… Кини оҕо сааһыттан олох очурдарын көрсөн улааппыта. Төгүрүк тулаайах кыысчаан эһээлээх эбээтигэр 12-с оҕонон иитиллэн, киһи-хара буолбута. Чугас дьоннордоох буолан, арааһа, олоҕор көрсүбүт охсуулары бэрт эрдээхтик тулуйбута буолуо.
edersaas.ru
- Ыраахтан истэ-көрө сылдьан, миигин билбэт киһи, баҕар, олоҕор наһаа табыллыбыт, санаабыта барыта кэмигэр туолан иһэр, туох да кыһалҕата суох харчыта үөһэттэн кутулла турар, санаатаҕын аайы баҕарбыт дойдутугар күүлэйдээн кэлэр курдук саныыра буолуо. Олох оннук буолбатах.
- Тастан көрдөххө, киһи эрэ ымсыыра көрөр кэргэнниилэрэ баар буолаллар. Ол эрээри, истэригэр киирдэххэ, кинилэр сыһыаннарыгар туох эрэ тиийбэтэ син биир баар. Ол «тиийбэт өрүт» — дьахтар эригэр сыһыана.
… «Дьэ, хайдах саҕаланна этэй?» — диэн ыйытыыбар сэһэргэһээччим тута хардарбакка, чочумча саҥата суох олорон баран: «Диктофоҥҥун холбоотуҥ дуо? Чэ, кэпсэтиэх…» — диэт, өрө тыынна. Кэпсэтиибит саҕаланна.
Ньургустаана тус санаатын түһүмэхтэргэ арааран билиһиннэрэбин.
-
Биисинэскэ бастакы ХАРДЫЫ
— Олоххо чиҥ хардыыны оҥоруум «уларыта тутуу» дэнэр 90-с сыллар ортолоругар саҕаламмыта. Оччолорго 23 саастааҕым. Олохпор бастакы улахан охсууну ылбыт кэмим этэ. Кэргэним кырбанан, ыараханнык ыалдьыбытыгар эпэрээссийэ, сыаналаах эмп наада буолбута. Үс саастаах оҕобутун кытта дьиэ куортамнаан олорбуппут. Ол кэмҥэ бигэтик өйдөөбүтүм – соҕотох мин хамнаспар дьиэ кэргэммин кыһалҕаттан таһаарар кыаҕа суохпун. Ол иһин, хайаан да тугу эрэ тобулан, бэйэ дьыалатын арынан, наар иэстэн иэскэ сылдьар усулуобуйаттан тахсар суолу-ииһи көрдөөн барбытым. Бастаан саҕалыыр, биллэн турар, наһаа уустук этэ. Бу иннинэ кэргэним хоту улуустарга бураан саппаас чаастарын таба, тайах тыһыгар атастаһар этэ. Мин, дьахтар киһи быһыытынан, ол дьыала ымпыгын-чымпыгын хантан билиэхпиний? Харчы иэс ылан баран, Кытай ырыынагар тиийэн, ол-бу буолар-буолбат кыра табаары, таҥастан уруучукаҕа, линиэйкэҕэ тиийэ атыыласпытым. Эбиниэм диэн. Тугу атыыласпыппын истэн баран, балыыһаҕа сытар кэргэним сонньуйбута уонна: «Чэ, кытаат, тугу сатыыргынан түһүн», — диэн ырыынак эйгэтигэр алҕаабыта. Бураан саппаас чаастарыттан атыыга ордук туох хамаҕатык барарын этэн, ону эбинэн, хоту улуустар нэһилиэктэринэн айаҥҥа туруммутум. Наһаа ыарахан этэ. Ханна да харчы суох. Аны сэбиэскэй эрэсиимтэн өссө да «көһө» илик дьон урбаанньыты үспүкүлээн курдук саныыллара. Билигин да ырыынакка турар урбаанньыты харчылаах, үптээх-астаах курдук көрөллөр. Дьиҥэр, бу киһиҥ син учуутал, эмчит, суруналыыс курдук күннээҕи үлэтэ буоллаҕа. Мин хаһан эрэ эмиэ ити дьон курдук туран, маҕаһыыммыттан 35-50 тыһыынча солкуобай хамнастаннахпына, үөрэр да этим! Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри туран үлэлиир этибит буоллаҕа. 90-с сылларга тыһыынчанан киһи урбаанньыт буолбута. Ол эрээри, билигин биһигини кытта саҕалаабыт дьонтон уонча киһини эрэ тарбахха баттаан ааҕыахха сөп.
- Сирдээҕи аналым — ҮЛЭМ
— Урбаанньыт үлэтэ олус охсуулаах уонна сылаалаах. Ыраахтан истэ-көрө сылдьан, миигин билбэт киһи, баҕар, олоҕор наһаа табыллыбыт, санаабыта барыта кэмигэр туолан иһэр, туох да кыһалҕата суох харчыта үөһэттэн кутулла турар, санаатаҕын аайы баҕарбыт дойдутугар күүлэйдээн кэлэр курдук саныыра буолуо. Олох оннук буолбатах!
Мин баара-суоҕа алта эрэ чаас утуйабын. Хаһан да түптээн олорон минньигэстик эбиэттээбэппин. Биирдэ салоҥҥа сылдьан баттахпын кырааскаламмытым баара дуу. Олус эппиэтинэстээх үлэлээхпин. Мин кэннибэр — сүүһүнэн дьахтар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ бааллар. Үлэһиттэрбэр хамнастарын, урбаанньыт быһыытынан нолуокпун кэмигэр төлөөһүн, быһата, бу барыта — дьыалабыай дьахтар биир сүрүн түбүгэ. Биисинэскэ үлэлиир салайааччы кытаанах, ирдэбиллээх эрэ буоллаҕына, тэрилтэтин атаҕар туруорар кыахтаах. Мин үлэһиттэрбэр кытаанахпын уонна ирдэбиллээхпин. Оччоҕо эрэ ситиһии кэлэр буоллаҕа. Ол эрээри үлэ үлэнэн. 25 сылы быһа салайар тэрилтэбэр каадыр уларыйыыта суох. Ол аата дьон миигинниин үлэлиирин, алтыһарын ордорор.
Үлэбин олус сөбүлүүбүн. Бу олоххо киһи ылаары буолбакка, биэрээри кэлэр. Үтүөнү. Сырдыгы. Үйэлээҕи. Ким эрэ учуутал быһыытынан билиини биэрэр, ким эрэ эмчит быһыытынан — доруобуйаны. Оттон мин сирдээҕи аналым – дьон санаатын табыы. Мин кинилэри кырасыабайдык таҥыннарабын уонна аһатабын – бу мин күннээҕи түбүгүм уонна Орто дойдуга айыллан кэлбит сирдээҕи соругум.
-
Дьахтар ЭРИГЭР сыһыана – олоҕун тутула
— Тастан көрдөххө, киһи эрэ ымсыыра көрөр кэргэнниилэрэ баар буолаллар. Ол эрээри, истэригэр киирдэххэ, кинилэр сыһыаннарыгар туох эрэ тиийбэтэ син биир баар. Ол «тиийбэт өрүт» — дьахтар эригэр сыһыана. Эр киһи тапталынан олорор. Дьахтартан тутулуктаах, эр киһи киниэхэ сыһыана. Наар сэмэлии сылдьар дьахтарга туох таптала кэлиэй? Эр киһитин мөҕө, куруук кириитикэлии сылдьар дьахтарга хаһан да эр киһи күндүтүйэн көстүбэт. Дьахтартан наар куһаҕанын эрэ истэр киһи бэйэтигэр бүгэн хаалар. Онон эр киһини өрүү санаатын көтөҕө, хайгыы сылдьыахха наада.
Оччоҕо эрэ кинини бэйэҕэр тардаҕын. Мин бастакы кэргэммин ол да иһин сүтэрбитим быһыылааҕа. Кинини өйдөөбөт, өрүү сэмэлиир этим. Өр буолбатаҕа, эрим күүлэйдээбитин, бырастыы гымматаҕым. Оҕобун туппутунан, дьиэбиттэн тахсан барбытым. Атырдьах маһыныы араҕыстахпыт ол. Кэлин кини ыал буолбатаҕа. Онтон мин, иккистээн ыал буолан баран, эр киһиэхэ сыһыаммын тосту уларыппытым. Хаттаан олох олоро үөрэммитим.
-
ТАПТАЛ олоҕу хамсатар
-
— Сыллар ааһан истэхтэрин аайы, эр киһи уонна дьахтар бэйэ-бэйэтигэр үөрэнэн хаалар дииллэр. Кэргэҥҥин дьиҥнээхтик таптыыргын билиэххин баҕардаххына, биир боппуруоска тута хоруйу биэриэхтээххин. Ол – «мин кини туһугар олохпун толук биэриэхпин сөп дуо?» диэн. Хоруйа ити ыйытыыга эн хайдах хардарарыҥ. Мин бу сиргэ тапталынан эрэ олоробун. Кэргэммин кытта лиидэрдэр үөрэхтэригэр билсибиппит. Кэлин олох олорон истэҕим аайы өйдөөбүтүм, кини — мин олоҕум, аналым эбит. Кэргэммин ис сүрэхпиттэн таптыыбын.
Кини да миигин олус таптыырын билэбин. Ол да иһин үчүгэй буолан көстөөрү, кырааскалана дуу, ыра сатыырым дуу наадата суох. Кини миэхэ күн аайы: «Эн – бу сиргэ мин саамай таптыыр киһим буолаҕын», — диэн этэр.
-
Дьиэ ис тыына – ДЬАХТАР
— Бу олоххо туох эрэ табыллыбат, уустугуран барар буоллаҕына, мин кими да буруйдаабаппын. Өрүү бэйэм сыыһабын көрдүүбүн уонна ону суох оҥоро сатыыбын. Кимиэхэ эрэ хомойон дуу, «бу кини миигин була сатаан, куһаҕаны баҕаран итинник гынна» диэбэппин. Ким эрэ миэхэ бэрдэ суох сыһыанын биллэхпинэ, «мин тугу эрэ сыыстым» диэн, ону көннөрүнэн барабын. Оччоҕо олоҕум тупсубутунан барар.
Биһиги олохпут – бэйэбит сиэркилэбит. Интэриэһинэйэ баара, киһи эмчит буолуон баҕардаҕына тугу гынарый? Үөрэнэр. Инженер буолуон баҕардаҕына тугу гынарый? Үөрэнэр. Оттон тоҕо эригэр үчүгэй кэргэн буолуон баҕарар дьахтар үөрэниэ суохтааҕый? Дьахтарга кэргэнэ аан дойдуга баар-суох күндү киһитэ буоллаҕа дии. Ыал буолан олоруу – бу күннэтэ бэйэ-бэйэни убаастаһыы, өйдөһүү дьаныардаах үлэтэ. Оттон дьиэ ис эйгэтэ, тыына – дьахтар. Ол да иһин, кини тус бэйэтин айылгытын үөрэтэ, тупсара сылдьыахтаах.
Дьахтар хайаан да кэргэн тахсан, оҕо төрөтөн, киниэхэ анаммыт сирдээҕи дьолун билиэхтээх. Оттон дьоҥҥо наар үтүөнү эрэ баҕаран, ону күннэтэ оҥоро сылдьар буоллаҕына, Таҥара киниэхэ тугу баҕарарын хайаан да биэрэр. Кылаабынайа, сатаан таптыахха наада. Ис сүрэххиттэн дьоҥҥо үчүгэйи эрэ баҕара сырыт.
-
ХАРЧЫГА сыһыан
Харчы – эниэргийэ. Икки өрүттээх — үтүөнү аҕалар харчы уонна киһини алдьатар, олоҕун айгыратар. Үтүөнү оҥорор айылгылаах харчы бэйэтэ үүнэ, эбиллэ турар. Харчыҥ үүнэ турар буоллаҕына, ол аата эн эниэргийэҥ үчүгэй, харчыны бэйэтигэр тардар. Оттон олоҕу айгыратар өрүт — уоруллубут, чиэһинэйэ суох кэлбит харчы. Маннык харчыттан киһи ыалдьар, араас моһолго түбэһэр. Онон харчы эниэргийэтин тупсарыаҕын баҕарар буоллаҕына, дьахтар, бастатан туран, бэйэтин кытта үлэлиэхтээх. Ол аата тугуй? Киһи бу олоххо тугу оҥороро барыта бэйэтигэр эргиллэр. Өскө эн олоххунан өрүү астыммат, «олоҕум уустук даҕаны» диир буоллаххына, ол кыһалҕа эйигиттэн хаһан да арахсыа суоҕа. Санаа күүһүнэн олордоххуна эрэ, сырдыгы уонна кэрэни бэйэҕэр тардаҕын. Көмөлөс, биэр кыаммакка, кыһалҕалаахха уонна … бэйэҥ чугас киһигэр. Ол үтүөҥ уон оччонон эйиэхэ бэйэҕэр эргиллиэҕэ.
…Ньургустаана Лукина салайар биир биллэр тэрилтэтигэр киирэр ааҥҥа уун утары көмүс буукубанан маннык суруллубут: “Ис сүрэхтэн хас биирдии дьахтар тус эйгэтигэр дьолунан, тапталынан, кэрэнэн уонна сырдыгынан сыдьаайар чаҕылхай эйгэни арыйабыт!”.
Бүгүҥҥү кэпсэтиим дьоруойа, дьахтар быһыытынан айыллан кэлбит соруга — бу тыллар буоллаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска Ньургустаана Лукина дьиэтээҕи архыыбыттан.