Ньурба дьахталлара «Дьиэ кэргэн алаадьытын күнүн» тэрийдилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ньурба улууһугар Дьахталлар сэбиэттэрэ бэрт үгүс үлэни ыытар.

edersaas.ru

Бу уопсастыбаннай тэрилтэ сыл аайы Дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах «Дьиэ кэргэн алаадьытын күнэ» диэн бэрт сэргэх тэрээһини тэрийэр.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бу тэрээһиҥҥэ араас омук дьоно бары кыттар.

Быйыл улуус уонна куорат далбар дьахталлара бииргэ түмсэн, холбоһуктаах тэрээһини тэрийдибит. Дьоммутун-сэргэбитин үөрдэн, бэйэбит харахтыын сырдаатыбыт, — диэн үөрэ кэпсиир улуустааҕы Дьахталлар сэбиэттэрин салайааччыта Лариса Копырина.

Ити курдук  дьону сырдыкка, үтүөҕэ угуйар, ыалы түмэр бырааһынньыктар үксүү турдуннар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0