Ньурбатааҕы көтөр фабриката олунньуттан толору күүһүнэн үлэлииргэ бэлэм

30.01.2019
Бөлөххө киир:

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ааспыт 2018 сылы түмүктүүр отчуотугар ыйылларынан, өрөспүүбүлүкэҕэ куурусса ахсаана 2,3 бырыһыанынан аҕыйаата. Маныаха сүрүн төрүөт — Ньурбатааҕы көтөр фабрикатыгар саас ыам ыйыгар саахал тахсыыта.

edersaas.ru

Ити гынан баран, Дьокуускайдааҕы уонна Нерюнгритааҕы көтөр фабрикалара былааннарын аһара толороннор, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сыл устатыгар 119,4 мөлүйүөн сымыыт оҥоһуллан, 2017 сыллааҕы таһым 98,3 бырыһыана ситиһилиннэ. Саамай үрдүк көрдөрүүнү “Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката” АУо ситистэ: биир кууруссаттан 312 сымыыты ылла. Нерюнгрига – 306, Миииринэйгэ “Новай” сопхуос көтөрү иитэр ферматыгар – 256 устуука сымыыт.

 

Саната таарыйа эттэххэ, Ньурба фабрикатын производственнай сыаҕа турар сиригэр 6-с уонна 7-с холуонналар икки ардыларыгар ирбэт тоҥ ирэн, муостата тостон-хайдан иҥнэри түспүтүн түмүгэр кууруссалар килиэккэлэрэ сууллубуттара. Онно аллараа дьаарыстарга турбут 560 сымыыттыыр куурусса баттатан өлбүтэ. Онон, суһаллык өрөмүөннээри, тыыннаах кууруссалары чоппууска сыаҕар, харааска, урукку инкубаторийга уонна тиэнтэ сарай тутан көһөрбүттэрэ.

Фабрика кылаабынай бухгалтера Анисия Гаврильевалыын кэпсэтэ сылдьыбыппар: “Кэлэр олунньу 25 күнүттэн кулун тутар 5 күнүгэр диэри Дьокуускайдааҕы фабрикаттан 46 тыһыынча ыччат кууруссаны тиэйэн аҕалыахпыт. Атыы ороскуотун 70 бырыһыана Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө субсидияланар. Онтон хаалбытын бэйэбит сымыыт атыытыттан киирбит харчынан төлөһүөхпүт”, — диэтэ.

Анисия Семеновна урукку кууруссаларын (былырыын кулун тутарга эмиэ Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыттан атыыласпыттара. – В.Н.) – 12483 төбөнү тыыннаахтыы Ньурба, Ленскэй, Сунтаар ыалларыгар атыылаабыттарын, онтон ордубутун ахсынньыга өлөрөн, этинэн уонна этин эрийэн атыыга таһаарбыттарын кэпсээтэ. Бу күҥҥэ 40 туоннаны батарбыттар, 2 туонна хаалбыт. Сибиэһэй буолан, хамаҕатык ылаллар эбит. Фабрика 40-ча үлэһитэ балаһыанньа көнүөр диэри эт атыытыттан киирэр харчынан хамнастанан олорор.

Дьоҕус кэлэктиип өрөмүөҥҥэ элбэхтик түбүгүрбүт. Производственнай сыах муостатын Дьокуускайтан биригээдэ тиийэн, төрүт саҥалыы хаттыгастаан, бетон кутан оҥорбут. Кылаабынай бухгалтер ааҕарынан, муоста матырыйаалыгар, оҥоһуутугар 9,5 мөлүйүөн уонна Германия “Бигдачман” фирматын оборудованиетын атыылаһан таҥан туруорарга 25 мөлүйүөн солкуобайдаах ороскуоту көрсүбүттэр: мантан 50 бырыһыанын ТХМ уйунар, иккис аҥаарыгар кирэдьиит ылбыттар, онно Ньурба улууһун дьаһалтата көмөлөспүт. Фабрика үлэһиттэрэ онон сүргэлэрэ көтөҕүллэн, олунньу-кулун тутар ыйдартан саҥалыы күүһүнэн үлэлииргэ толору бэлэмнэр.

Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0