Ньурба Маалыкайыгар буойуна үлэҕэ киирдэ

Ааптар: 
25.11.2019
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Ньурба улууһун Маалыкайыгар бииртэн-биир суолталаах эбийиэктэр үлэҕэ киирэннэр, олохтоохтор сүргэлэрэ улаханнык көтөҕүлүннэ.

edersaas.ru

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, Сомоҕолоһуу сылыгар бииргэ үлэлээһин түмүгэр нэһилиэккэ үгүс сонун сүүрээн олоххо киирэр. Бу туһунан нэһилиэк дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Элиза Стручкова маннык кэпсээтэ:
—  Оройуон дьаһалтата уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи Тыа хаһаайыстыбатын академията  икки өрүттээх сөбүлэҥ түһэрсиилэрин чэрчитинэн, Ньурба оройуонугар икки ынах сүөһүнү, сылгыны астыыр буойуна тутуллуохтааҕыттан бастакыта  Маалыкайга киирдэ.  Эти астыыр сыаҕы тутууну «Маалыкай» ТХПК иилээн-саҕалаан ыытар. Бу тэрилтэни маалыкайдар киэн туттар киһибит Владимир Матвеев салайар.

Буойуна арыллыытын үөрүүлээх тэрээһинигэр «Ньурба оройуона» муниципальнай тэриллии баһылыга Алексей  Иннокентьев кыттыыны ылла.

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга кини олохтоох дьаһалта салалтатын кытта кыһыл лиэнтэни быста. 

Улуустааҕы муниципалитет баһылыга Алексей Иннокентьев үөрүүлээх түгэҥҥэ эҕэрдэ тылы этэригэр бу курдук бэлиэтээтэ: «Сылгы, ынах сүөһү этэ астаннаҕына эрэ переработкаҕа барар.  Онон бородууксуйаны батарыы  — суолталаах быһаарыыны эрэйэр боппуруос.  Тыа хаһаайыстыбатын академиятын исписэлиистэрин бырайыагынан улуус икки бөдөҥ нэһилиэктэригэр Маалыкайга уонна Чаппандаҕа буойуна  үлэҕэ киириэхтээҕиттэн, Маалыкай бастаата. Мантан инньэ,  сылгы собуотун,  биирдиилээн бааһынай хаһаайыстыбаны эрэ буолбакка, нэһилиэнньэ сылгытын, сүөһүтүн манна астатан атыыга таһаарар кыахтанна».

Саҥа тутууну көрө кэлбит дьон буойунаҕа бастакы убаһаны астааһыны сөҕө-махтайа көрдүлэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: нэһилиэк олохтоох дьаһалтатын архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0