Ньургуһуну сиир хомурдуостары быһаардылар

Ааптар: 
11.05.2022
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ социальнай ситимнэринэн ньургуһуну сиир улахан хомурдуостары көрөн сөҕөн, видеоҕа устубуттара тарҕаммыта. Бүгүн учуонайдар миэстэтигэр тиийэн көрдүлэр. Туох диэн быһаардылар?

edersaas.ru

“РНА Сибиирдээҕи салаатын Дьокуускайдааҕы научнай киинэ” федеральнай чинчийэр киин криолитозона биологическай кыһалҕаларга институтун энтомолог-учуонайдара Саргылана Ноговицына уонна Альбина Бурнашева хомурдуостар мустубут сирдэригэр тахса сырыттылар диэн пресс-сулууспа суруйар.

“Институт зоологическай чинчийиигэ салаатын чинчийэр-инженерэ Саргылана Ноговицына быһаарбытынан, Дьокуускай тулатыгар, Табаҕа тумуһугар «көннөрү майка» (Meloe proscarabaeus I.) булулунна.

Көннөрү майка – бу Нарывниктар биистэрин ууһун хомурдуоһа. Уһуна — 13,0-22,0 мм. Бөдөҥ, ыарахан, харатыҥы-күөхтүҥү эбэтэр күөхтүҥү толбонноох.

Саха сирин соҕуруулуу-арҕаа уонна киин оройуоннарыгар биирдиилээн көстөр.

Хомурдуостар саас (ыам ыйыгар) аһаҕас миэстэлэргэ баар буолаллар, араас үүнээйи сибэккитинэн, сэбирдэҕинэн аһыыллар.

“Хомурдуос бу көрүҥэ хааныгар уонна ууһуур-тэнийэр уорганыгар кантаридин диэн харыстанар токсичнай бэссэстибэлээх. Кантаридин тириигэ уонна салыҥнаах бүрүөҕэ (слизистая оболочка) түбэстэҕинэ уокка сиэппит (ожог) курдук буолуон эбэтэр аллергиялатыан сөп. Хомурдуостар баар сирдэригэр химическэй сириэстибэни туттубаттарыгар уонна хомурдуостары хомуйбаттарыгар сүбэлиибит”, — диэн энтомолог Саргылана Ноговицына иһитиннэриитин пресс-сулууспа суруйар.

Сиһилии бу ыйыллыбыт http://prez.ysn.ru/?p=17780#more-17780 сигэнэн киирэн ааҕыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0