Ньургуһуннааҕар ньуолдьаҕай ньуурдаах

Ааптар: 
14.09.2023
Бөлөххө киир:

Саха улуу суруйааччыта Анемподист Софронов чулуу айымньыларыттан итэҕэһэ суох  баай ис хоһоонноох, түһүүлээх-тахсыылаах олоҕо дьон-сэргэ болҕомтотун куруук тардар. Ордук кини кэргэннии олоҕо билиҥҥэ диэри үгүс мөккүөрү таһаарар, араас санааны көбүтэр.

Суруйааччы үгүс хоһооннорун анаабыт кэргэнэ – бастакы артыыска, көстөр дьүһүнүнэн сахаҕа дэҥҥэ көстөр кэрэ дьахтар Евдокия Константиновна Яковлева этэ. Евдокия, дьон кэпсииринэн, чахчы даҕаны толуу көрүҥнээх, көбүс-көнө кынтаҕар уҥуохтаах, хойуу уһун суһуохтаах, сырдык сэбэрэлээх уһулуччу кыраһыабай эбитэ үһү. Е.К.Гоголева туһунан кэрэхсэбиллээх ыстатыйалары журналистар Н.И.Протопопова, Б.Н.Павлов суруйан тураллар. Биһиги бүгүн кини туһунан Евдокия Константиновна бэйэтин ахтыыларыгар олоҕуран кэпсиэхпит. А.И.Софронов драмаларын чинчийбит учуонай Георгий Романович Кардашевскай алта уонус сыллар ортолорун эргин Евдокия Константиновнаҕа дьиэтигэр-уотугар сылдьан үгүстүк сэһэргэспит. Уонна ол ахтыыларын сүрдээх чуолкай буочарынан суруйан хаалларбытын биһиэхэ Ефросинья Георгиевна Кардашевская тиксэрбитэ.

Ньургуһуннааҕар ньуолдьаҕай ньуурдаах…

Дуня

Евдокия Константиновна ахтарынан, кинини аҕыс саастааҕар Калинкин диэн атыыһыт Нам Үөдэйигэр олорор дьонуттан ылан куоракка киллэрэн кыыс оҥостубут. Кэлин дьоно Мархаҕа көһөн киирбиттэр. Кыыс бастаан нууччалар ортолоругар сылдьыбыт. Калинкин – үөрэҕэ, культурата кыра соҕус оҕонньор, сарыы ыстааннаах, тыа сахатыныы киһи эбитэ үһү. Оттон ойоҕо сүрдээх культурнай, нууччалыы хабааннаах эмээхсин эбит.

Калинкин атыыһыт Дуняны үлэһит оҥостоору үөрэттэрбэтэх. Дуня бу ыал кыргыттарыттан үөрэнэн, үҥкүүгэ уонна кыраалаан ыллыырга, муусукалыырга үөрэммит. Ону таһынан ааттаах үлэһит, асчыт уонна иистэнньэҥ буолбут. Илии-атах оонньуутугар уолаттартан хаалсыбакка, икки бууттаах киирэни аҥаар илиитинэн өрө анньара, биэс бууту хайа баҕарар көтөҕөн санаабыт сиригэр уурара.

Кыраһыабай кыыс Дуня бастаан Роман Корнилов диэн Өлүөхүмэттэн төрүттээх баай уолунуун доҕордоспут. Корнилов киһи наймылаан, ат наймылаан сурук мэлдьи ыытар эбит. Соҕуруу врач үөрэҕэр барар буолбутугар биэрэккэ киирэн атаар диэбитин Дуня аккаастаан кэбиспит. Уол ол үрдүнэн соҕурууттан суруй да суруй буолара үһү. Ону Алампадьыыс билэр да саҥарбат эбит. Каникулугар кэлэ сылдьан саҥардыы кэргэн тахсыбыт Дуняны син биир көрсө, ыҥыттара сатаабыт. Кэлин нуучча дьахтарын ойох ылбыт.

Биир кэмҥэ Дуня Парников атыыһыт уола Яшалыын билсэ сылдьыбыт, уол эдэр кыыһы атынан хатааһылатар эбит.

Оттон Алампа бастакы таптала – Лиза Слепцова, Нам баайын кыыһа этэ. Уоллаах кыыс сөбүлэһэн, тыл тылларын бэрсибиттэрин кэннэ, Алампаны дьадаҥы уол диэн кыыс дьоно биэрбэтэхтэр.

Дуня ахтар: “Биирдэ мин 18 саастаахпар буолуо, арай миэхэ кыргыттар кэлэн эттилэр: “Гоголь” Женитьбатын” тылбаастаан туруораллар үһү. Онно оонньоон иһэн Иван Гаврильевич Васильев кыыһа аккаастанан кэбиспит, онно эн баран оонньоо”, — диэн буолла. Иһиттэхпинэ, онно сүрдээх үөрэхтээх дьоннор кытталлар үһү. Мин онтон толлон аккаастанан кэбиспитим, “дьонум ыытыахтара суоҕа “, — диэбитим. Арай нөҥүө күнүгэр мин аҕабар Василий Васильевич Никифоров уонна Алексей Кулаковскай тэлиэгэлээх атынан тиийэн кэлбиттэр. “Кыыскын көҥүллээ”, — диэн көрдөһөллөр. Миигин кытары кэпсэтэллэр. Аҕам да, ийэм да: “Бэйэтэ сөбүлүүр буоллаҕына, сырыттын”, — диэтилэр. Дьэ, мин баран оонньоо. Үөрэҕэ суох кыысчаан маҥнай сатаабакка саатан бөҕө муҥнаммытым. Ол эрээри толорбутум. Онно В.Никифоров, Р.Оросин, А.Кулаковскай эҥин бары кыттыбыттара. Сүппүлүөрүнэн хара бараан Соппуруонап диэн уол баара. “Кирилэ Дабыдап суруксута “, — дииллэр. Кини миэхэ оруолбун толорорбор көмөлөһөөччү буолла. Дьиэбэр тиэрдэн биэрээччи буолла. Онтон ыла Алампаны кытта билсиһэн барбыппыт.

Алампалыын

1912 сыл ахсынньы 16 күнүгэр Алампа Дунялыын киинэҕэ барбыттарын, онтон ол киэһэ кинилэр олохторугар улахан суолталаах хардыы оҥоһуллубутун туһунан дневнигэр маннык бэлиэтэммит: “Мы ходили долго и медленно. Затем решимость, решимость окончательно. “Да, даю слово”, слышалось в голосе. Какое-то по-обыденному простое слово, а в данный момент это слово, а в данный момент это слово значило очень дорогое и важное, оно отворило двери судьбы: от него зависело счастье или несчастие двух”.

Дьэ, ити курдук эдэрдэр тылларын бэрсэн, 1913 с. муус устар 18 күнүгэр сыбаайбалаабыттар.  Бэргэһэлэниилэрэ Богоматерь таҥаратын дьиэтигэр аппа уҥуор буолбут. Тыһыыскай аҕа Кирилэ Дабыыдап сыбаайбаны бэйэтин дьиэтигэр Калинкин оҕонньору кытары кыттыһан тэрийбит.

Софроновтар холбоһон баран Салтыков-Щедрин уулуссаҕа Кирилэ Дабыыдап дьиэтигэр хос ылан олорбуттар. Оччолорго Дабыыдап 14 хостоох, ортотунан көрүдүөрдээх сүүнэлээх дьиэлээх эбит.

Аҕата Алампата ыал буолбутугар аҕыс сүөһүнү биэрбит. Анемподист кэргэнин дьонун-сэргэтин кытары билиһиннэрэ куруук тыаҕа таһаарар, оттон дьоно тыаттан уолларыгар ас ыыта тураллара үһү.

Евдокия Константиновна ахтар: “Мин 1914 сыллаахха сайын иккиһин Булуҥҥа киирэн иһэн быһылааҥҥа түбэспитим. Биһиги Громов пароходунан хоту айаннаан испиппит. Спиридонов оҕонньор борохуокка алта миэстэни эрдэттэн ылан кэбиспит этэ. Булуҥ бэтэрээ өттүгэр тыал түстэ. Биһиги таас биэрэккэ тиксэн олордубут. Онно олордохпутуна икки мас баарсабыт тимирэн бардылар. Арай сэби-сэбиргэли өрүһүйүү буолла. Оччоҕо мин биэс ыйдаах ыарахаммын буолан баран, харса суох баҕайыбын. Дьону кытары ол баарсаҕа ыстан. Алампадьыыс тута сатыыр даҕаны, мин ону истиэх киһи буолуом баар дуо. Баарсаҕа тиийбитим Кирилэ Дабыыдаптаах биир хамначчыт кыыстара турар эбит, баттаҕын үргэнэр, ытыыр-хайыыр. Мин кинини кытары бадьыыстастым. Ол мучумааҥҥа сылдьан алҕас туттан, бурдуктаах куулу кумахха бырахпыттарыгар испинэн баран түспүтүм. Онтон сотору соҕус буолан баран, ыалдьан бардым. Сыттым. Онтон кырааскам хамсаата. Ону ол диэбэккэ, “хаал!” дии сатаабыттарын үрдүнэн хаалбатым. “Үүттээх хайа” диэҥҥэ барыстым. Ол гынан баран улаханнык ыарыыланан сытан хааллым. “Үүттээх хайаҕа” тиийэн баран таһырдьа тахсыахпын баҕардым. Алампадьыыска өйөтөн таҕыс. Скамейкаҕа олордум. Ол гынан кыайан тулуйбакка өр буолбатым. Төттөрү киирдим. Дьэ, онтон оҕо куоппутум. Ол кэнниттэн даҕаны кырааскам хамсыыра тохтооботоҕо… Алампа ытыы-ытыы оҕотун соҕотоҕун дьаһайбыта.

Онуоха диэри Кириил Дабыыдап мин хайдах сылдьыбыппын билбэккэ сылдьыбыта. Онтон истэн баран муҥ түргэнинэн тэрийэн миигин борохуотунан Булуҥҥа төттөрү ыыппыта. Миигин кытары Алампадьыыс төннүбүтэ. Онно кэлэн, биһиги үс ый кэриҥэ буолбуппут. Мин эмтэнэн ама буолбутум. Сонно олорон Алампадьыыс “Дьадаҥы Дьаакып” диэн драматын суруйбута. Түүннэри-күнүстэри чай иһэ –иһэ, табах тарда-тарда суруйан тахсар буолара”.

Ити курдук Софроновтар ааттарын ааттатар ыччат диэн суох буолбут.

Евдокия Константиновна олус ырааһын, асчытын-үөлдьүтүн туһунан үгүстүк ахталлар. Кирилэ Дабыыдап Федор Маркович Слепцовтан атыылаһан ылан бэлэхтээбит киэҥ верандалаах, бөдөҥ лиҥкинэс маһынан тутуллубут дьиэлэригэр куруук дьукаахтаах, Тааттаттан хоноһолоох буолаллара, ону таһынан дьиэ булбатах оҕо барыта кинилэргэ кэлэрэ.

Оччолорго массыына суоҕар, Софроновтар хара харыанчыкы кырааскалаах, эһэ тириитэ олбохтоох хосуопка сыарҕалаах, симэхтээх киэргэллээх боруода хара тураҕас атынан үлэлэригэр бараллара-кэлэллэрэ эбитэ үһү. Ити нобуор сэптээх туомускай аты Софроновка Н.Т.Эверстов-Китаев үгүс көмөтүн иһин бэлэхтээбит.

Кэргэнэ ахтарынан, Алампа дьиэ чааһын билбэт, баар да буоллаҕына наадыйбат киһи эбитэ үһү. Кирилэлээххэ бэлэмҥэ үөрэнэн: “Миигиттэн ыйытымаҥ, Дуня билэр, кини туох диэтэ да онон барыа”, — диэн буолар эбит.

Астан эти ордорор, минньигэһи сөбүлээбэт үһү. Ол оннугар табааҕы айаҕыттан биирдэ да түһэрбэт, хойуу баҕайы чэйи куруускаттан иһэ олорор буолара үһү.

1923-1924 сс. Булуҥҥа атыы-эргиэн факториятын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Ити кэмҥэ “Саха омук” филиалын тэрийбитэ, быыбар хамыыһыйатын бэрэстээтэлин солбуйаачынан үлэлээбитэ, хоту сир олоҕун ойуулаан көрдөрөр “Айаннаан сылдьыбыт бэлиэм” диэн улахан этнографическай очерканы суруйбута. Ити кыстаан тахсан баран, Дуня олус ыалдьыбыт. Бастаан күһүн сыыстарбыт курдук буолбут, атахтара-илиилэрэ сүүлэ испиттэр. Рожалаан, сирэйэ хараҕын бүөлүү иһэн хаалбыт. Онон кыһыны быһа сытан тахсыбыт. Врачтар дьиэтигэр эмтииллэрэ, П.Ойуунускай, М.Аммосов билсэ кэлэ тураллара.

Платон Ойуунускай Софроновтарга, дьон, Дуня да ахтарынан, биир да күнү оһоллоппокко арахпат кэриэтэ сылдьара үһү. Платон Алексеевич Алампаны аҕам, Дуняны ийэм диэн ааттыыр, тугу суруйбутун кэлэн ааҕар эбит.

Москваҕа

Евдокия Константиновна ахтар: “Ити сааһыгар Алампадьыыс миигин илдьэ Москваҕа барардыы кэпсэппитэ. Кини онно араас сорудахтаах этэ, кинигэ таһаарсыһыахтаах этэ. Таарыйа мин эмтэниэх тустааҕым”.

Анемподист Софронов Москваҕа  Киин издательствоҕа сахалыы кинигэни таһаарыыга үлэлээбитэ. Ленинград куоракка Наукалар академияларын 200 сыла туолбутун бэлиэтиир тэрээһиннэргэ Саха сириттэн делегат быһыытынан кыттыбыта. Баку куоракка бастакы Тюркологическай конференцияҕа сылдьыбыта. Москваҕа кыстаабыт кыһына сүрдээх ыараханнык ааспыта. Аҕа табаарыһа А.Кулаковскай ыараханнык ыалдьыбытын куруук баран көрсөрө, Өксөкүлээх кэриэс тылын эмиэ киниэхэ этэн суруйтарбыта. Саҥа көстүбүт докумуоннар туоһулуулларынан, ити кэмҥэ Анемподист Софронов кэтэбилгэ сылдьыбыт. Кини ханна туох диэбитин, тугу хамсаабытын бэлиэтэнэр, тыллыыр дьон бааллара.

Ити барыта мунньустан уйан дууһалаах поэт киһи дууһа моруутугар ылларбыта, хомолто-хараастыы муҥун аһыы уунан аралдьытынар буолбута. Онтон сылтаан кэргэннии олоҕор өйдөспөт түгэннэр үөскээбиттэр.

Киин сиргэ кэлбит кэрэ дьахтар саха уолаттарын кытары аргыстаһан киинэҕэ, театрга үгүстүк сылдьара. Алампа үлэтигэр үмүрүттэрэн үксүн дьиэтигэр хаалара. Дуня ордук Степан Гоголевтыын тапсара. Ону көрөн Донской 1 ойоҕо Мария Степановна Алампаҕа “Дуня Степанныын билсиһэллэр” диэн кистэлэҥ сурук ыытар. Онон кэргэнниилэр иирсээннэрэ дириҥиир. “Ыстапааны кытта тохтоон хаалыах да билсиибит эбии улааппыта. Ол курдук дьоннор үрэн-тэбэн кэбиспиттэрэ”, — Евдокия Конастиновна ахтар.

Арахсыы

Нөҥүө сайыныгар эмиэ барбыттарын курдук алларанан айаннаан төннөллөр. Алампа кэлэн театрыгар үлэлиир, сурунаал таһаарар. Кэргэнэ театрга артыыстаабыт.

1927 сыл сааһыгар Евдокия Алампаттан арахсан С.Ф.Гоголевка барар. Ити кэм туһунан Евдокия Константиновна ахтар: “Бүтэһик күммүтүгэр мин ас бэлэмнээбитим, күндү арыгы баара, ону туруорбутум. “Дьэ, манан биһиги ыал буолан бүттүбүт, мин барабын”, — диэн эппитим. Ыалдьыттарбыт соһуйбуттара.

Аһаан баран бары мин таһаҕаспын Алампа атыгар тиэйэн атаарбыттара. Ол курдук туох да ииссээнэ суох эйэ дэмнээхтик икки аҥы буолбуппут. 14 сыл бииргэ олорбуппут устатыгар биирдэ даҕаны “ар-бур” дэһиспэтэхпит. Алампа киһини кытта иирсэри билбэт этэ. Этиһиини, ииссиини улахан ыараханнык саныыр.

Дуня ахтарынан, Степан Филипповичка ити тиийэн Алампа: “Быраҕан кэбиһээйэҕин, атаҕастаайаҕын. Үчүгэйдик тут!” – диэбит.

“Дуняны тугунан да буруйдаабаппын. Мин истэрбэр кини туһунан куһаҕаннык саҥарымаҥ”, — диэн Алампа дьонтон көрдөһөр эбит.

Дьон барыта кэпсэппэт буолбут. Платон үс сылы быһа доҕоро Степанныын кэпсэппэтэх. Степан Филиппович Дунятыгар; “Партияттан таһаарбатахтарыгар баһыыба”. – диирэ үһү. Платон Ойуунускай биирдэ уулуссаҕа көрсөн: “Дорообо, тойон ойоҕо хотун”, — диэн ааспыт.

Анемподист Софронов К.Сокольников хобулааһынынан хаайыыга түбэспитин кэннэ Дуня кинини баран көрсөр. Сокольниковы кытары этиспитин Алампата: “Тоҕо иирсэн ньиэрбэҕин матайдыыгын”, — диэн сөбүлээбэтэх.

Евдокия Константиновна иккис кэргэнэ С.Ф.Гоголев эдэр сааһыттан Саха сирин үрдүнэн киэҥник биллибит саха бастакы революционердарыттан биирдэстэрэ, бөдөҥ салайааччы этэ. Ол курдук, кини эдэр сааһыттан юстиция, үөрэх наркомунан, Саха сирин Совнаркомун председателинэн үлэлээбитэ. Кини 1933 с. 37 сааһыгар сылдьан сүрэҕинэн Москва куоракка өлбүтэ.

Оттон Анемподист Иванович олоҕун былаһын тухары Дунятыгар күүстээх таптала сөҕүрүйбэтэҕэ. Биэс сыллаах сыылкаттан күүһэ эстэн, ыарыыга ылларан кэлбитэ, дойдутугар икки сылынан өлбүтэ. Өлөөрү сытан таптыыр дьахтарын иккитэ ыҥыттарбыт эрээри, Дуня кэлбэтэх. Ону истэн Алампа: “Оо, сордоох сорум эбит”, — диэн ытамньыйан ылбыт.

Евдокия Константиновнаны 1938 с. сэтинньи 1 күнүгэр 58-с ыстатыйа 2-с, 7-с, 11-с пууннарынан буруйдаан туталлар. Кинини хаайалларыгар дьиэттэн быһах уонна саа булбуттар. Сэриилэһээри бэлэм олорор дьахтар эбит диэн буолбут. Ол эрээри туппут сылтахтара –  норуот икки өстөөҕөр кэргэн тахса сылдьыбыта буолар.

Ый курдугунан босхоломмут.

Евдокия Константиновна Саха театрыгар өр сылларга костюмернай сыах сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Кини 1971 сыл сааһыгар муус устар 3 күнүгэр олохтон барбыта.

Түмүк

Онон, Алампа үйэлэргэ өлбөөдүйбэт үрүҥ туллук уобараһынан үйэтиппит көмүс доҕоро Евдокия Константиновна ахтыыларыгар олоҕурбут кэпсээммит түмүктэнэр.

Нуучча норуота улуу Пушкин кэргэнэ Н.Н.Гончарова-Пушкинаны үтүө тылынан ахтарын курдук, биһиги эмиэ улуу Алампабыт үйэлээх тапталын аатын киргэ-хоххо умньаабакка, холуннарбакка, өрө тутан, кырдьыктаахтык сыһыаннаһыахха баар этэ.

Валентина Сивцева,edersaas.ru

+1
19
+1
0
+1
6
+1
1
+1
0
+1
1
+1
3