Ньургун (кэпсээн)

Ааптар: 
23.12.2018
Бөлөххө киир:

     Кылгас күннээх кыһыҥҥы хараҥа киэһэ. Ый уота симиктик ыйдаҥаран тыа быыһынан субуруйар ыллык суолу үдүк-бадык сырдатар. Хараҥаҕа улахан тииттэр сараадыйан, лабаалара санньыһан санааҕа ылларбыт саастаах киһилии үрүҥ хаары үллүктэнэн тоҥон чоҥкуһан тураллара, ханна эрэ чугас сылгылар атахтарын тыаһа хоочургуура, тэйиччи ыт үрэн моргуйара барыта – санааҕа ылларбыт уолчааны кытта тэҥҥэ санаарҕаабыттыы, эмиэ  да сэмэлээбиттии куту-сүрү баттыырга дылылара.  

Уолчаан кыракый чөмчөкөтүгэр санаа баттыга буолбут күнүн ырыта саныы истэ. Эчи тымныыта да бэрт. Санааҕа ыллардахха, бэл кыһыҥҥы тымныы кыһарыйара күүһүрэргэ дылы. Маныаха диэри бу тымныыны аахайыллыбакка оонньоон-көрүлээн сылдьыллыбыта. 

Бу Ньургун диэн сэттис кылааска үөрэнэр уолчаан. Бэҕэһээ киэһэттэн ыла санаата улаханнык түһэн, бу бүгүн иккис күнүн сүтүгүн көрдөөн иһэр да туһа суох.  

Ньургун ийэлээх а5ата иккиэн маннаа5ылар. Ийэтэ биэлсэр идэлээх эрээри, билигин о5отун, кырачаан Айтушканы көрөн үлэлээбэккэ олорор, оттон аҕата нэһилиэк электромонтера.  

             Ньургун олох кыра сааһыттан үлэҕэ миккиллэн улааппыта. Аҕата олус кытаанах майгылаах буолан мээнэ атаахтатан ымманыйбат этэ. Уолчаан дьиэ ис-тас үлэтигэр барытыгар көмөлөһөрө. Аҕатыгар муус ылсан, мас тиэйсэн илии-атах буолан абырыыра. Сэттэ сааһыттан ходуһаҕа киирбитэ. Онтон ыла тохтоло суох, сайын ахсын буһа-хата оттоһор. 

Бу ааспыт сайын эр дьону кытта тэҥҥэ сылдьан уулаах сирдэргэ илии хотуурунан от охсон этэ быстан турардаах. Ол ыалдьа-ыалдьа киэһээҥҥи ыамҥа ынах ыаһан, сарсыардатын собуокка үүт туттарар эппиэтинэһи сүкпүтэ. Ол быыһыгар отчуттарга уу баһан, чэй өрөн күөс бэлэмниирэ. Дьэ, манна кини эр киһи буһар-хатар кытаанах оскуолатын ааспыта. Уруккутун курдук сайыҥҥы киэһэлэргэ уолаттары кытта бэлисэпиэтинэн барбакка, аны тыраахтар көлө моһуогурдаҕына ону өрөмүөннээн аҕатыгар көмөлөһөрө. Ньургун ыал улахан оҕото буолан олус эппиэтинэстээҕэ. Кыһынын үөрэнэн кэлээт кырачаан балтын оҕолоон  соло булбат этэ. Бу барыта тыа оҕотун күннээҕи олоҕун оҥкула этэ. Барыта буолуохтааҕын курдук санаан уолчаан оччону үлэлиибин, баччаны кыайдым диэн хаһан да аахпат, айгыстыбат этэ.  

                Биир үтүө киэһэ улуус киинигэр суотабай сибээс киирбит үөрүүлээх сонунун аҕалара чээйдии олорон кэпсээбитэ. Ньургун суотабай сибээс туһунан телевизорга эрэ көрөн, араас мтс, билайн рекламаларын эндэппэккэ билэрэ. Уонна оттон бу ааспыт күһүн тастыҥ убайа Филя бэйэтин суотабайын көрдөрбүттээх. Кини устудьуон буолан, дьоно уолларыгар син балачча сыанаҕа ылбыттара. Ньургун кылааһын оҕолоругар бу тэрил эмиэ сыыйа көстүтэлээн барбыта. Хас перемена ахсын уолаттар, кыргыттар буолан бэйэ-бэйэлэригэр ырыа бырахсартан соло булбаттара. Ньургун иһигэр наһаа ымсыырара, дьонугар этэн ылларыан баҕарара эрээри, аҕата соҕотох эрэ үлэһит буолан, куруук харчыларынан быстаралларын барытын көрө сылдьар буолан, ол туһунан саҥарбат этэ. Син биир сибээс хаппат сиригэр ылан да диэн бэйэтин уоскутунара. 

Арай, биир күнү дьоно бэркэ үөрбүт-көппүт сирэйдээх үүт харчыта ботуччу кэлбитин киэһээҥҥи аһылык кэмигэр кэпсэтиспиттэрэ. Ол кэпсэтэ олорон ийэтэ: 

Тоойуом, Ньургун, эйиэхэ туох нааданый, билигин ылар кыахтаахпыт ээ… Өйүүн аҕаҥ убайгынаан Мэхээстиин куораттыыллар. Мэхээс массыынатыгар саппаас чаас ылар үһү, — диэн ийэтэ куолутунан олус сымнаҕастык, ол эрээри соһуччу ыйытта. Ньургун иһигэр хаста да суотабай телефон диэн быктарыан баҕарда эрээри, урут кеда ылбыттарыгар тоҕо кроссовка ылбатыгыт диэн сөбүлээбэтэҕин биллэрбитигэр аҕата: «Көр эрэ маны, өссө тугу көрдүүгүн. Сирдэргин төрүт да кэтимэ, кыыс курдук талымас ээ», — диэн кыыһыран турардаах. Ньургун онтон хомойон өр өсөһөн ол кедатын кэппэтэҕэ. Хата, ийэтэ барахсан уоскутан, билигин харчыларынан олус быстарбыттарын кэпсээн, хайыай, кедатын кэппитэ. Ити Ньургун бэһис кылааска сырыттаҕына этэ.  

Чэ, Ньургун, тугу сакаастыыгын, — диэн аҕатын сөҥ куолаһа иһиллибитэ. 

Ээ, оттон… Уол эмиэ саҥарбакка чэйин иһэ-иһэ, аһаабыта буола олорбута. 

Уолбут атаҕын таҥаһа наһаа эргэрбит. Арай түүлээх истээх бачыыҥка ыллахпытына, сүрэ бэрт, оҕом хаһыс сылын кэттэ?

Суох, ийээ, миэхэ атах таҥаһа наадата суох, ити эргэбинэн да сылдьыам. Кылааһым оҕолоругар барыларыгар кэриэтэ суотабайдаахтар…, — диэн төлө биэрэн эмискэ саҥарбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Аҕата соһуйан ходьох гына түстэ, били, сиэри олорор арыылаах килиэбин туора аньан баран уолугар эргиллэн: 

Ол хас тыһыынчалаа5ый, Ньургун? Сибээс хаппат нэһилиэгэр олороммут аны мааны оҕоҕо телефон ылан ооонньуу оҥостобут дуо. 

—Уйбаан, бээ тохтоо. Уолгун иһит ээ, улуус киинигэр сибээс киирбитэ дии… уонна ол тэриллэрэ наһаа оннук сыаналаах буолбата ини, — диэн ийэтэ быһа түһэн көмүскэстэ. 

Төһөнүй? 

Биэс…, түөрт иһинэн таһынан буолуо….- Ньургун аат-харата хардарда.

Аҕата балачча саҥата суох  олорон баран: 

Чэ, көрүөхпүт, — диэтэ. 

Дьэ, ити курдук кытаанах кэпсэтии кэнниттэн уолугар аҕата НОКИЯ диэн суотабай телефон аҕалбыта. Уолчаан үөрэн атаҕа сири биилбэт этэ. Түргэнник кылааһыгар илдьэн көрдөрөн музыка эҥин ыла охсуон баҕарбыта эрээри, туттуммута. Хоруопкатыгар кичэйэн уура сылдьыбыта. Кыһын, баҕар олимпиадаҕа, биитэр дуобат күрэхтэһиитигэр киирдэхпинэ туттуом диэн эрэх-турах санаммыта. 

Оҕо аата оҕо. Ньургун биир үтүө күн кылааһыгар суотабайый илдьэ баран оҕолорго көрдөрбүтэ. Оҕолор бэркэ сэргээн, ол күн Ньургун тула үмүөрүспүттэрэ. 

Оҕолор суугунаһар аймалҕаннарын кылааска саамай сытыы-хотуу уол Ганя үргүтэн: 

Оҕолоор, сарсын улуус кииниттэн ЮДМ, милииссийэ эдэр доҕотторо, оскуола оҕолоро шефтэһэ кэлэллэр үһү. Биһиги бары сарсын суотабайдарбытын илдьэ кэлэн кыратык киэптиэхпит буоллаҕа дии, — диэн тыл көтөхпүтүн бары өйөөбүттэрэ.  

Ньургун үөрэнэн баран дьиэтигэр кэлбитэ ийэтэ кырачаан балтын утутан баран ас бэлэмнии сылдьара. 

Хайа, Ньургун кэллиҥ дуу, чээйдээн баран маскын, муускун киллэрээр. Бүгүн хойутаабыккын иһин сүөһүлэри аҕаҥ бэйэтэ уулаппыта. 

Ээ, ити кылааһынан кыратык мунньахтаатыбыт. Сарсын улуус кииниттэн оҕолор кэлэллэр үһү, онно кыратык чээйдэтэр, оонньуу тэрийэр үһүбүт.  

Чэ, бэрт дии, оччоҕо хата бүгүн оҕобор пицца буһарыам, — диэн ийэтэ уолун диэки эйэҕэстик көрдө. Ньургун сып-сап аһаат тахсн маһын, мууһун дьаһайбытынан барда. 

Киэһээлик, ийэтэ ас бэлэмнии сырыттаҕына уол уруогун ааҕа олорон: 

Ийээ, сарсын мин биэчэргэ телефоммун илдьэ барыам, хаартыскаҕа эҥин түһэриэм…, — диэн ыйытта. Онуоха ийэтэ: 

Илдьиминэҕин, бэйэҥ киэнэ дии. 

Оттон аҕам  көҥүллүө дуо? Баҕар төрүт да биэчэргэ ыытыа суоҕа. 

Ону киэһэ аҕаҕынаан бэйэм кэпсэтиэм. Саастыылаахтаргын кытта хайдах сылдьыаҥ суоҕай? 

Ньургун ийэтэ өрүү олус сымнаҕас. Ханнык да түгэҥҥэ сөптөөх эппиэти булан уоскутар ураты майгылаах. Оттон аҕата онуоха утары. Ыгым, кытаанах буолан кини кыыһырдаҕына Ньургун ийэтинээн саҥата суох сылдьааччылар. Аҕам кыыһырбатын диэн уол куруук барыга бары көмөлөһө сылдьааччы. Атын оҕолор курдук хойукка диэри оонньообот, мээнэ мээчиктээбэт. Кини эмиэ ийэтин курдук сытыары сыммнаҕас майгылаах буолан доҕотторо олус сөбүлүүллэрэ. Хата, балта Айтушка ытанньаҕа сүр. 

Оскуола кэнниттэн Ньургун оҕо көрсөр, ол да иһин уруогун ааҕаат, эрдэ утуйар. Хата, сарсын барарыгар ийэтэ көҥүллээтэ. 

Киэһээ аһылыкка аҕалара аһыы олорон: 

Хайа, Ньургун, дуобаккар сылдьа5ын дуо, — диэн соһуччу ыйыппыта. Дьиҥэ, дьиэ үлэтэ кыайтарбатыттан уолчаан бу соторутааҕыта дуобатын бырахпыта. 

— Суох…. 

Тоҕо, мээчик тэбэргин ордордуҥ дуо? Оттон өйгүн ким үлэлэтэр.     

Ити аата аҕата бүгүн настырыанньата суох эбит, кини куруук ону-маны ыйыппыта буола-буола кыйаханар идэтэ. Ону ийэтэ бэркэ билэр буолан: 

—  До5оор, Уйбаан, аргыый буол, чэ. Оттон дьиэ үлэтэ кыайтарбатыттан күһүн тохтообута эбээт. 

— Чэ, куруук көмүскэһэн иһэҕин, аҕа уолбунаан уонна хайдах кэпсэтэбин? Ньургун, ынахтаргын  кииһилии уулатар буол, кыра бургунас атаҕа доҕолоҥнообут. Ыксааҥҥын мээнэ сүүрдэҕин быһыылаах, халтарыйыахтара диэн сэрэммэккин ээ, — диэн аҕата уолун сэмэлии олорбута.  

Биэчэр туһунан ыйытыахтааҕар буолуох саныыр да санаата суох курдук буолла. «Ити айылаах кыыһырбыт киһи онно көҥүллүүрэ биллибэт. Ийэм барахсан аспын хайы сах бэлэмнээбитэ» диэн уол иһигэр ийэтин аһына олордо.  

Арай, уолчаан балтын кытта оонньуур кэмигэр дьоно остуолга олорон өр кэпсэттилэр. Баҕар, аҕам көҥүллээрэй диэн эрэл кыыма үөскээбитэ.  

Сарсыныгар уол дьиэ үлэтин барытын үмүрүтэн баран оскуолаҕа киэһэ ох курдук оҥостон барбыта. Кини оҕолору кытта билсэн-көрсөн, бэркэ оонньообута. Күрэхтэһиигэ куобахтааһыҥҥа иккитэ бастаабыта. Күрэс кэнниттэн бары аллараа саалаҕа үҥкүүлүү киирбиттэрэ. Уол кыратык үҥкүүлээн баран, дьиэлээри сонун кэтэ аллараа түспүтэ. Ыстаанын сиэбин хаһан телефонун ылаары гыммыта, арай, телефона суох. Уол итэҕэйбэккэ сиэбин хаста эмэ хаспахтаабыта. Олус ыксаабыта. Тохтоон балачча ханна-ханна сылдьыбытын эргитэ толкуйдаан көрбүтэ. Төттөрү сүүрэн тахсан кылааһы, сааланы биир гына көрдөөбүтэ да, булбатаҕа. Тэҥнэһиэ дуо, киэһэ хойут арбы-сарбы буолан дьиэтигэр кэлбитэ. Киирбитэ, аҕата оһох иннигэр боруобат ситимин сааһылыы олороро, ийэтэ кинини кэтэһэн түннүктэн түннүккэ түһэ сылдьаахтыыра. Оттон балта утуйаахтаабыт этэ. 

Уол дьиэтигэр киирэн саҥата-иҥэтэ суох тас таҥаһын устан хоһугар ааспыта. Ийэтэ уола кэлбитин көрөн чэйин тардан остуолга ыҥырбыта.  

Чэйдии олорон өлүү түбэлтэлээх аҕата: 

Ньургун, биэчэр төһө бэркэ ааста? Хайа, дьэ, иллэҥсийбиччэ, били телефоммутун көрүөх эрэ, ааспыкка убайыҥ Мэхээс Филялыын талан ылбыттара, мин онно быһаарсыбат буолан кыттыспатаҕым, — диэтэ. 

Уол аҕатын тылларын истэн, бэйэтэ да онто суох сүтүктэммит киһи тугу гыныан билбэккэ ах баран олордо. Онуоха аҕата: 

— Хайа, туруорсан аҕай ылларбыт сыаналаах тэрилгин көрдөрүөххүн нохоо, — диэн уола саҥатыттан матан олорорун көрөн аҕата улаханнык саҥарда. 

— Чэ бээ, бээ, кэлин да көрөөр, — диэн ийэтэ эмиэ барытын уҕарыта сатаан саҥарбытын бу сырыыга аҕалара истибэтэ. 

— Ньургун, телефоҥҥун аҕалан көрдөр диэтим ээ, — диэн күргүйдээтэ. 

Уолчаан тэҥнэһиэ дуо, титирэстээбитинэн ойон тураат: 

Суох көрдөрбөппүн! , — диэн төһө кыалларынан кытаанахтык чиҥэтэ соҕус саҥарбытыгар аҕата истибэтэҕин истэн: 

Көр эрэ маны, өссө утары бардьыгынаабыт буола-буола, кэл эрэ манна! 

Айдаан тахсаары гыммытын билэн ийэтэ хоско киирэн: 

Тоойуом, тахсыый, көрдөрүүй ээ, уустук үһү дуо. 

Оо, ийэтэ барахсан төһөлөөх уустугун билэрэ буоллар…. Уолчаан хостон тахсан кураанах телефон хоруопкатын аҕатын иннигэр уураат, сонун бүрүнэн таһырдьа ойдо. 

Аҕата саҥата суох хоруопканы арыйбыта, арай онто кураанах. 

Маҥай аллаах, өссө күлүү гынар эбит буолбат дуо?! Хата ити тэрилин былдьаан ылыам ээ, — диэн баргыытаабытынан ойон турда. Хата, кырачаан Айтушка аҕатын хаһыытыттан соһуйан ытаан барбытыгар, киһи эрэ буоллар аҕалара дьэ уоскуйан кыыһын көтөхтө.  

Ньургун таһырдьа тахсан кыһыҥҥы тымныы салгыны эҕирийэн дьэ уоскуйда.  

«Суох, суох, билигин мин барыам, ырыых, ыраах… ким да миигин булуо суоҕа….» уолчаан ытыы-ытыы күөл уҥуор куула тыа диэки оргууй хаамта. Олбуоруттан тэйэн истэҕин ахсын сүрэҕэ тэбэрэ күүһүрэн, этин сааһа хайдах эрэ аһыллан сыыйа дьагдьайа быһыытыйда. Хас күнүн ахсын бу суолунан ынахтарын уулата барааччы, тоҕо эрэ бу киэһэ олус ырааппыт, ханна эрэ билбэт сиригэр тиийбит курдук сананна. Арай ыраах ийэтин хаһыыта: 

-Ньургун, Ньургу-у-у н , — диэн иһиллэр. Ийэм эрэйдээх, мин акаарыбыттан, дьалаҕайбыттан ити барыта… Кини бачча киэһэ дьиэтиттэн тахсан барбытыттан уонна кэлбэтэҕинэ ийэтэ эрэ барахсан санааргыа, утуйуо суоҕа. Айтушка ону ситэ өйдүө суоҕа, кырата да бэрт. Оттон аҕата кыһанара биллибэт курдук. Кини уруккуттан да Ньургуҥҥа сыһыана хайдах эрэ хаҕыс соҕус этэ. 

Уол балачча туран баран ийэтигэр төттөрү утары сүүрдэ. Ийэтэ эрэйдээх чараас халтаҥ сонун бүрүнэн уолугар утары иһээхтиирэ: 

— Ньургун, тоойуом, то5о мээнэ тахсан бара5ын, бачча хойут…Аҕаҥ уоскуйдаҕына сарсын кэлээр, бүгүн Мэхээстээххэ хонноххуна хайдах буолуой?, —  диэн ийэтэ хараҕын уута субуруйа-субуруйа уолун кууспахтаата. Уол саҥата суох ийэтэ таһаарбыт суумкатын, малын-салын ылан, ийэтигэр биир уоскутар тылы эппэтэҕиттэн кэмсинэ саныы-саныы Мэхээстээх диэки барда. Ийэтэ эрэйдээх ыраахха диэри, оҕотун атаҕын тыаһа иһиллибэт буолуор диэри кыһыҥҥы тымныы киэһэ турбута. 

«Кэбис, биир телефон сүттэҕин аайы араас куһаҕан санааны санаамыым, өскөтүн мин суох буоллахпына ийэм тулуйбата чахчы….» диэн Ньургун күүстээх санааны ылынна. Кырдьыгы дьоммор этиэххэ наада диэн саныы-саныы бу түүн убайын аахха хоммута. Сүтүгүн туһунан тугу да кэпсээбэтэҕэ. Дьоно уол мөҕүллэн кэлбитин өйдөөн ыйыта барбатахтара.  

Сарсыныгар туох да буолбатаҕын курдук уол оскуолатыгар бараахтаабыта. Иһигэр оҕолор хатан күлүүлэрин истэ-истэ ымсыыра саныыра. Туох да кыһалҕата суох оҕолор күлүүлэрэ үчүгэйин. Ити телефону ылыан иннинэ төһөлөөх холкутук олорбутай, күннээҕи кыһалҕата кэмигэр кэлэн сүөһүлэрин уулатыы этэ. Билигин бу… 

Уруогар да сүгүн үөрэммэтэ. Дьиэтигэр хайдах тиийэн тугу быһаарарын, аҕатын кытта кэпсэтэрин санаан ах баран олордо. Доҕордоро санаата түһэн күлбэт-үөрбэт буолбутун оҕолор өйдөөн көрдүлэр эрээри, дьиэтигэр аҕата мөхпүт быһыылаах диэн бүтэйдии сэрэйэн ким да сураспата. Ол онон хаалла.  

Уолчаан үөрэнэн бүтэн баран оргууй дьиэтин диэки хаамта. Бэл, халлааҥҥа харбаһан  өрөһөлөнө үүммүт улахан тииккэ олорор суордар кини санаатын таайбыттыы, кинини аһыммыттыы умса көрөн олороллоро. Дьонугар хайдах кырдьыгы этиэн билбэккэ күрүөтүн таһыгар балачча турда. «Таах сибиэ оскуолаҕа илдьэ баран. Билигин телефонум баара буоллар…» ким да көрбөтүгэр Ньургун хараҕын уутун сотунна. Хайаатар да саатар ийэтигэр кэпсээтэ5инэ сатанар. А5атыттан толлоро бэрт, биллэ5инэ дьэ кэһэтиэ турда5а. Уолчаан үтүлүгүн устан, били, улахан тоҥ тииттэн хатырык хастаан санаа курдук сиэбигэр уктан киирдэ. Киирбитэ, хата аҕата суох эбит. Ийэтэ уола киирбитигэр утары кэлэн кууһа түстэ. 

Ньургун, оҕом сыыһа, хайдах хоннуҥ? 

Син бэрт, — диэт суумкатын ууран хоһугар киирдэ.  

Тоойуом, кэлэн аһаа, — диэн ийэтэ ыҥырбытар уол кыһаммакка сытта. Аһыан да баҕарбат. Уолчаан таҥаһын да устубакка оронугар умса түһэн сытарын көрөн ийэтэ: 

-Хайа, Ньургун, аһаан баран ынахтаргын уулаппаккын дуо? Ойбон тоҥон хаалыа, аҕаҥ кыыһырыа. Бүгүн Мэхээстиин от тиэйэ барбыттара, — диэн саҥаран иһэн уола сыҥсыйан ытыы сытарын көрөн: 

— Тыый, Ньургун, тоойуом…, — ийэтэ бөтөн ылла, онтон: 

Аҕаҕар кыыһырыма, кини эйигин үчүгэй киһи буоллун диэн кытаанахтык иитэргэ дьулуһар. Улаатан үөрэхтээх үлэһит киһи буолуоххутун иккиэн баҕарабыт ээ… Эн аҕаҕын хом санаама. Кыра сааһыттан тулаайах хаалан быраатын Мэхээһи бэйэтэ улаатыннарбыта, ол да иһин итинник тас көрүҥэр тыйыс, кытаанах буолуо. Уол барытын саҥата суох истэ сытта, хаста да ийэтигэр телефонун сүтэрбитин кэпсиэн баҕаран: 

— Ийээ…, — уол этиэхчэ курдук буолан иһэн бобуллан хаалла. Онтон тыын ылан баран оргууй: 

Билигин ынахтарбын уулата тахсыам.

Аат-харата туран таҥаһын уларытынна. Кыратык чэйдээбитэ буолан хотоҥҥо таҕыста. Ынахтарын ойбоҥҥо үүрэн киллэрэн иһэн өйө-санаата эмиэ телефонугар этэ. Таах ийэбэр кэпсээбэтим быһылаах, өйдүө этэ ийэм,  диэн саныы-саныы, били, саҥа ылаат телефонун бэлиэтээбитин, иһигэр бэйэтин аатын суруйбутун өйдүү биэрдэ. Ким ылбыта эбитэ буолла, баҕар сиэбиттэн түһэн хаалбытын ким эмит булан ылбыта буолуо, оччоҕо баҕар төннөрүөхтэрэ.  Араас санааларын кыйдыы сатаан, тоҥон хаалбыт ойбону аллара сатыы турбута.  

Таһараа ыаллар эһээлэрэ Байбал оҕонньор ынахтарын уулата сылдьан Ньургуну көрөн: 

Ньургун, дорообо. Хайа, бүгүн тоҕо хойутаатыҥ, — диэн кэпсэтэ сатаан көбдьөөрдө. 

Улахан кэпсээн суох, арай аҕам Мэхээстиин от тиэйэ барбыттара. 

Ньургун, маладьыас, дьоҥҥор көмөлөһөн абырыыгын, сөп ээ, эр киһи итинник буолуохтаах. 

Уол Байбаллыын кэпсэтэн баран сүөһүллэрин уулата турдаҕына оҕонньор: 

Ньургун, арба иллэрээ күн улуус кииниттэн кэлбит хоноһо уол соһутта ээ… Дьикти түбэлтэ буолла ээ, ити суотабай сибээс биһиэхэ суох эрээри оҕолор обургулар телефоннаахтар эбит ээ…  

Уолчаан телефон диэн тылы истэн ах барда. Кинини кыһыппыт курдук Байбал оҕонньор телефон туһунан кэпсиир ээ. Уол тулуйбакка: 

— Чэ, бээ мин бардым… 

Тохтоо, Ньургун, ситэ истиэххин, Бээ, кырдьаҕас киһи кэпсиирим бытаан ээ, — диэн оҕонньор уолу тохтотто.  

— Баҕар, Ньургун эн билэриҥ буолаарай? 

Тугу?

—Ээ, ол хоноһо уол оскуолаттан сэрээтэ олорон хаалбыт саҥа телефон булан хаалларан барда, барахсан чиэһинэйэ дьэ сүр эбит. Хата, ону оскуолаҕа биллэрии ыйаатаххына, ким эмит сүтүктээн аймана сылдьара буолуо. 

Ньургун ити тыллары истэн истибитин итэҕэйбэккэ оҕоньор диэки эргиллэ түстэ: 

Байбаал, Байбаал, баран көрүөх, мин мин ол күн дьонум ылбыт саҥа телефоннарын сүтэрбитим… , —диэн үөрүүтүттэн түргэн түргэнник саҥарда. 

Тыый, нохоо, бээ, бээ, тохтоо. Ынахтарыҥ тоҥуохтара, баран баайталаа уонна кэлээр ээ, — диэн уол омунун уҕарытардыы саҥарда. 

Ньургун иһиттим-истибэтиэм диэт, ынахтарын сүүрүү-хаамыы икки ардынан тиийэн баайталаата уонна дьиэҕэ киирэн телефонун хоруопкатын ылаат таһырдьа ойдо. Ийэтэ өйдөөмүнэ да хаалла. 

Уолчаан аҕылыы-аҕылыы Байбал оҕоньордооххо сүүрдэ. Киирбитэ эмээхсин чаанньыгын оргутаары сылдьаахтыыр эбит. Ньургуну чарапчыланан көрөн баран: 

— Хайалара эбитэ буолла, — диэн ботугураат утары кэллэ. Ол кэмҥэ таһыттан Байбал киирдэ. 

—Хайа, Ньургун, кэлэ охсубуккун дуу? Эмээхсиэн, били оҕо хаалларбыт тэрилин аҕалан кулу, – диэтэ.  

Эмээхсин хоско киирэн таҥаска сууламмыт телефону аҕалан остуолга уурда. Уол телефоону көрөөт, сүрэҕэ битиргэччи тэптэ. Киниэнэ, кини икки хонуктааҕыта сүтэрэн көрдөөн аймаммыт телефона бу кылбайан, ойуута баран эрэр ыскаатарга сытарын киһи итэҕэйиэ суоҕун курдуга. Ньургун сулбу хааман тиийэн эргим-ургум тутта. Телефон муннугар кини бэлиэтэ баара. Уол сэрээттиир тэрилин розеткаҕа анньан телефонун холбообутугар «Дорообо, Ньургун, эн хорсуҥҥун» диэн бэйэтэ суруйбут эҕэрдэтэ көстөн кэлбитин оҕонньор сэргии көрдө. «Ээ, чахчы бэйэтин киэнэ эбит, ол да иһин Ньургун тоҕо албынныай», — диэн санаан оҕонньор мичээрдии олордо. Ньургун иккистээн төрөөбүт курдук сананна. Оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ махтанан телефонун сиэбигэр уктан дьиэлээтэ. 

Ийэтэ барахсан уола мааҕыан санааҕа ылларан сыппытын санаан уйадыйа олороохтуура. Уола киирбитигэр хараҕын уутун туора соттоот утары барда.  

Ньургун, ити туох буолан түргэн баҕайытык киирэн таҕыстыҥ. Ынахтаргын уулаттыҥ дуо? 

Ийээ, ийээ… мин буллум ээ, буллум, — дии-дии Ньургун үөрэн бэйэтэ да өйдөөбөккө сиэбиттэн телефонун хостоон таһаарда. 

Тугу этэҕин, Ньургун, — диэн ийэтэ мунаарбыттыы уолун диэки көрдө, онуоха уол барытын кэпсээн биэрдэ.  

Кэпсээни истэн ийэтэ: 

— Тоойуом, о5ом сыыһа, аны итинник кистээбэт буол. Саамай чугас дьонуҥ биһиги ээ, — диэн уолун икки күннээҕи кыһалҕатын барытын субу, сибилигин дьэ өйдөөн олус уйадыйда, үрүт үөһэ уолчаанын ыас хара баттаҕын имэрийэ-имэрийэ сыллыы олордо. Саалаҕа кырачаан Айтушка бэйэтэ-бэйэтигэр оонньуу олорбута. 

Ньургун оҕочоос дууһатын ыар баттыга дьэ түһэн, чэпчээбиттии санаммыта. Бэл түннүк кырыатын оһуордара кыһыҥҥы киирэн эрэр күҥҥэ араас өҥүнэн кылапачыйа оонньоон уолчаан сүрэҕин үөрдүбүттэрэ.

Ульяна ЗАХАРОВА-СТЕПАНОВА

Хаартыскалар: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0