Алтынньы 20 күнүгэр А.Пушкин аатынан Национальнай библиотека Историческай саалатыгар М.Горькай аатынан Литэрэтиирэ институтун бүтэрбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Саргылаана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ «Өҥ хочо» кинигэтин тула кэпсэтии ыытылынна.
Литэрэтиирэ кириитигэ, филологическай наука доктора Варвара Окорокова Саргылаана Спиридонова саха бастакы көлүөнэ дьахтар поэттарыттан биир бастыҥнара буоларын уонна Сэмэн Даниловы поэзияҕа үҥэр таҥара оҥостубут айар куттаах дьонтон эмиэ биирдэстэрэ буоларын бэлиэтээтэ. Саргылаана Варвара Потапованы, Наталья Харлампьеваны кытары биир кэмҥэ поэзия киэҥ хонуутугар үктэнэн, бастакы кинигэлэрэ күн сирин көрбүттэрэ. «Ол кэмҥэ сценаттан эр дьон эрэ хоһоонун ааҕар этилэр. Онтон биһиги устудьуоннуу сырыттахпытына, кыргыттар поэзияҕа симиктик да буоллар, киирэн кэлбиттэригэр биһиги төһөлөөх үөрдүбүт, долгуйдубут этэй? Дьахтар ис туругун, кистэлэҥ иэйиитин этэр дьон кэллилэр диэн уруйдуу көрсүбүппүт», – диэн поэтесса «Өҥ хочо» диэн юбилейыгар анаммыт кинигэтин икки түһүмэххэ араарда. Бастакытынан, кыргыттар-дьахталлар поэзияларыгар үксүгэр сатамматах таптал, тапталтан хомойуу-хоргутуу, ытабыл уо.д.а. курус иэйии этиллэр буоллаҕына, С.Спиридонова айымньыларыгар дьоллоох саха дьахтарын уобараһа арыллар. Тапталынан угуттанан олорор, үтүөҕэ-кэрэҕэ сүгүрүйэр нарын дууһалаах поэтесса кыраттан да үөрэр, долгуйар, күннээҕинэн дьоллонор уйан айылгылаах. Онон, кини поэзиятыгар дьиҥ чахчы саха дьахтарын национальнай характера көстөр. Иккиһинэн, хоһоонноругар да, кэпсээннэригэр да айар дьоҥҥо сүгүрүйүү мэлдьи баар. Биир дойдулаахтара Аким Кондратьев, Николай Сергеев, Николай Чуор, Альберт Бүлүүйүскэй уо.д.а. курдук айар кукка куустарбыт дьону кытары үөскээн, эҥэрдэһэн бэйиэт буолан үүнэн тахсыбыт дьоллоох киһи.
«Литэрэтиирэ аанын аспыппыт диир кыаҕым суох, саха литэрэтиирэтин аанын биһиги сэмэйдик тоҥсуйбуппут», – диэн СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин поэзия туһунан кичэм санааларын үллэһиннэ. Түөрт уон сыл анараа өттүгэр илиитигэр ылан, кыраҕы хараҕынан көрөн бэлиэтэнэ-бэлиэтэ аахпыт Саргылаана кинигэтиттэн сүрэҕэр чугастык ылыммыт хоһоонун аахта.
Поэтесса Саргылана Гольдерова-Саргы Куо: «Оҕочоос саастарбар поэзия диэн наһаа улахан чыпчаал, улахан эппиэтинэс, онон олоххун барытын онно аныахтааххын дии саныыр этим. Оннук иэйиинэн мин саха поэзиятыгар киирбитим. Ол гынан баран, ол иэйиим хайдах эрэ арыый уоскуйдар уоскуйан барбыта. Тоҕо диэтэххэ, эмиэ Саргылаана курдук, ыал буолан, оҕолонон-урууланан баран истэҕим аайы, бэйэм поязиябын хайдах эрэ балаҕан иһигэр оттулла турар аал уот кычыгырыыр тыаһыгар маарыннатар буолбутум», – диэн Саргылааналыын олохторугар маарыннаһар өрүттэрин бэлиэтээтэ. Аан бастаан Сунтаар кэрэ куотун кытары билсэн баран, кини куолаһыгар абылаппытын билиннэ. «Саха далбар хотуна, биэс оҕо ийэтэ, эбэтэ Саргылана Семеновна ырыа курдук дорҕоонноох номоҕон куолаһыгар, ис иһиттэн кэрэтик, минньигэстик иһиллэр саҥатыгар күн бүгүҥҥэ диэри абылатабын. Бэйэтин поэзиятын «Өҥ хочо» кинигэтигэр ситимнээн киллэрбитин биһирии уонна астына, иэйэ-куойа аахтым», – диэтэ.
Уйаҕас дууһалаах бэйиэттэргэ үөрэнээччи махтала туохтааҕар да күндү. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Андросов Саргылаана Семеновна кини бастакы эрэдээктэрэ буоларын, эдэрдэр таһаара сылдьыбыт «Сыккыс» литературнай хаһыаттарыгар сүбэ-ама буолбутун махтана аҕынна.
СӨ норуодунай артыыската Зоя Багынанова, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, радиосуруналыыс Ангелина Шадринова-Суоһааны ааптар хоһооннорун истиҥ иэйиилээхтик аахтылар. Зоя Петровна ааптар аан бастаан хоһоонноро киирбит «Чэчир» кассетатын илдьэ сылдьарын көрдөрбүтүгэр оччотооҕу кэм тыына сайа охсорго дылы гынна.
«Күрүлгэн» сурунаал эрэдээктэрэ Афанасий Гуринов-Арчылан уонна поэтесса биир дойдулаахтара, биир идэлээхтэрэ, кини поэзиятыгар сүгүрүйээччилэр бүгүҥҥү киэһэ «буруйдааҕын» өҥ хочото өссө да поэзия сибэккитинэн симэнэ, тырымнас тыллара өссө да хатылана турарыгар баҕардылар.
Саргылаана Семеновна элбэх хоһоонугар мелодистар ырыа суруйан, Сахабыт сирин ырыаһыттара күн бүгүҥҥэ диэри ыллыыллар, истээччилэрин үөрдэллэр. Бу күн поэтесса тылларыгар суруллубут ырыалары Екатерина уонна Алексей Егоровтар, Варя Аманатова, Людмила Спиридонова-Күөрэгэй, Фатина Иванова, «Кылыһах» фольклорнай бөлөх (сал. Л.С.Ефимова), Ольга Спиридонова толороннор, дьоро киэһэни ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Надежда ЕГОРОВА