Ньургун Копырин: “Аармыйа олоҕо тус бэйэҕиттэн тутулуктаах”

Ааптар: 
23.02.2022
Бөлөххө киир:

1995 сыл. Алта ый Забайкальскай уокурукка “учебкаҕа” сылдьыбыт эдэр киһи Маньчжурияҕа Яснай бөһүөлэккэ танковай сэриилэр турар чаастарыгар тиийэр.

Соҕотох саха эбит. Сотору буолаат, хамандыыра ыҥыран ылаат, Яснай бөһүөлэгиттэн Загустай ыстаансыйаҕа тиийиэхтээх командировачнай лииһи туттаран кэбиһэр. Ити курдук саҕаламмыта Уус Алдан Суоттутун ыччата Ньургун Копыриҥҥа Чечня Өрөспүүбүлүкэтигэр бойобуой дьайыыларга кыттыыта.

“Ханна баран эрэрбитин билбэппит…”

Кэпсэтиибитин Ньургун Копырин маннык саҕалыыр:

Яснайга мас хааһаарымаҕа киллэрдилэр. Араас чаастартан 13 киһини муспуттар. Хаайыылаахтары харабыллыыр курдук харабыл бөҕө. Остолобуойга харабыл арыаллыыр, хаһаарымабыт ааныгар күнүстэри-түүннэри харабыл турар. Билигин санаатахха, “күрээбэтиннэр” диэн быһыылаах. Үс-түөрт хоммуппут кэннэ Лазовскай дивизия аатыттан 13 киһини ыраах “командировкаҕа” ыыттылар. Бу тухары чопчу ханна баран эрэрбитин билбэппит. Замполит тоҕо эрэ миэхэ туһаайан, ”кэлбэт сиргитигэр бардыгыт” диэбитин өйдөөн хаалбытым.

Бурятия Гусиноозерскайыгар тиийбиппитигэр, араас чаастан 200 саллааты муспуттар этэ. Сахалар олох буолунай этибит. Мин аахпыппынан 60 этибит да, кэлин уолаттары кытта көрсөн кэпсэтиибитигэр “40 этибит” дииллэр. Нууччалар олох аҕыйахтар, иһэ хайдарынан, 50-ча буолуохтара. Бастаан мунньалларыгар үксэ “дембеллэр” этэ. Онтон “дьиэлэригэр бардыннар” диэн аһыммыттара буолуо, кинилэри “учебкаҕа” алта ый сулууспалаабыт ыччаттарынан солбуйбуттара.

 Бороҕон ыччата — дьоруой

Гусиноозерскайга сылдьан Ньургун Копырин биир дойдулааҕын, Уус Алдан Бороҕон ыччатын Николай Оллоновы көрсөр уонна Чечняҕа бииргэ бараллар.

— Николай 324-с мотострелковай пуолкаҕа БМП мэхээньик-суоппарынан сылдьыбыта. Мин бааһыран, Смоленскайга госпитальга барбытым кэннэ кини биир бойобуой сорудахха сылдьан, дьоруойдуу хорсун быһыыта учуоттанан, “Эр санаа”(“Мужество”) уордьанынан наҕараадаламмыта. Чечня сэриитигэр бааһыран, Николай дойдутугар эргиллибитэ. 1999 сыллаахха Түүлээх нэһилиэгэр ууга былдьанан, хомолтолоохтук бу Орто дойдуттан барбыта. Кистэммит сиригэр тиийэн, уҥуоҕар Мэҥэ таас  уурар санаалааҕым да, кыайан барбатаҕым. Түүлээххэ кыһын эрэ суол баар. Сайын суол суох сирэ. Кыһын кыстык хаары кэһэн, киһи уҥуоҕар сылдьыа суохтааххын дииллэр. Аны бириэмэ да ааста. Онон Николай Оллоновка саатар өйдөбүнньүк билиитэ туруорбут киһи диэн баҕалаахпын. Биир дойдулааҕым аата бойобуой дьайыылар өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацияларын салайааччыта Иван Черкашин “Время выбрало их…“ диэн кинигэтигэр үйэтитиллибитэ.

Саҥата суох сэрии

— Дьэ, онтон Гусиноозерскай кэннэ Чечняҕа ыыттылар дуо?

— Осетияҕа Моздокка тохтоон баран, бөртөлүөтүнэн чааспыт турар сирэ Алхазурово диэн нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тиийбиппит. Күнүс утуйабыт. Түүн илэ, кэтэнэ сылдьаҕын.

— Ол тоҕо оннук гынаҕытый?

— Дэриэбинэ олохтоохторун кытта сыһыаммыт үчүгэй бөҕө. Астарыттан бэрсэллэр, күннээҕинэн кэпсэтэбит. Туораттан көрдөххө, икки өттүттэн эйэбит бөҕө. Киэһэ хараҥарда да, атын хартыына буола түһэр. Күнүс эйэ-дэмнээхтик кэпсэппит киһиҥ түүн эйиигин кыҥаан туран, ыттаҕына да көҥүлэ. Онон күнүс утуйан баран, түүн кэтэнэ сылдьабыт. Ыттахтарына, эппиэттэһэбит. Сырдаатаҕына эмиэ бары уоскуйан хаалабыт. Оннук саҥата суох сэрии…

 Дьахтар күнэ – кэриэстэбил

 — Интэриэһинэй дии, сэрии да араастаах эбит.

— Байыаннай билиэппитигэр “байыаннай дьайыы кыттыылааҕа” диэн суруктаах. Онно маннык эбиликтээх “Чечня өрөспүүбүлүкэтигэр конституционнай бэрээдэги олохтооһун кыттыылааҕа”. Ону сулууспалаан бүтэн кэлбитиҥ кэннэ дойдуҥ военкоматыгар туруораллар.  Мин бааһыран, тыыннаах ордубутум дии саныыбын. Ол иһин кулун тутар 8 күнэ миэхэ иккистээн олоҕу бэлэхтээбитэ дии санаан, бу күн хайаан да чүмэчи уматабын. Арааһа, ыал буолан, оҕо төрөтөр ыйааҕым тардан, сэрии тыҥыраҕыттан Дьахтар Таҥарата быыһаан ыллаҕа. Бу күн Чечня сэриитигэр хаалбыт доҕотторум кэриэстэригэр эмиэ чүмэчи туруорабын. Доҕотторум, араас омук уолаттара, “ким тыыннаах хаалбыт биһигини санаан ааһаарыҥ, чүмэчитэ туруораарыҥ” диэн эппиттэрин өйдөөн хаалбыппын. Мин эрэ буолуо дуо, бииргэ сулууспалаабыт, тыыннаах хаалбыт уолаттар бары да чүмэчи туруораллара буолуо. Онон Дьахтар күнэ миэхэ — Кэриэстэбил күнэ. Дууһам оччоҕо уоскуйар.

“Дедовщина” диэн абытай этэ…”

— Чечня сэриитэ эн өйгүн-санааҕын улаханнык уларыттаҕа дии?

— “Сэриигэ сылдьан уларыйбытым” диэн санаа тутах. Нууччаларга бэргэн этии баар дии: ”Есть такая профессия — Родину защищать” диэн. Эр киһи буолан баран, төрөөбүт дойдуну көмүскүүр бигэ санаалаах буоллаҕым. Онно ким да бэлэм, холку, нуурал олоҕу бэлэмнээбэт. Аармыйа олоҕо тус бэйэҕиттэн тутулуктаах.

— Оччотугар “дедовщина” диэннэрин толору биллэҕиҥ…

— Оо, абытай буоллаҕа дии. «Учебкаҕа» алта ыйы быһа ону билбитим. Санаан көр, 1994-1995 сыллар. ССРС курдук кыахтаах дойду эмискэ ыһыллан хаалар. Ыһыллыы-тоҕуллуу, сиэр-майгы уларыйыыта, ас-үөл кырыымчыга, аччыктааһын — ол барыта аармыйа олоҕор сытыытык арыллыбыта. Биһиги «СНГ» диэн туга-ханныга биллибэт дойдуну көмүскүүргэ байыаннай бирисээгэни биэрбиппит. Охсуһуу, атаҕастаныы, уйулҕа хамсааһына ол кэмҥэ этэ. “Дедовщина” диэҥҥэ нууччалыы үчүгэйдик билэр киһи быһыытынан атаҕастаппат этим. Онуоха нуучча тылын учууталыгар Екатерина Парниковаҕа махталым муҥура суох. Екатерина Устиновна Суоттуга Белоруссияттан үлэлии кэлбитэ. Саха уолугар кэргэн тахсан, оҕолонон-урууланан, мин дойдубар олохсуйбута. Кини уруоктарга бэйэтин төрөөбүт тылынан белорустуу хоһоон ааҕан, болҕомтобутун тардара. Атын омук киһитэ бэйэтин төрөөбүт тылынан саҥарара тыл үөрэҕэр ордук интэриэһи тардара. Норуоттар доҕордоһууларын учууталбыт дууһабытыгар иҥэрбитэ. Ол иһин мин нууччалыы холкутук кэпсэтэр буолан, аармыйаҕа эрэйи көрбөтөҕүм.

“Сахат” оҕону сахалыы иитэр

 … Ньургун Копыринныын төлөпүөнүнэн кэпсэтэ олорон иһиттэхпинэ, арай бөтүүк хаһыытаан тоҕо барда. “Ити эн куорат таһыгар олороҕун дуо?” диэн ыйыттым. “Ээ, куораттан тэйиччи баарбын. Ити бөтүүк чаас аҥара буола-буола “айманар”, сотору уурайыаҕа” диэтэ. Салгыы кэпсэтэн билбитим, Ньургун Афанасьевич “Сахат” диэн Анатолий Бурнашов чааһынай оскуолатыгар ат тутааччынан үлэлиир эбит.

Оскуолабытыгар ат да баар, куурусса да иитэллэр, сотору аны саха ынаҕа кэлиэхтээх дииллэр. Инньэ гынан “Сахат” оскуолатын 1-кы кылаастан 6-ка диэри үөрэнэр оҕолор аҥардас үөрэҕинэн эрэ муҥурдамматтар. Тыа олоҕор сыһыаннаах үлэҕэ үөрүйэх буола улааталлар. Ити бөтүүк миэхэ олус туһалыыр. Ол курдук, эбиэт кэнниттэн оҕолор биир чаас кэлэн үөрэнэллэр. Акка сыстаҕас оҕо, бөтүүк сэттэтэ да хаһыытаатын, олох кыһаныа суоҕа. Аттан арахсыбат. Оттон акка сыстаҕаһа суох оҕо бөтүүккэ аралдьыйан, онно сүүрэр. Онон быһаарабын“бу оҕо акка чугас, ол оҕо – ыраах” диэн.

Аттарбыт бородуолара – карачаевскайдар. Саха атын – айылҕа оҕотун көнньүүһүнэҕэ туппаккын, тыаҕа, сыһыыга, алааска сылдьар, — диэн кэпсиир сэһэргэһээччим.

… Кэпсэтиибитин Ньургун Копырин: “Бойобуой дьайыылар өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацияларын үлэтин олус сэргиибин. Уопсастыбаннай тэрилтэ социальнай хайысхалаах үлэни ыытар. Эйэлээх кэмҥэ сэриилэспит 80-90-с сыллар Афганистан уонна Чечня сэриилэрин кыттыылаахтара билигин “бэтэрээннэр” буоллубут. Москваҕа ыытыллар Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйдээх параадын, төһө да тэлэбиисэринэн буоллар,  көрүөхпүн олус баҕарар этим. Наһаа күүппүтүм. Сыстыганнаах дьаҥынан сибээстээн, ол суолталаах тэрээһин буолбатаҕа. Аны Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх параадын кэтэһэбин…”, — диэн түмүктээтэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0