Ньургун Бэчигэн: “Өссө өрөйөн-чөрөйөн биэриэххэ”

11.03.2022
Бөлөххө киир:

“Ханнык баҕарар кириисис икки өрүттээх. Бииринэн, тохтоон, олорон хаалыахпытын, иккиһинэн, сөптөөхтүк хамсаннахпытына өссө сайдан тахсыахпытын сөп. Тас дойдулар бэйэҕит бэйэҕитигэр олоруҥ, дьэ көрүөхпүт дииллэр, онуоха биһиги өссө өрөйөн-чөрөйөн биэриэхпитин наада”, – диэн этэр саха тылын үөрэтэр сыһыарыы бырайыагын ааптара Ньургун Бэчигэн.

Санатан эттэххэ, кэргэннии Лилия, Ньургун Бэчигэннэр былырыыҥҥыттан саҕалаан саха тылын үөрэтэр төлөпүөҥҥэ хачайданар сыһыарыы бырайыагын оҥорон олоххо киллэрэн эрэллэр.

Бу бырайыагы саҕалыырга кэргэним Лилия бастаан өй укпута. Кини бэйэтэ Дьокуускай айти-пааркатыгар үлэлиир. Үлэтин таһынан тас дойдуттан кэлбит ыалдьыттарга Сахабыт сирин, Дьокуускайбыт туһунан кэпсиир. Биирдэ оннук экскурсия кэнниттэн: “Биһиги атын омуктарга сахабыт тылын билсиһиннэрэр, бэйэбит уратыбытын көрдөрөр суотабай төлөпүөҥҥэ илдьэ сылдьар сыһыарыыбыт суох эбит. Уонна бу сыһыарыыбыт бэйэбитигэр да, оҕолорбутугар да туһалаах буолсу”, – диэн кэпсээннээх кэлбитэ. Кырдьыгын эттэххэ, айти-технологияттан ыраах буоламмын, өскүөрүтүн “ыык” диэт умнан кэбиспитим. Ол эрээри Лилия ити боппуруоска син-биир төннө турбута, “хайа толкуйдаатыҥ дуо” диэн бэйэбиттэн туоһулаһар этэ.  Онтон дьэ хасыһан, үөрэтэн, манна сыһыаннаах дьону кытары кэпсэтэн, кинилэри кытта сүбэлэһэн барбыппыт. Бастаан бу кыаллыан сөп дуо диэн боппуруоһу туруорар этибит. Хас биирдии көрсүбүт, кэпсэппит дьоммут бары “кыаллар дьыала, маладьыастар, саҕалааҥ, биһиги көмө буолуохпут” диэбиттэриттэн биир бэйэм олус астыммытым уонна ити сыһыарыыбытын саҕалыырга төрүөт буолбута да диэххэ сөп, – диэн иһитиннэрэр Ньургун.

Билигин ааптардар бырайыак үбүлээһинигэр үлэлэһэ сылдьаллар. “Бырайыакпытыгар барыта 3,7 мөлүйүөн солкуобай ирдэниллэр. Туохтан эмэ саҕалыахха наада диэн олунньуга краудфандинг диэн бырайыактары кэлэктиибинэн үбүлээһин ньыматынан “BoomStarter.ru” сайтынан харчы хомуйуутун саҕалаабыппыт. Бу туһунан сиһилии сайтынан: https://boomstarter.ru/projects/1079001/prilozhenie_po_izucheniyu_yakutskogo_yazyka_sahalyy  киирэн билсиэххитин сөп. Ону сэргэ бу күннэргэ бырайыакпыт СӨ тас сибээһин уонна норуоттарын дьыалаларыгар министиэристибэтин нөҥүө судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киирбитин иһиттибит. Онон көрүллүөхтээх 1,5 мөлүйүөн солкуобайы туһанан, сыһыарыыбытын таҥан барыахпыт. Сыһыарыыбытын “Квантум” хампаанньа таҥыахтаах. Салгыы бу бырайыакпытынан Ил Дархан Граныгар кыттыбыппыт. Куонкурус түмүгэ ыам ыйыгар биллиэхтээх”, – диэн бэлиэтиир кини.

Ньургун Бэчигэн этэринэн, билиҥҥи буола турар балаһыанньаҕа олорон хаалбакка бэйэ оҥорон таһаарыытынан дьарыктанар кэм кэллэ. “Мин санаабар, ханнык баҕарар кириисис икки өрүттээх. Бииринэн, тохтоон, олорон хаалыахпытын, иккиһинэн, сөптөөхтүк хамсаннахпытына өссө сайдан тахсыахпытын сөп. Тас дойдулар бэйэҕит бэйэҕитигэр олоруҥ, дьэ көрүөхпүт дииллэр, онуоха биһиги өссө өрөйөн-чөрөйөн биэриэхпитин наада. Арассыыйа бэйэтин норуоттарыгар, ис бэлиитикэтигэр, ис туругар болҕомтотун ууруоҕа дии саныыбын. Онон төрүт үгэспитигэр, духуобунаспытыгар, тылбытыгар-өспүтүгэр төннөр кэммит кэллэ. Айти-технология чааһын эттэхпинэ, билигин РФ бырабыыталыстыбата бу эйгэҕэ үлэлэһэ сылдьар дьоҥҥо араас чэпчэтиини киллэрдэ. Саха дьоно олорон эрэ ону-маны ырыҥалыы, толкуйдуу, сааһылаан-наардаан өйдүү үөрүйэх норуоппут. Мин саныахпар, айти-технология ол иһин биһиэхэ чугас курдук. Онон бэйэбитигэр сөп түбэһиннэрэн, саҥа технологиялары култуурабытыгар, тылбытыгар, үгэспитигэр киллэрдэхпитинэ биһиги өссө сайдыахпыт”, – диэн бэлиэтиир кини.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0