин икки ардыгар кэпсэттэхтэринэ – сахалар өйдүөн истэллэр “лутче-лутче” супту дииллэрин. Онон “нууччалар” диэн ааттыыллар кинилэри. Онтон саҥа кэлбит дьон сахалар тылларыттан өйдүөбүттэрэ: “дьэ, куот” биитэр “дьэ, куотта” дэһэллэрин, — онон “якуты” диэн ааттаабыттар сахалары. Ити саҥа кэлбит дьон тугу даҕаны ылбакка икки сыл тухары сылдьыбыттар, онон бэркэ даҕаны таптаппыттар. Биирдэ саас икки оҕус тириитин көрдүөбүттэр; ону Тыгын биэрбит; ону ылан баран, сиргэ саба ууран баран ол сири көрдүүр быһылаахтар. Ону сэрэйэн: “тугу гынаары гынар буоллахтарай?” диэн, тугу гыналларын көрүөхтэрин иһин: “Чэ, ылыҥ!” Тыгын. Ол икки оҕус тириитин икки нуучча сап курдук быстыбат эрэ гына тэлбиттэр, ол кэннэ ол саптарынан хонууну төгүрүччү таппыттара, ол кэннэ тоҕоһонон бэлиэтии саайталаабыттар, ол кэннэ: “бу турдун!” диир быыһлаахтар. – “Чэ, буоллун!” диэн сахалар кыһамматтар. Онтон ол саас сайын икки нуучча суох буолан хаалбыттар. Ону сорох дьон көрөн Тыгыҥҥа кэпсээбиттэр: “били икки нуучча ууга олорон баран соҕуруу бара турдулар – дьикти дьон!” диэн. Мантан эмиэ умнан олордулар хас эмэ сылга били нууччалар бэлиэ саайталаабыт тоҕоһолорун ылбакка толкуйун билбэттэриттэн; сонон турдулар ол тоҕоһолор.
Үһүс сылыгар, от-мас көҕөрөн эрдэҕинэ, сарсыарда, төрүөн баран көрбөтөх маһынан сытыары оҥорон таҕаарбыт үрдүк намтыһах даҕаны хонуу туолар элбэх дьиэлэр баар буолбут. Ол тиһигэр таһыгар ыам бырдаҕын курдук элбэх урукку кэлэн барбыт икки нуучча курдук дьоннор сылдьаллар урукку тоҕоһо сааллыбыт хонуутугар. Ону сахалар көрөннөр куттанан сүбэлэһэллэр мунньустан. Онно сүбэтин булаллар: “бу саҥа кэлбит дьону өлөртөөн кэбиһиэххэ диэн” диэн. Уонна мустан саха саатынан ыраахтан ытыалыыллар чугаһаабакка ол дьиэ туппут сирдэрин чугаһынааҕы булгунньаҕы дурдаланан. Ол охторо дьиэҕэ тиийэн түһэр, биир даҕаны нуучча өлбөт. Сахалар иһиттэхтэринэ – киһи утурктуурун курдук улахан тыас буолар, онно сахалар өлө тураллар. Ону бэйэлэрин икки ардыларыгар бэркиһииллэр:
— “Дьикти, баҕайы! Нуучча утурктаататаҕын аайы өлөн истэхпит!” диэн. Отчоҕо Тыгын уола баар – “Чаал-бас” диэн ааттаах, бэрт күүстээх, кэрсиэ мэйиилээх киһи. Ол этэр:
— “Мин көрдөхпүнэ – тыас тыаһаатаҕына, отон курдук кэлэн киһини дьөлө түһэр: онтон өлөллөр” диэн.
Чаал-бас бэйэтэ бэргэһэтинэн ол отон курдугу саба төттөрү охсон кэбиһэр: онон кини өлбөт. Онтон сатаан мөккүһүө суох буоланнар сахалар олороллор хас эмэ хонукка. Онно нууччалар дьиэлэрин таһыгар минньигэс амтаннаах астары, ол кэннэ үрүҥ күөх хоруонҥканы ыһан кэбиспиттэрин сахалар оҕолоро булан итигэстээн аҕалаллар аҕаларыгар – ийэлэригэр. Ону амсайан көрдөхтөрүнэ бэрт минньигэс, хоруоҥкалара бэрт үчүгэй. Онтон ортомо суох акаары мэник улахан дьон элбэх мустан тиийэн итигэстииллэр. Ону уһун тиитинэн үөһэттэн ол мустубут дьону үлтү түһэрэн мэлиттэрэн өлөртөөн кэбиһэллэр.
Онтон Чаал-бас бэркэ абаланан курутуйар, саатын тутан сол дурда булгунньахха киирэн көрдөҕүнэ – үрдүк дьиэ чуолаҕаһынан киһи сырайа кытаран көстүбүтүн ыппыта: аҥар хараҕын тэһэ түспүт ох, онон өлбүт нууччалар ол мааны киһилэрэ. Ол кэннэ Чаал-бас сүүрэн киирэн нууччалар дьиэлэрин түҥнэри анньан кэбиһээри саннынан анньыалаабыт-үтүрүйбүт: онно онно дьиэлэрэ долгуйан хамнаабыт сууллаары. Онуоха Чаал-баһы тимир быанан тутан барбыттар; ону быһыта тыыллан кэбиспит. Онтон нууччалар тойонноро Чаал-баһы туттарбыт, ол кэннэ самаҕын (саатар этин) Чаал-бас муннугар таҕайан сыллаппыт. Онуоха Чаал-бас сылгылыы ыйылаан баран өлбүт. Ол буолар: куһаҕантан сиргэнэн – быйаһыйан өллөҕө диэн буолар. Ол өлбүт Чаал-бас баһын ылан ыйаан көрбүттэрэ: палтараа пуут буолбут диэн буолар. Ити Чаал-бас өлбүтүн оччотооҕу сахалар барылара истибит даҕаны туххары бэркэ уйадыйан тураннар аһыйбыттар-ытаспыттар: кини курдук киһи төрүүрэ-үөскүүрэ биллибэт. Саатар Чаал-бастан оҕо хаалбатаҕа хомолто: оҕо хаалбатаҕыттан саха уҥуоҕунан кыратыйан-аччаан хаалыах бэйэлэрэ буоллаҕа диэн.
Сахалар кыайан мөккүспэт, нууччаны утары көрбөт буолан, кыахтарын ылларан нуучча тугу этэр – онно көҥүл бас бэриммиттэр. Онтон дьоннор дьорҕоотторо бэйэлэрин кытта дьоннорун батыһыннаран, нууччалартан толлубучча, куттамычча, — сорох ыраах, сорох чугас – бараннар дойдуланан олорон үөскээн испиттэр. Билигин илин арҕаа даҕаны Хаҥалас улуустарга бастыҥ киһилэрин ааттара үтүөлэрэ бааллара оточоҕо: Тыгын уолаттара, ол кэннэ Хаҥалас диэн дьоннор, атын да дьоннордоох; олортон үөскээн икки улуус буолбуттар. Биир Болотой Оххон диэн, Мэгэ (Мэҥэ) уоллаах буолан, төһө эмэ дьоннордоох олорбута – билигин Мегинский улус буолбут. Биир Хаталамай Бэргэн Баатыр диэн уоллаах, төһө эмэ дьоннордоох буолан, сир булунан олорбуттара – ол билигин Батуруской улуус буолбут. Биир Хордой Хойоҕос диэн, Бороҕон уоллаах, төһө эмэ дьоннордоох буолан үөскээбиттэрэ – билигин Бороҕон улууһа Дүпсүн даҕаны улууһа. Биир Аан Эрэһэ Ойуун, Нам диэн уоллаах, төһө эмэ дьоннордоох үөскээбиттэрэ – Намской улуус буолбут. Биир Айыы Тайбыыр, “Баай” диэн уоллаах, аҕыйах соҕус дьоннордоох буолан сир булунан олорбута. Хойут, Баай кырдьыбытын кэннэ, аҕата Айыы Тайбыыр өлбүтүн кэннэ, дьонноро ааттаабыттар: “Баай-аҕа” диэн – ол Баягантайской улуус буолбут. Бүлүүгэ, Халымаҕа Дьааҕыга (Дьааҥыга), Өлүөхүмэҕэ даҕаны ити аҕыс улуустан барыталаан мунньустан үөскээн – билигин Вилюйской, Колымской, Верхоянской Олекминской даҕаны округалар буолан тураллар. Оттон дьоннор улуустан улууска, окруугаттан окруугаҕа тиийэннэр дьонноһон “ревизской скааска” буоллаҕын аайы холбоһон испит элбэх. Оччоҕо сахалар онно-манна барыталаабыттарын нууччалар булаттаан икки киһи үйэтин тухары православнай биэрэҕэ кытарбыттар, Күн Ыраахтааҕыга өлбүгэлээбиттэр. Маны барытын билэн үөрэнэн бараннар – “үчүгэй эбит” диэн – махтаммыттар үөрбүттэр даҕаны. Арай бу устатын тухары Чаал-баһы өлөрбүт нууччалартан хоргуталлара – хомойоллоро дииллэр, өлбүт Чаал-бастарын бэрт улаханнык умнубакка өр аһыйбыттар.
Сахалар эһэлэрин төрүттэрэ гыргыыһы бурйааты даҕаны кытта бииргэ баар эрдэхтэриттэн:
Өксүһү.
Мэйэрэм төрөппүт Хорохой.
Хорохойтон Аргын.
Аргынтан төрөппүт Айал.
Айалтан Өрөс Күөл Дьулдьыгын.
Уола киниэнэ Түөртүгүл.
Түөртүгүл уола Хайараҥ; кини төрөппүт икки уолу, ааттара:
Омоҕой Эллэй даҕаны.
Омоҕой икки уоллаах:
Аан Эрэһэ Ойуун. Уола киниэнэ Нам.
Тоҕоһор Уус. Уола: Айыы Тайбыыр, уола Баай-аҕа
Эллэй түөрт уоллаах:
Дэхси Дархан, кини икки уоллаах: Хаҥалас Тыгын даҕаны.
Болотой Оххон. Уола киниэнэ Мэгэ (Мэҥэ)
Хаталамай Бэргэн. Уола киниэнэ Баатыр.
Хордой Хойоҕос. Уола киниэнэ Бороҕон.
Суруйдум: Баай-аҕа аймаҕар олохтоох, Хаҥалас ыччатын ыччата Пантелеймон Егоровъ (Егорович) Готовцевъ.
Уруһуй — интэриниэттэн.