Быйыл Ньурба улууһун Үөдэй нэһилиэгэр икки улахан үбүлүөйү бэлиэтииллэр.
Нэһилиэккэ бу суолталаах бэлиэ үбүлүөйдэринэн сибээстээн, туох үлэ ыытылларын туһунан нэһилиэк баһылыга Мария Николаева билиһиннэрэр:
— Быйыл Үөдэй нэһилиэгэ төрүттэммитэ — 355, Варвара Петрова аатынан орто оскуола — 100 сылларын туолаллар.
Онон сибээстээн, араас үтүө дьыаланы оҥорор соруктаах быйылгы тэрээһиннэри ыытабыт. 1667 сылтан саҕалаан «Үөдэй нэһилиэгэ» диэн кинигэ таһаарыахтаахпыт. Сайын үбүлүөйдээх ыһыах тэрийэргэ былаанныыбыт.
Бу күннэргэ «Оскуола 100 сыллаах үбүлүөйүгэр — 100 кинигэни оҕолорго» аахсыйа тэрийдибит. Онно баҕалаах дьон оскуола бибилэтиэкэтигэр кинигэ туттаран эрэллэр.
Бүгүн Ньурба улууһугар Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн дэкээдэтин чэрчитинэн улууска «Сахалыы таҥныы күнэ» биллэриллибитэ. Ол онно нэһилиэгинэн бу бэртээхэй тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллыбыт.
Биллэн турар, кулууппут үлэһиттэрэ — инники күөҥҥэ. Үлэлэригэр сахалыы таҥнан кэллилэр.
Оскуолабыт оҕолоро бары саха таҥастаах үөрэннилэр.
Кырачааннарбыт уһуйааннарыгар сахалыы таҥастаах сылдьыбыттара — ураты көстүү.
… Ити курдук, Үөдэй нэһилиэгэ араас тэрээһиннэри тэрийэр нэһилиэктэргэ көхтөөх олоҕунан холобур көрдөрөр.
Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru