Ньурба оройуонугар “Норуот көҕүлээһинин сыла”

Ааптар: 
07.08.2022
Бөлөххө киир:

2022 сыл олунньутугар Ньурбаҕа “Норуот көҕүлээһинин сыла”  биллэриллибитэ. Сонно тута эспиэрдэр хамыыһыйалара тэриллэн оройуон нэһилиэктэригэр тахсан дьонтон сайаапкалары тутан, үлэлээн барбыта. Саҥа үлэни түстээн биир дойдулаахтарыгар туһа аҕалан барыс киллэриниэн баҕалаахтар бэрт үгүс бырайыактара көрүллүбүттэрэ. Икки түһүмэхтээх күрэх түмүгүнэн бу күҥҥэ  228 биһирэнэн 72 134 043 солкуобай сууммалаах граны ылбыттар. Грант тутааччылар билигин туох ситиһиилээхтэрин, былааннаахтарын туһунан сорохторун кытта көрсөн кэпсэттим.

Денис Иванов, Киров олохтооҕо, атах таҥаһын тигэр:

Бэйэм дьыалабын арыйар толкуйга кэлэн баран “тугунан дьарыктанабын?” диэн бэрт өр сыымайдаабытым. Дьиҥэр илии үлэтиттэн оҕо сааспыттан чаҕыйбаппын, син ону-маны сатыыбын. Дьиэ тутуутугар, муостан оҥоһуктары кыһар туһунан санаа баара. Онтон кыра эрдэхпинэ ийэбэр унтуу уулларарыгар көмөлөһөрбүтүн санаан, атах таҥаһын тигэргэ санаммытым. Кыра сылдьан билэҕэ оҕуруо тиһэр, уллуҥаҕы быһар этибит, ийэбитигэр илии-атах буолан. Онон кулун тутарга “самозанятай” буолбутум уонна соцтиальнайдартан көмө көрдөөбүтүм. 250 тыһыынча көрбүттэрэ, онон тирии атыылааһын дьарыгыран барбытым. Ити кэмҥэ Ньурбаҕа “Көҕүлээһин сыла”  биллэриллэн манна, Мархаҕа хамыыһыйа кэлбитигэр бырайыакпын көмүскээбитим. Ситиһиилээхтик көмүскээн 255 тыһыынча грант туппутум, онон атах таҥаһын тигэр массыналары куораттан атыылаһан киллэрдим.

Билигин наар эр дьон атаҕын таҥаһын тигэбин, дьон бэйэлэрин атахтарын мээрэйинэн тигиллибит үйэлээх саппыкыларбын астына кэтэр буоллулар. Бэйэ бэйэлэриттэн истиһэн кэлэллэр. Соторутааҕыта дьахтар атаҕар колодкалары атыылаһан киллэрдим, холонуохпун баҕарабын. Биллэн турар, кэрэ аҥардар быдын бириинчик сакаасчыт буолалларын өйдүүбүн, бу сайдыым саҥа таһыма буолуоҕа. Уопсайынан хаачыстыбаны сөбүлүүр дьон мин оҥоһукпун атыылаһар, дьиҥэр маҕаһыынтан удамыр сыанаҕа биир-икки сыл кэтиллиэн сөптөөх атах таҥаһын холкутук атыылаһыахха сөп буоллаҕа. Оттон мин бэйэ мээрэйинэн оҥоһуллар, үйэлээх таҥаһы тигэбин.

Араас көрүҥү элбэтэ сатыыбын, унтуу, саппыкы, бачыыҥка тигэбин, эппитим курдук дьахтар сапожкатын оҥоруом. Сайыҥҥы ыһыахха саары этэрбэстэри тигэр санаалаах этим, быйыл сатаммата, ол эрэн ити былааҥҥа баар. Өссө үөрэниэм этэ, соҕуруу баран. Төһөнөн үлэлиигин да, оччонон саҥаны, уустугу оҥорорго баҕа санаа улаатан иһэр эбит. Улуус дьиҥнээх өйөбүлү биэрэн бэрт түргэнник бигэ тирэх булан атахпар турдум.

Тихон Григорьев, Түмүк олохтооҕо, ассенизатор массыына суоппара

Улуустан элбэх көмө кэлэр, биһиги алта оҕолоох ыал буолан туһаммыппыт элбэх. Быйыл сибиинньэ түҥэппиттэрэ, бастаан элбэх оҕолордооххо. Онтон икки сибиинньэ оҕотун ылан сайылатан эрэбит. Ол кэнниттэн “Норуот көҕүлээһинин сылын” чэрчитинэн дойдум дьонугар туһалаах буолаарай диэн фекалка массыына үлэлэтиэм диэн бырайыак суруйан кыттыбытым. Хата бырайыакпын нэһилиэк дьаһалтата өйөөн, баһылык солбуйааччыта Мичилиинэ Васильевна Никифорова бырайыак суруйууга көмөлөспүтэ.

Дьон олоҕо тупсан иһэр, онон сайдыы баран биһиги нэһилиэкпитигэр 70-ча ыал септиктаах дьиэ туттан олорор. Эрдэ туттуллубут ууну оботторорго 39 км ыраах сытар Ньурба куораттан фекалка сакаастаһар этилэр. Онтукан кырата 3-4 сакааһы мунньан баран эрэ кэлэр буоллаҕа, биир сакаас аайы сүүрбэт. Онон дьиҥнээх кыһалҕа үөскээн турар этэ, ол иһин бырайыакпын биһирээбиттэрэ.

Грант быһыытынан 200 тыһыынча ылан бэйэм 300 тыһыынчаны эбэн, 500 тыһыынча кэриҥэ сыаналаах массыынаны Дьокуускайтан атыылаһан аҕаллым. Дьэ уонна үлэлиэм буоллаҕа.

Егор Сидоров, Маар олохтооҕо, пластигынан иһит, тыы оҥорор

Урут Ньурба олохтоохторо 1 куб иэннээх улахан буочукалары Дьокуускайтан тиэйэн аҕалар этилэр. Ортотунан тиэйии сыаната биэс тыһыынча солкуобай кэриҥэ төлүүллэр этэ. Бу дьиҥэр, салгыны тиэйэн аҕалыы кэриэтэ. Онон бастаан тургутуу курдук, кыра, улахан иһиттэри оҥорон көрбүтүм. Дьон хамаҕатык ылалларын өйдөөн бу хайысхаҕа үлэлиэххэ сөп эбит диэн гарааспар сыах курдук тэриммитим. Бастаан бэйэм дэриэбинэм дьонун 1, 0,5, 0,3 куб иэннээх иһиттэринэн хааччыйбытым, уу кутарга, муус харайарга атыылаһаллар. Онтон атын нэһилиэктэр эмиэ бэйэ бэйэлэриттэн истиһэн сакаастаһар буолбуттара. Интэн улахан иэннээх маллары оҥоруохпун гарааһым аана эрэ мэһэйдиир – улахан оҥоһук батан тахсыбат. Биир кэскиллээх, атын нэһилиэктэргэ “импортанар” табаар – пластиктан оҥоһуллар тыы. Икки киһини уйар дьоҕус оҥочолору эр дьон астынан атыылаһар.

Үлэм биир атахтыыр өттүнэн оҥорор матырыйаалбын аҕалыы этэ. Биирдэ ыларбар иккилии туонна полипропилен лиистэрин Москваттан сакаастыыбын онтукам 100 тыһыынча солкуобай буолар, массынанан тиэйиитэ 20 тыһыынча. Билигин пуойаһынан аҕалар туһунан толкуйдуубун, бытаан соҕус эрээри сыаната икки бүк чэпчиир. “Инициатива сылын” чэрчитинэн ылбыт гранмынан матырыйаал атыыласпытым. Үлэм сылы быһа биир кэлимсэ буолбатах, кыһын иһийэр, сайын элбэҕи сакаастыыллар, ардыгар матырыйаал тиийбэт. Онон сыахпын сайыннарарга, үлэм сайдыытын тэтимэ лаппа түргээтээтэ. Кэлэр кэмҥэ саҥа дьоҥҥо туһалыыр оҥоһуктары олоххо киллэрэр былааннаахпын, билигин быһа саҥаран кэбиспэт гына былааммын эппэппин.

Егор Билюкин, Чукаар олохтооҕо, шиномонтаж арыммыт:

Чукаар нөҥүө үс дэриэбинэ массыналара ааһар, ону өйдөөн, массыына көлөһөтүн уларытар үлэнэн дьарыгырар туһунан санаа киирбитэ. Иннэ диэн “Норуот көҕүлээһинин сыла” күрэх арыллыбытын истэн сайаапка түһэрбитим, самозанятай быһыытынан. Онно “түһалаах үлэни оҥорор былааннаах эбиккин” диэн бырайыакпын биһирээбиттэрэ. Онон үп көрөннөр Дьокуускайга киирэн үлэлиир тэриллэрбин, компрессор, кэтэрдэр станок, көтөҕөр домкрат ылан кэлбитим. Дьон син сылдьар, холобур билигин от тиэхиньикэтин оҥоруу үгэнэ. Дьон тыраахтар, мунньар тэрил көлөһөтүн оҥорторо аҕалар, билигин тыын харбас кэм буоллҕа, ыксал тэтиминэн үлэлиибин.

Уопсайынан дьон үчүгэйгэ түргэнник үөрэнэр эбит. Маныаха диэри бэйэлэрэ оҥостон кэллэхтэрэ дии, баҕар саҥа өҥөҕө наадыйыахтара суоҕа диэн саарбахтыыр дьон баара, оннук буолбатах эбит. Оннооҕор массыына сууйуу өҥөтө эмиэ олус үчүгэйдик барда. “Кёрхер” диэн сууйар массыына ылбытым, 500 солкуобайга массыына кээмэйиттэн тутулуга суох сууйабын. Дьон массынаны, мотуорун сууйтарар, тыраахтары, матассыыкылы кытта сууйтара аҕалаллар. Ардах иҥин кэнниттэн суоппар хамаҕатык кэлэр. Кирдээх массынанан сылдьары дьон-сэргэ сүөргүлүүр буолбут. Онон күн аайы сакаасчыт кэлэ турар.

Улууспут дьаһалтата саҥа саҕалыыр дьону өйүүр бачыыннара олус туһалаах буолла диэххэ наада. Үлэ, өҥөнү оҥоруу сайыннаҕына, дьон үчүгэй олоҕу амтаһыйан истэҕинэ дойдубугуар сайдыы кэлэрэ түргээтээн иһиэ турдаҕа. Онон оройуоммут дьаһалтатыгар бу көмө иһин махталым муҥура суох.

Николай Иванов, Антоновка олохтооҕо, дьиэ тутааччы

Бэйэм тутуу үөрэхтээхпин. Дьокуускайга үөрэнэ сылдьан СИП-панель диэн матырыйаалынан дьиэ туталларын сэҥээрбитим. СИП-панель – структурно-изоляционнай панель диэн тылбаастанар, боростуойдык быһаардахха икки өттүттэн бөҕө дуоскаларынан (биһиги ОСП диэн ориентированно-стружечная плита диэни туттабыт) бүрүллүбүт сылааһы тутар матырыйаал (пенополистирол) буолар, “бутерброд” курдук. Саха сиригэр саҥа үөдүйэн эрэр этэ, ол иһин сайын тутуу биригээдэтигэр наймылаһан СИП-панелы кытта үлэлииргэ үөрэммитим. Уонна быйыл саас доҕотторбун кытта үп холбоон ити панеллары оҥорор тэрили Тольятти куораттан сакаастаан ылбыппыт.

Билигин тутуу мас сыаната үрдээн СИП-панель судургу буруус мастааҕар 30% кэриҥэ чэпчэки буолан турар. Уонна бу матырыйаал ыйааһына чэпчэки, тутар блоктара кэтит, онон тутуу сыаната лаппа чэпчиир, түргээтиир. Холобур диэн эттэххэ, ортотунан биир дьиэни 1,5 мөл. солк. кэриҥэ сууммаҕа 1-2 нэдиэлэ иһигэр толору тутан туттарабыт. Дьиэ эрэ буолбатах, гараас тутуохпутун сөп, буруус дьиэҕэ эбии хос сыһыарыахпытын сөп. Сакаасчыт тугу баҕарарынан. Быйыл түөрт дьиэни толору тутан туттардыбыт, сакаас элбэх, дьон истиһэ-истиһэ кэлэллэр. Быйыл биһиэхэ тургутуу сыл буолар – туппут дьиэлэрбитигэр дьон кыстаан баран хайдах кэпсииллэринэн аныгыс сыл сакаас киириэҕэ. Үлэбитигэр толору эрэллээхпин, эппитим курдук Саха сиригэр бу технология номнуо туһаныллар, дьон хайгыыр. Биир доҕорум куоракка “Сатал” учаастагар СИП-панелынан дьиэ туттан олорор, “гааска, оттукка үлаханнык экэниэмийэлээтим” диир. Онон үс сыллаах гарантиянан мэктиэлиибит, үлэбитин.

Саас “Ньурба оройуонун администрацията саҥа саҕалааччыларга өйөбүл биэрэр үһү” диэни истэн “Норуот көҕүлээһинин сыла”  бырайыакка кыттыбытым, эрэллээхтик көмүскэнэн, көмө үп ылбыппыт. Ылбыт үппүтүнэн тутар матырыйаал ыламмыт сайдыыбыт былаана лаппа түргээтээтэ. Саҥа саҕалыыр дьоҥҥо көмө көрөллөрө олус үчүгэй. Үлэтэ, урбаана үчүгэйдик бардаҕына оройуоҥҥа да үп киирэр, олохтоохторго даҕаны саҥа өҥөлөр үксүүллэр буоллаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0