Тыгын Дарханы оонньообут Ньургун Бэчигэн

03.11.2020
Бөлөххө киир:

Сарсын киэҥ экраннарга күүтүүлээх “Тыгын Дархан” киинэ тахсыаҕа. Тахса илик киинэ туһунан элбэх ырытыы баар, олортон биир сүрүннэрэ — Тыгын оруолун толорбут артыыс Ньургун Бэчигэн Миитэрэй уола туһунан.

Киинэни сэргээччилэр киинэ оҥоруута саҕаланыаҕыттан ким улуу киһи оруолун толорорун таайа сатаабыттара, сааһынан, сэбэрэтинэн табыллыах курдук тыйаатыр, киинэ артыыстарын барыларын сыымайдаабыттара. Онтукабыт, эрдэ киинэҕэ даҕаны, тыйаатырга да көрбөтөх киһибит Тыгыны оонньуура биллэн соһуппута. Саха араадьыйатын дикторын быһыытынан билэр киһибит Гаврил Неустроев, өссө аатын уларытан Ньургун Бэчигэн аатыран, ырытыыны өссө күөртээн биэрбитэ. Дьэ бэйэтиттэн ыйытыаҕыҥ, кимтэн кииннээх, хантан хааннаах киһи буоларын.

“Кыра эрдэхпиттэн боотурдарынан үлүһүйбүтүм”

— Үс ини-бии уолаттар утуйар хоспут эркинигэр атынан сүүрдэн иһэр Үрүҥ Уолан хартыыната ыйанан турар этэ. Оҕо сылдьан, наар кинини одуулуу сытан утуйар этим, бэйэм боотур буолан ыраланарым, араас мүччүргэннээх сырыылары айан көрөрүм. Аны ийэбит биһик ырыатын быһыытынан биһиэхэ Манчаары туһунан ыллыыра. Хаста-хаста “Манчаары” буоламмын, эмпэрэ үрдүттэн өҥөҥнөөбүтүм эбитэ буолла! Таатта улууһун Баайаҕа орто оскуолатыгар саха уус-уран тылынан учууталбыт Маргарита Романовна Егорова олуһун диэн умсугуппута. Айымньылары ааҕан эрэ кэбиспэккэ, ис хоһоонун ырытарга, тылын, дор- ҕоонун өйдүүргэ үөрэппитэ. Онон улаатан баран саха тылыгар, култууратыгар сыһыаннаах идэҕэ убаммытым. Оҕо сылдьан боотур туһунан ыраламмытым сороҕо туолан, улахан ыһыахтарга, араас экспо-быыстапкаларга Ньургун Боотур оруолун толорооччу буолбутум. Ол да буоллар, киинэҕэ оонньуу илик этим, кыра, быстах-остох оруоллары аахпатахха.

“Биир кыра оруолга тиксибит киһи!”

— “Тыгын Дархан” киинэ уһулларын туһунан маҥнайгылар истэригэр истибитим диэххэ сөп. Бастаан Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Виталий Власовтан истибитим, кини “Улахан бырайыак саҕаланаары турар, хаартыскаларгын ыытан кулу, баҕар, кыттыаҥ турдаҕа!” диэн хас даҕаны хаартыскабын ылбыта. Онтон били, 2016 сыл кыһыныгар улахан пресс-кэмпириэнсийэ тэрийэн биллэрэллэригэр, араадьыйаттан суруналыыс быһыытынан тиийбитим. Онно Никита Аржаков бырайыак туһунан кэпсиирин истэн, санаммыт сыаллара баараҕайын өйдөөн, ымсыыра санаа- бытым. “Биир эмэ кыра да оруолга тиксэн кыттыспыт киһи!” диэн санаа элэс гыммыта. Оннооҕор, эрдэ аахпыппын сөргүтэн, Далан кинигэтин хаттаан ааҕан барбытым.

Арай сотору соҕус кэминэн миигин Никита Иннокентьевич ыҥыран ылла. Ону-маны ыйыталаста, баспыттан атахпар диэри сыныйан чинчийэн көрөн баран, туох да диэн киинэ туһунан быктарбакка, бакааласпыппыт. “Туохха ыҥырдаҕай, тугу быһаар- даҕай?” диэн биир бэйэм муунтуйа быһыытыйдым. Хата, өр-өтөр буолбата, төттөрү ыҥыран ыллылар, уонна: “Тыгын оруолун толоруоҥ дуо?” диэн ыйыттылар. “Сөп, толкуйдуом” — диэччи буоллум, сөбүлэҥмин тута биэрбэтэҕим, соһуччута да бэрт буоллаҕа. Аны артыыс үөрэҕэ суох киһиэхэ, бачча улахан оруолу биэрэл- лэрэ эмиэ саараҥнаппыта, эппиэтинэһэ улахана сыттаҕа.

“Тыгын тириитин кэт!”

— Итиччэ оруолланан баран, үчүгэйдик оонньуур баҕаттан, актерскай ускуустуба маастар-кылаастарыгар сылдьан, билии, сатабыл эбинээри гыммытым. Ону Никита Иннокентьевич олох мас-таас курдук бобон кэбиспитэ, “ити дьарыктарга сылдьыма, шаблоннарга үөрэнэн, бэйэҥ тыыҥҥын сүтэриэҥ!” диэбитэ. Камера үлэлиэн иннинэ “маннык гын, итинник көр” диэн такайан биэрэллэрэ. Уонна, артыыс буолбатах киһи буолан, бэйэм олоҕум түгэннэрин өйдөөн, туохтан эрэ хомойбуппун, үөрбүппүн, уордайбыппын өйдөөн, ол түгэни өйбөр хаттаан сөргүтэн, оҥорон көрөн, ирдэнэр турукка киирэр этим. Бу диэн эттэххэ, ити киһини олус сылатар, эмоциональнай өттүнэн эһиннэрэр ньыма эбит. Аны режиссерум, Аржаков “Тыгын буол! Тыгын тириитин кэт!” диир. Дьэ ону, хайдах киһи эбитэ буолла диэн, санаа- бар атын киһи буолан, бэйэбиттэн уратытык туттан-хаптан көрөрүм. Хаамарбын кытта көннөрбүттэрэ, күүстээхтик, нүһэр соҕустук үктэнэн хаамарга үөрэммитим. Чэ ону туораттан көрөр киһи билэрэ буолуо, бэйэм сыана быһарбар уустук. Арай доҕотторум, билэр дьонум уһуллар кэммэр, “улаханнык уларыйбыккын, атын киһи буолбуккун” дииллэрэ.

“Ийэм оҕо эрдэхпиттэн Ньургун диэн ыҥырара”

— Саха аатын киэҥник туттан барбыттарыттан ийэм миигин Ньургун диэн ааттыыр буолбута. Төрөппүттэрбит орто инибитин Талбан, кыра уолу Сэргэ диэн ааттыыр буолбуттара. Онон эмискэ кэлэн халлаантан аат толкуйдаан иҥэриммитим диир сыыһа буолуо. Дьиҥ сахалыы ааттанар баҕа санаа уруккуттан баар этэ эрээри, олох сүпсүлгэнигэр сылдьан, быыс булан саахсаҕа тиийэн кумааҕы, докумуон эккирэтиһэргэ бириэмэ булар уустук этэ. Онтон бу киинэҕэ уһулла сылдьан, “Чахчы да улуу норуот эбиппит, киэн туттуохтаах, улахан өбүгэлэрдээх дьон эбиппит” диэн санаам бөҕөргөөбүтэ. Онон санаабын түмэн, төрөппүттэрбиттэн көҥүл ылан, аат уларытарга санаммытым. Ийэм ааттаабытын хоту Ньургун буолбутум, оттон Бэчигэн диэн хос эһээм дьоҥҥо биллэр таптал аата, ону иҥэриммитим. Кэнники санаабытым, барыта буолуохтааҕын курдук туттубуппун быһыылаах. Сахаларга уруккуттан сэрэнэр-сэрбэнэр сиэр- туом баар. Холобур, “оҕо абааһытын” муннараары, төрөөбүт оҕоҕо атын аат биэрэр үгэс баар. Улахан киһи аатын аймыыр сэттээх- сэмэлээх буолуон сөп диэччилэр дии. Онон аат уларытыммытым бэйэбин көмүскүөн, арчылыан сөп курдук.

“Хайдах оонньообуппун көрөөччү сыаналыа турдаҕа”

— Киинэбитин бастаан көрөн баран, “Ама бу биһиги үлэбит дуо, баччалааҕы кыайбыппыт дуо!” диэн санаа киирбитэ. Үс сыла быһа үлэлии сылдьан барытын түмэн көрөр ыарахан, экраҥҥа аҕыйах кэм иһигэр түмүллүбүтүн көрөн, дьэ сөхпүтүм. Бэйэм оонньообуппун хата соччо сөбүлээбэтэҕим, “итиннэ атыннык туттуохха баар этэ, манна уратытык хамсаныаҕым хаалбыт” диэн, киһи бэйэтин астыммата баар буоллаҕа. Чэ, кыах баарынан оонньоотоҕум дии. Хата бииргэ оонньообут артыыс доҕотторбун астына көрдүм. Бу сыллар тухары бары артыыстары, үлэһиттэри кытта бииргэ миккиллэн, доҕордоһон, биир хамаанда буолбуппут. Олус күүстээх хамаанда хомуллубут эбит, билигин даҕаны астына саныыбын, ааспыт кэмнэри.

Маннык улахан киинэҕэ улуу киһи оруолун ооонньообутум улахан эппиэтинэстээҕин саҥа дириҥник өйдөөн эрэр эбиппин. Сахабыт дьоно киинэбитин астына көрүө диэн эрэнэ саныыбын!

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0