Ньурба улууһугар электричество уотун чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ ыытыллар

Бөлөххө киир:

Ньурба улууһугар  уот ситимин түөрт остуолбата ойуур баһаарыгар былдьанан, сэттэ нэһилиэк электричествота суох олороллор.

Улуус биир кэлим дьуһуурунай диспетчерскай сулууспатын  салайааччыта Афанасий Кириллин иһитиннэрбитинэн, өрөмүөн үлэтигэр  «Якутскэнерго» оройуоннааҕы электрическэй ситимнэрин биригээдэтэ таҕыста.

Уоту чөлүгэр түһэрии быстах кэмнээх схеманан оҥоһуллара былааннанар. Билигин социальнай эбийиэктэргэ саппаас источниктан уоту холбууллар.

Ньурбаҕа үөскээбит балаһыанньа вице-премьер Дмитрий Садовников хонтуруолугар сылдьар диэн суһал ыстаап иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0