Ньурба Малдьаҕарыгар эр дьон педагогтар мустан сүбэлэстилэр
Бу күннэргэ Ньурба улууһугар СӨ Үөрэх уонна наука министиэристибэтин күннэрэ буолан аастылар.
edersaas.ru
Күннэр чэрчилэринэн ыытыллыбыт араас тэрээһиннэргэ кэрэхсээн сырыттыбыт. Мин онтон биир олус суолталааҕын ойуччу тутан сырдатабын. Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин уонна доруобуйа харыстабылын бастакы наркома С.Н. Донской-II төрөөбүтэ 125, Саха сиригэр оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕону үөрэхтээһин 100 сылларыгар анаммыт педагог-эр дьон II оройуоннааҕы форумнара С.Н.Донской-II төрөөбүт Малдьаҕар нэһилиэгэр олус тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Манна 22 учуутал, иитээччи эр дьон кыттыыны ыллылар, оҕону иитиигэ санааларын атастастылар
Кинилэр үс бөлөххө арахсан үөрэнээччилэри, уһуйаан иитиллээччилэрин араас-эгэлгэ сатабылга сыһыардылар, дьоҕуру иҥэринии ньымаларыгар үөрэттилэр.
Ол курдук, билиҥҥи оҕо «хараҕа уоттана түһэр» инновационнай технологиялартан робототехниканы, 3D уруучуканы, квадракоптердары сэргэ омук быһыытынан төрүт дьарыкпыт — маһынан уһаныы, муоһу кыһан оҥоруу курдук бэрт сэргэх тиэмэлэри арыйдылар.
«Ромашка» уһуйаан гендернэй бөлөҕүн ииттээччитэ Николай Николаев «Уол оҕону уһанарга үөрэтии маастар кылааһы ыытта. Кини оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕону маһынан уһанар станогунан үлэлииргэ үөрэтэр.
Маны сэргэ эт-хаан, өй чөл туруктаах буолуутугар туһуламмыт дьарыктар да умнууга хаалбатылар.
Педагог ыччаттар оҕо саадыгар тиийэн, көмө быһыытынан субуотунньуктаатылар.
Эр дьон педагогтар форумнарын «төгүрүк остуолугар» быһаарыылаах түмүгү ылыннылар: оройуоҥҥа педагог эр дьон ассоциацияларын тэрийэргэ, Ньурба улууһун оскуолаҕа киириэн иннинэ саастаах оҕолору иитиигэ педагог эр дьону сыһыарарга.
Оройуоммут биир кытыы, киинтэн ыраах сытар нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах тэрээһини малдьаҕардар бары турунан ыыппыттарын түмүгэр, ыалдьыттар олус астынан, туһалаах тэрээһинтэн дуоһуйан, бэрт үгүһү билэн-көрөн тарҕастыбыт.
«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru анаан Венера СТЕПАНОВА,
Ньурба улууһа.