Ньурба улууһун урукку баһылыга Борис Поповка суут бириигэбэрэ таҕыста
Ньурба улууһун урукку баһылыга Борис Поповка холуобунай дьыала 2016 сыл ахсынньы ыйыгар тэриллибитэ. Дьыаланы РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениетын оччотооҕу салайааччыта, генерал Олег Мезрин тэрийбитэ. Икки сыл буолан баран, бу дьыалаҕа суут бириигэбэрэ таҕыста.
Силиэстийэ кэмигэр
Ол бастакы дьыала РФ Холуобунай кодексатын 286-с ыст. 3-с чааһын «в» пуунунан тэриллибитэ. Ол эбэтэр, ыарахан содулу аҕалан туран, дуоһунас боломуочуйатын аһара барыы бэлиэтэ баарынан.
Онтон иккис холуобунай дьыала Ньурба борокуратуурата РФ Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын кытта муниципальнай тэриллии хааччыллыытын эйгэтигэр хантараак тиһигин туһунан сокуон тутуһуллуутун бэрэбиэркэлээбиттэрин түмүгэр тэриллибитэ. Эмиэ РФ Холуобунай кодексатын 286-с ыст. 3-с чааһын «в» пуунунан.
Силиэстийэ сабаҕалыырынан, 2014 сыл атырдьах ыйыгар Ньурба улууһун Инвестиционнай-тутуу управлениета уонна «Стройтехнология» ХЭУо муниципальнай хантараак түһэрсибиттэр. Ньурба куоракка 2016 сыл алтынньы 10 күнүгэр диэри кэмҥэ 3000 миэстэлээх, ытар тиирдээх стадиону тутарга диэн.
Онуоха баара, бэдэрээтчит ыйыллыбыт болдьоххо тутуутун бүтэрбэтэх, 2015 сыл бүтүүтүттэн үлэ ыытыллыбатах.
Маныаха улуус баһылыга «О контрактной системе в сфере закупок товаров, работ, услуг для обеспечения государственных и муниципальных нужд» федеральнай сокуону кэһэн, сокуоннайа суох дьаһал таһааран, оҥоһуллан бүппэтэх үлэҕэ 10 мөл. солк. тахса сууманы тутааччыга эрдэ төлөттөрбүт.
Санатар буоллахха, бу дьыаланы, ону ааһан, баһылыктарын силиэстийэ кэмигэр изоляторга хаайбыттарын утаран, Ньурбаҕа уонна Дьокуускайга биир дойдулаахтара пикеттэри тэрийбиттэрэ.
Итинэн сибээстээн, бастакы дьыала силиэстийэлэнэр кэмигэр РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета быһаарыы биэрэргэ күһэллибитэ: «Ньурба баһылыгар силиэстийэ кэмигэр хааччахтыыр миэрэ быһыытынан хаайыы туттуллубутун сонуннары киэҥник тарҕатар ситимнэргэ араастаан быһааран суруйаллар. Хаайыллыбыта сыыһатын, дьыала сакаастаммытын, политическай төрүттээҕин туһунан. Онон сибээстээн, санатабыт — холуобунай дьыала Попов тутааччы счетугар хас да мөлүйүөн харчыны сокуоннайа суохтук ыыппыт чахчытынан тэриллибитэ. Ол тутааччы Күндээдэ сэлиэнньэтигэр 176 оҕо үөрэниэхтээх оскуолатын тутуохтаах эбэһээтэлистибэтин толорботох.
Силиэстийэ быһаарбытынан, бэдэрээтчит 2014 сыл ахсынньы — 2015 сыл олунньу ыйдарыгар тутуу матырыйаалларын атыылаһарга уонна таһарга диэн 39 мөл. солк. суумалаах абаанса ылбыт. Ол кэнниттэн Попов ол харчы счекка түспүтүн билэ-билэ, киниэхэ быһаччы бас бэринэр үлэһитин — тэрилтэ салайааччытын-тутуу сакаасчытын сокуоннайа суохтук эбээһинэстээбит, — бэдэрээтчит счетугар эбии 38 мөл. солк. ыытарга. Онон, бэдэрээтчит уопсайа 77 мөл. солк. туппут. Ол эрэн, хантараагынан көрүллүбүт икки сыл устатыгар 17 мөл. тахса суумалаах үлэни эрэ толорбут.
Бэдэрээтчит СӨ Арбитражнай суутугар ирдэһэр сайабылыанньа киллэрбит. Сакаасчыты 41 мөл. солк. кэриҥэ суумалаах үлэни тутарыгар модьуйар ис хоһоонноох. Суут ону өйөөбөтөх, аккаастаабыт.
Маны таһынан, силиэстийэ бу оскуола акылаата мөлтөх хаачыстыбалаахтык тутуллубутун, ирдэбилгэ эппиэттээбэтин быһаарда.
Силиэстийэ уорганнара улуус баһылыгын дуоһунаһыттан суут быһаарыытынан ууратыллыбыт Поповка маннык буруйдааһыны оҥордулар: кини сокуоннайа суох дьайыыларынан улуус уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр бөдөҥ материальнай хоромньу оҥоһуллубутун. Итини таһынан, улуус баһылыгын дьайыыларын түмүгэр, оҕолор үөрэнэр конституционнай бырааптара кэһиллибитин. Итиэннэ оскуола тутуутугар көрүллүбүт 60 мөл. солк. тэрилтэ учредителлэрэ атын сыалга туттубуттарын. Оттон тэрилтэ бэйэтэ атын дьоҥҥо («третьим лицам») атыыламмыт. Оскуоланы тутуу үлэтэ 2015 сыл балаҕан ыйыгар тохтотуллубут.
Билигин силиэстийэ бара турар кэмигэр, өссө биир биэрсийэ быһыытынан, бэдэрээтчит-фирма салалтата уонна Попов Б.Н. буруйу оҥорууга куомуннаспыт буолуохтарын сөбө үөрэтиллэр.
Оттон хааччахтыыр миэрэни быһаарыыга, Попов туоһуларга баттабыл-дьайыы оҥорбута, сымыйа көрдөрүүлэри биэрэргэ күһэйэ сатаабыта учуоттанна.
Попову өйөөччүлэр болҕомтолоругар: эһиги СМИ нөҥүө бу холуобунай дьыаланы политическайга кубулута сатыыргыт оруна суоҕун уонна итинэн силиэстийэҕэ баттабыл-дьайыы оҥоро сатыыргыт туох да түмүгэ суох буолуоҕун бэлиэтиибит.»
Суут уурааҕа
Бу дьыл тохсунньу 14 күнүгэр, ол эбэтэр, бэҕэһээ, Дьокуускай куорат федеральнай суутугар Борис Попов холуобунай дьыалата көрүллэн бүтэн, бириигэбэр таҕыста.
Суут кинини дуоһунас боломуочуйатын аһара барыыга буруйдааҕынан билинэн, 4 сылга көҥүлүн быһары усулуобунайынан ааҕан, 2 сыл 6 ый тургутар болдьоххо уурда. Маны сэргэ, 2 сыл устатыгар судаарыстыбаннай уонна муниципальнай дуоһунастарга үлэлиир быраабын быста.
Маныаха буруйу оҥоруу састааба суоҕунан, иккис дьыалата сабыллыбыт.
Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.
Борис Попов хара маҥнайгыттан буруйун билиммэт, «сфабрикованнай дьыала» диэн этэр буолан, суут бу уурааҕын Үрдүкү суукка ааһынар санаалаах.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
Хаартыска: ЯСИА.