Ньурба быр-бааччы ыаллара Бускаровтар

Ааптар: 
21.01.2019
Бөлөххө киир:

Матрена Даниловна, Федот Алексеевич Бускаровтар Ньурба оройуонун Чыкаалап учаастагын ытык-мааны ыаллара. Кинилэр аал уоту оттунан, алаһа дьиэни тэринэн бииргэ олорбуттара 60 сыла буолла. Уон оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн, үлэһит дьон оҥорон, 22 сиэн, 5 хос сиэн тапталлаах эбэтэ, эһэтэ буолан олороллор.

Мотурууна 1937 сыллаахха атырдьах ыйын бүтэһик күннэригэр, бурдук быһыллыбытын кэннэ, Хорула нэһилиэгэр Бордоҥ диэн сиргэ Данил Иванович уонна Мария Кононовна Ивановтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Мария Кононовна сытар ынаҕы туруорбат көнө майгылаах, саҥата-иҥэтэ аҕыйах, киэҥ-холку майгылаах этэ. Үйэтин тухары ыанньыксыттаан ферматтан фермаҕа көһө сылдьан олорбут. Данил Иванович 1941 с. сэриигэ ыҥырыллан баран, сураҕа суох сүппүтэ. Сэрии уонна ол кэннинээҕи сут, быстыы-ойдуу ыарахан кэмнэригэр Мария Кононовна соҕотоҕун үс оҕотун иитээри, холкуоска, дьиэ үлэтигэр умса-төннө үлэлиирэ. Онон Муоча кыыс алта сааһыттан ийэтигэр хотоҥҥо ынах ыырыгар тымтык тутан көмөлөһөрө, ынах ыаһан сыппайара. Акана оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн баран, Молодуойга тахсан ыанньыксытынан үлэлээбитэ.

Сөдүөт Өлөксөй, Маайа Бускаровтар улахан уоллара, бииргэ төрөөбүттэр биэстэр, икки бырааттаах, икки балтылаах. Чиллэ, Түүкээн үрэхтэр икки ардыларыгар баар Сис Мэйигэр Умсаннаах диэн алааска олохсуйан олорбуттар. Аҕалара Буордуйа Өлөксөй булчут буолан сылга 12-лии тайах, онтон куһу, куобаҕы, балыгы төһө сөп буоларынан бултуура. Сайын аайы ыһыахтары кэрийэн, үҥкүү тыла этэн, мас тардыһан бастыыра. Сөдүөт оҕо эрдэҕиттэн ат-оҕус сиэтэн, от мунньуутугар, кээһиигэ үлэлээн, куска-куобахха бултаан барбыта. Уон алта сааһыгар холкуоска киирэн, араас үлэҕэ сылдьыбыта.

1958 сыллаахха Сөдүөт Бускаров Мотуруунаны кэргэн ылан, Үөһээ Бүлүү Сис Мэйигэр ыал буолан олорбуттар. Манна икки улахан кыргыттар төрөбүттэрэ Рита, Лиза. Онтон Ньурба Чыкаалабыгар көһөн кэлбиттэрэ. Дьиэ туттан, өссө аҕыс оҕону төрөтөн, барыта уон оҕону: үс уолу, сэттэ кыыһы көрөн-харайан, иитэлээн, улаатыннаран дьон оҥортообуттара.

Сөдүөт 1962-1967 сс. сайын ыанньык бостуугунан, кыһын эбиискэ оҥорооччунан, хас да сайын звено салайааччытынан үлэлээбитэ. 1967 с. Чыкаалаптааҕы комплескнай биригээдэҕэ көмөлөһөөччүнэн үс сыл, онтон сүүрбэччэ сыл 40-ча чилиэннээх ыччат комсомольскай биригээдэтин салайан үлэлээбитэ. Биригээдэ 800-900 ынах сүөһүнү, 300 сылгыны көрөрө. Бороону кыстыкка 80 киилэҕэ дылы улаатыннаран, хас биирдии ынахтан 1600 киилэ үүтү ыан, ньирэйи ылыыны 90 бырыһыаҥҥа тиэрдэн, һаакупка сүөһү орто ыйааһынын 340 киилэ, 100 бырыһыан үрдүк уойуулаах туттаран, “Кырдал” ыччат фермата Сөдүөт салайыытынан Социалистическай күрэххэ куруук бастакы миэстэҕэ сылдьыбыта. Кини салайар биригээдэтин 39 үлэһитэ коммунистическай үлэ удаарынньыга ааты ылбыттара, биир киһи Ленин уордьанынан, икки киһи Бочуот Знага уордьанынан, үс киһи Ленин 100 сааһыгар үбүлүөйүнэй мэтээлинэн, оттон биригээдэ Комсомол Киин комитетын бочуотунай грамотатынан наҕарадааламмыттара. Бэриниилээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээн, Федот Алексеевич коммунистическай партия чилиэнэ, коммунистическай үлэ удаарынньыга, Ленин 100 сааһыгар үбүлүөйүнэй мэтээлинэн, «Запорожец» массыынанан, икки сылгынан наҕараадаламмыта. Олохтоох сэбиэт дьокутаатынан өр сылларга үлэлээбитэ. Кэлин 15 сыл лааппыга атыыһытынан эҥкилэ суох үлэлээбитэ.

Мотурууна сыл аайы оҕолонон, ол быыһыгар ыанньыксыттаан, үүт эрийэн, ньирэй көрөн, банньыкка үлэлээбитэ. Уон оҕону аһатан-сиэтэн, таҥыннаран, үөрэтэн, үлэҕэ сыһыаран, ону тэҥэ холкуоска үлэлээһин элбэх сыраттан тахсар. Маннык тэтиминэн сылдьан доруобуйата мөлтөөбүтэ. Ол да буоллар, күн бүгүнүгэр дылы Федот Алексеевич, Матрена Даниловна дьиэ-уот көрүнэн, сылгы-ынах тутан дойдуларыгар Чыкаалапка олороллор. Оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ сайын аайы мусталлар, оттууллар, сир астыыллар, бултууллар, сынньаналлар. Төрөөбүт дойдуларын кытта ситимнэрин быспакка бары бииргэ түмсэллэрэ, Федот Алексеевич, Матрена Даниловна  үөрүүлэрэ буолар. Элбэх оҕону төрөтөн, бүөбэйдээн, атахтарыгар туруоран, киэн туттар дьонноро буолбуттара, кинилэр бу орто туруу дойдуга кэлэн толорбут иэстэрэ буолар.

Бускаровтар улахан кыыстара Маргарита оҕо эрдэҕиттэн балтыларын-быраатарын көрсөн, атахтарыгар туралларыгар көмөлөһөн, иккис ийэ кэриэтэ буолар. Бэйэтэ сопхуоска үүт эрийээччиннэн үлэлээбитэ, биир уол оҕолоох, икки сиэннээх. Билигин кини ийэлээх-аҕатын көрөн-истэн Чыкаалапка олорор. Иккис кыыс Елизавета оҕо уһуйааныгар кыра оҕолору иитиигэ олоҕун анаабыта. Кэргэнэ Ньурба Дьаарханыттан Федоров Виталий Иннокентьевичтыын 4 оҕолоохтор, икки сиэннээхтэр. Мария Ньурбаҕа олорор, агентствоҕа кассирынан үлэлиир. Соҕотох кыыһа Сайыына үрдүк үөрэҕи быйыл бүтэрдэ. Наталья атыыһытынан үлэлээбитэ, уола Сергей Ньурба лицейын үөрэнээччитэ. Улахан уол Федот леснигынан, суоппарынан үлэлээбитэ. Кэргэнэ Людмила Яковлевналыын икки уол, биир кыыс оҕолоохтор. Августина Дьокуускайга олорор, бухгатлерынан үлэлиир, кэргэнинээн Михаил Михайлович Степановтыын кыыс оҕолоохтор. Владимир Чыкаалапка сылгы көрөөччү, Акулина Револьевналыын үс кыыс оҕолоохтор, биир сиэннээхтэр. Матрена Дьокуускайга олорор, икки уол, биир кыыс оҕолоох, ХИФУ-га преподавателынан үлэлиир. Алескей Ньурбаҕа олорор, бааһынай хаһаайыстыбалаах. Кэргэнэ Айталина Тимуровналыын 4 оҕолоохтор. Кыра кыыс Оксана Дьокуускайга олорор, ХИФУ доцена, физико-математическай наука кандидата. Афанасий Егоровичтыын икки уол оҕолоохтор.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0