Ньурба тыйаатыра «Мария – Кыайыы саллаата» моно-испэктээги көрдөрдө

Ааптар: 
04.04.2021
Бөлөххө киир:

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын Алампа саалатыгар Ньурбатааҕы көһө сылдьар судаарыстыбаннай тыйаатыр артыыстара “Мария –Кыайыы саллаата” испэктээги көрдөрдүлэр.

Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, Нам Бөтүҥүттэн төрүттээх саха хорсун кыыһа Мария Афанасьевна Слепцова дьиҥнээх олоҕор тирэҕирбит моно-испэктээги былырыын Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар туруорбуттара.

Сүрүн оруолга Ньурба тыйаатырын кэскиллээх артыыската Анисья Колесова оонньоото. Кини Мария оруолун хара төрүөҕүттэн олоҕун тиһэх күннэригэр диэри сүрдээх итэҕэтиилээхтик көрдөрдө. Ньурба тыйаатырын артыыстара сүрүн дьоруойга испэктээк сүрүн санаата толору арылларын ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Мария Аҕа дойду сэриитин бастакы күннэригэр кыайыыны тыылга уһансан, онтон уоттаах сэрии ортотунан Берлиҥҥэ тиийэ сылдьан сержант ааттаах-суоллаах эргиллэр. Өлүүнү-сүтүүнү, уоттаах сэриини этинэн –хаанынан билбит, чугас дьонун, тапталлаах доҕорун сүтэриини сүрэҕинэн-дууһатынан аһарбыт саллаат Мария дьылҕата сыанаҕа олус долгутуулаахтык киһи сүрэҕэр тиийэр гына оонньонно. Көрөөччүлэр, саллаат кыыһы аһынан көмүскэ көмүс уутун кыатаммакка көрдүбүт. Олус долгутуулаах, үөрүүлээх,кэтэһиилээх Кыайыы кэнниттэн, төрөөбүт дойдутугар төннүбүт Мария дылҕата остуол ньуурун курдук көнө буолбатаҕа: сэриигэ эчэйиитин түмүгэр доруобуйатын туруга айгыраабыта, олоҕун оҥостон иһэн таптыыр доҕорун сүтэриитэ барыта итэҕэтиилээхтик көһүннэ . Былыта суох халлааҥҥа этиҥ эппитинии саҕаламмыт Аҕа дойду улуу сэриитэ тыаһа-ууһа эрэ буолбакка, бэл буораҕын сыта кэлэргэ дылы…

Тыйаатыр диэйэтэллэрин түмсүүтэ уонна Ресурснай киин тэрийбит Драматургия сүбэ мунньаҕын кыттыылаахтара СӨ үтүөлээх артыыската, драматург Софья Баранова уонна Саха тыйаатырын литератураҕа уонна драмаҕа чааһын салайааччыта, поэт Ангелла Попова кыттыһан дьиҥнээх олоххо буолбут историческай айымньыны суруйбуттар.

Ньурба тыйаатырын кэскиллээх режиссера, СӨ Култууратын туйгуна Алгыс Макаров айымньыны ааҕан баран сыанаҕа туруоран көрөөччүгэ бэлэх уунна.

Пьеса Мария Слепцова төрөппүт кыыһа, СӨ доруобуйаҕа харыстабылын бочуоттаах бэтэрээнэ Ирина Романовна Кирилина драматурдарга биэрбит тус докумуоннарыгар, интервьютугар олоҕуран суруллубут. Испэктээк Дьокуускай куоракка сүрэхтэниитин Мария Слепцова аймахтара кэлэн көрөн, махтанан бардылар. Аны салҕыы хаан уруу аймахтарын, Слепцовтар дьиэ-кэргэннэрин, историятын үйэтитэргэ үлэлэһэр санааларын эттилэр.

Санатан суруйдахха, Софья Баранова моно- испэктээккэ бу үһүс үлэтэ буолар. Бу иннинэ “Алгыстаах этинии”, “Биэс чаҕыл сулус” диэн моно-испэктээктэрэ театр сыанатыгар турбуттара, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыттара.

“Мария – Кыайыы саллаата” Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар суруллан баран, пандемия мэһэйдээн көстүбэтэҕэ. Ааспыт сыл ахсынньытыгар Ньурба тыйаатырын ютуб-ханаалыгар испэктээк сүрэхтэммитэ, кырдьыгы кэпсиир айымньы дьон сүрэҕин таарыйбыта.
“Мария –Кыайыы саллаата” испэктээк сүрүн дьоруой Мария Слепцова дойдутугар Нам улууһун нэһилиэктэринэн гостуруоллаан кэллэ.

Надежда Ильина, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0