Ньурба тыйаатыра Дьокуускайга кэлиэ

Бөлөххө киир:

Ахсынньы 13-17 күннэригэр киин куоракка Ньурбаатаҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыр 50 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах декаданы ыытар. Бу күннэргэ артыыстар куорат тыйаатырдарыгар айар үлэлэрин билиһиннэриэхтэрэ, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыт испэктээкиллэрин көрдөрүөхтэрэ.

Ахсынньы 13 күнүгэр — А.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Сүүһүн туолбут эмээхсин ырыата»;

Ахсынньы 14 күнүгэр—  Я.Пулинович «Саҥа күн кэтэһэр»;

Ахсынньы 15 күнүгэр —  Суорун Омоллоон «Күкүр Уус»;

Ахсынньы 16 күнүгэр — Н.Гоголь «Шинель»;

Ахсынньы 17 күнүгэр Ф.Шиллер «Таптал уонна уодаһын»

испэктээкиллэр Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар киэһэ 18.00 чаастан саҕаланыахтара.

nurba-1

Декада кэмигэр Ньурба тыйаатырын туһунан кинигэлэри, справочниктары, альбомнары сүрэхтиэхтэрэ. Артыыстар култуура уонна искусство өрөспүүбүлүкэтээҕи колледжын, АГИКИ устудьуоннарын кытары көрсүөхтэрэ. Ону тэҥэ, Ньурба тыйаатырыгар үлэлээбит араас көлүөнэ бэрэстэбиитэллэрин кытары истиҥ көрсүһүүлэр буолуохтара.

Надежда ЕГОРОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0