Ньурба баһылыга Алексей Иннокентьев эдэрдэри тыаттан үлэлэтэр баҕалаах
«Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарарбытыгар исписэлиистэрбитин аттаран туруорарбыт улахан тутулуктаах. Ол баар, саамай сүрүнэ», — диэн бэлиэтиир Ньурба куорат баһылыга Алексей Иннокентьев. Кини Ил Дархан Анал этиитигэр олоҕуран санаатын үллэстэр.
Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Алексей Михайлович куорат баһылыгынан иллэрээ сылтан үлэлиир. Бу иннинэ кини уонча сыл Ньурба улууһун Октябрьскай нэһилиэгин салайан олорбута. Олохтоох салайыныыга уопуттаах баһылыктарбытыттан биирдэстэрэ.
— Алексей Михайлович, билигин улуустарынан, нэһилиэктэринэн өрөспүүбүлүкэ 2030 сылга диэри сайдыытын стратегиятын ырытыһа сылдьабыт. Манна эн туох санаалааххыный?
— Стратегияны Ньурбаҕа эмиэ күүскэ ырыта сылдьабыт. Мин санаабар, стратегия диэн уопсай хайысханы ыйан-кэрдэн биэрэр докумуоммут буолуохтаах. Ону сорохтор сыыһа өйдөөннөр, хас биирдии нэһилиэккэ ханна, туох тутуллуохтааҕын киллэрэ сатыыллар. Стратегияҕа ханнык эйгэҕэ туох сайдыы барыахтааҕа уопсай торумнаныахтаах. Ол хайысхаларга биһиги, муниципальнай тэриллиилэр, бырайыак көмүскээн сыстан биэриэхтээхпит. Ол эрээри манна сайдыыны аҥаардас уопсай тылынан суруйбакка, тыа сирин олоҕун, укулаатын барытын көрдөрүөхтээхпит. Бу докумуону оҥорууга өрөспүүбүлүкэ салалтата, нэһилиэк, куорат, улуус баһылыктара, дьокутааттар, исписэлиистэр, уопсастыбаннас бары кыттыһан биир санаанан салайтаран үлэлээтэхпитинэ былааммыт киэҥ, толору буолуоҕа. Ол иһин Ил Дархаммыт итиннэ улахан болҕомтотун уурар.
— Егор Афанасьевич итини Анал этиитигэр эмиэ бэлиэтээн турар. Ону сэргэ кини быйылгы этиитигэр олохтоох оҥорон таһаарыыны инники күөҥҥэ тутта. Бу хайысхаҕа Ньурбаҕа туох былааннанан турарый?
— Сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуус буоларбыт быһыытынан, бу хайысханан үлэ-хамнас барара буолуо дии саныыбын. Ол эрээри Ньурба куората сирэ-уота кыра буолан, тыа хаһаайыстыбатынан кыайан дьарыктанар кыахпыт суох. Ол иһин Ньурба куорат нэһилиэктэр киирэн астарын-үөллэрин атыылыылларыгар былаһаакка буолуохтаах. Бастатан туран, манна усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит. Аҥаардас ырыынагы эрэ буолбакка, аһы-үөлү хаһаанар, бэлэм бородууксуйаны оҥорон таһаарар сирдэри оҥоруохтаахпыт.
Итини тэрийиигэ миэстэтигэр исписэлиистэри аттаран туруоруу улахан суолталаах. Ил Дархан эттэ дии, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир исписэлиистэри бэлэмнээһин, аттаран туруоруу тыын суолталаах диэн. Сөпкө этэр. Тоҕо диэтэргин, миэстэтигэр уопуттаах, үөрэхтээх, киэҥ билиилээх исписэлиис баар буоллаҕына, үлэ таһаарыылаах буолар. Каадыр барытын быһаарар диэн этэллэринии, олохтоох оҥорон таһаарыыга ити саамай сүрүнэ.
Мин санаабар, билигин эдэрдэр үлэлэрин улуустан, нэһилиэктэн саҕалыыллара ордук ээ. Манна өссө судаарыстыба таһымыгар исписэлиистэри, урукку курдук, тыа сирдэригэр анаан кэбиһии систиэмэтэ киирэрэ буоллар.
Үсүһүнэн, бэйэбит бүддьүөппүтүттэн сылын аайы субсидия курдук үбүлээһини көрөн социальнай хайысхалаах үлэлии олорор олохтоох предпринимателлэрбитин өйүүбүт. Бэйэҕит билэҕит, билигин, уот, тарыып сыаната үрдүү турар кэмигэр, тыа сиригэр үлэлиир предпринимателлэргэ олус ыарахан. Онон биһиги кинилэргэ төһө кыалларынан күүс-көмө буолабыт.
— Быйыл Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсаран оҥоруу сыла биллэриллэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн улахан хамсааһын таҕыста. Былырыын Ньурба куоратыгар эмиэ Тупсарыы сылын биллэрбиккит. Туох үлэ-хамнас барда?
— Бастатан туран, сылын аайы куораппытыгар нэһилиэктэртэн дьон көһөн кэлиитэ элбии турарын бэлиэтээн этиэм этэ. Өскөтүн билигин улууспут нэһилиэнньэтэ 24 тыһ. киһиэхэ тэҥнэспит буоллаҕына, Ньурба куоракка 15 тыһ. киһи олорор. Онон дьиэ-уот, социальнай эбийиэктэр тутуулара бастакы миэстэҕэ тураллар.
Хаарбах дьиэ боппуруоһугар сыһыаран эттэххэ, биһиги улууспутугар дьиэлэри саҥардыы 2007 с. саҕаламмыта. Ол эрээри билигин куоракка баар дьиэбит барыта улуус бас билиитигэр (урукку өттүгэр куорат дьаһалтатыгар көспөккө хаалбыттар) киирэн турар буолан, үп-харчы барыта улуус дьаһалтатын нөҥүө ааһар. Ол иһин улуустан куораппыт бас билиитигэр ылаары гынабыт.
Манна даҕатан эттэххэ, былырыын куорат хаһаайыстыбатын, дьиэтин-уотун барытын көрөр-истэр муниципальнай тэрилтэ тэрийбиппит.
Бу тэрилтэбит дьиэлэри-уоттары көрөрүн таһынан, уулуссалары сырдатыыны, бөҕү-саҕы хомуйууну, көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар ыттары кытары барытын көрүөхтээх. Онон куораппыт дьиэлэрин көрүүгэ бэлэмнэнэн олоробут.
Оттон социальнай тутууларбытыгар сыһыаран эттэххэ, нэһилиэнньэбит ахсаана элбии турарынан, оҕо саадыгар, оскуолабытыгар миэстэ тиийбэт. Быйыл оҕо саадыгар уочараты суох оҥордубут эрээри, 240 миэстэлээх оҕо саадын тутуутун бэбиэскэттэн түһэрбэппит. Социальнай дьиэлэри тутууга баһылыктар (улуус нэһилиэктэригэр урукку сылларга үлэлээбит уонна билигин баар баһылыктар бары түмсүү тэриммиппит, былырыын түмсүүбүтүн регистрациялаабыппыт) алмааспытыттан киирэр харчыттан 30 % нэһилиэктэргэ, киһи ахсаанынан аттаран, биэриэххэ диэн туруорсабыт. Оччотугар социальнай-экономическай сайдыыбытыгар бэйэбит инструменнаах буолуо этибит.
Дьон-сэргэ олорор усулуобуйатын тупсарыыга үлэ бөҕө барыа этэ. Былырыын куорат иһинэн Тупсарыы сылын ыытан 11 сквер туппуппут, оттон быйыл 17 оонньуур былаһаакка оҥорбуппут. Эһиил Ньурба куорат статуһун ылбыта сүүрбэ сылын туолар. Онон үбүлүөйбүтүн көрсө геологтарга аналлаах сквер тутан киллэриэхтээхпит.
— Манна сыһыаран эттэххэ, 2013 с. өрөспүүбүлүкэҕэ Тыа сирин сыла биллэриллиэҕиттэн куорат, нэһилиэк тас көстүүтүн тупсарыыга күргүөмнээх үлэ ыытылынна, бүддьүөттэн да үгүөрү үп көрүлүннэ дии.
— Кырдьык, тупсарыныыга кэлиҥҥи кэмҥэ болҕомто ууруллан, бары да иккис тыын ыллыбыт. Былырыын Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба уонна энергетика министиэристибэтэ ыыппыт куонкурсугар кыттан 8 мөл. солк. ылбыппыт. Оройуон кииннэригэр аҕыстыы, нэһилиэктэргэ 4,5 мөл. солк. этэ. Уонна Тырааныспар министиэристибэтинэн суол оҥоруутугар 3,5 мөл. солк. ылбыппыт. Ол эрээри манна биири бэлиэтиэм этэ, быйыл барыбытын тэҥнээн, куораттар да, нэһилиэктэр да бары 4,5 мөл. солк. ыллыбыт.
Билигин куораттар үбүлээһиннэрэ нэһилиэк таһымынан бара турар. Үбүлээһин ааҕыллар, суоттанар методиката оннук. Мин санаабар, ити сыыһа. Покровскай, Өлүөхүмэ, Ньурба, Бүлүү курдук куораттарга үбүлээһин атын буолуохтаах дии саныыбын. Ол иһин бу методиканы уларытыыга иккис сылбытын туруорсабыт.
— Ил Дархан да, РФ президенэ да быйыл Анал этиилэригэр бөҕү-саҕы хомуйууну болҕомто киинигэр туттулар. Кэпсэтиибит түмүгэр ити туһунан ыйытыахпын баҕарабын, ханнык баҕарар муниципальнай тэриллиигэ бу тыын боппуруос.
— Куораппыт дьиэлэригэр куһаҕан уу сүүрэр биир ситимэ (канализацията) суох буолан, биһиэхэ бытовой ууну-хаары, бөҕү хомуйуу биир эмиэ тыын боппуруоспут буолла. Билигин күҥҥэ 1,5 тыһ. куб курдук куһаҕан ууну 16,5 биэрэстэлээх сиргэ кута турабыт. Манна икки управляющай хампаанньа үлэлиир. Анал миэстэбит суох.
Урут Варвара Андреевна Петрова баһылыктаан олордоҕуна, куоракка коллекторнай ситимнээх канализационнай-ыраастыыр станция бырайыага оҥоһуллубута. Бу маны сөргүтэн, инвестбырайыак быһыытынан көмүскээн турабыт. Ол эрээри федеральнай бырагыраамаҕа кыайан киирбэтэхпит. Онон бэйэбит сүүрэн-көтөн, Москва, Екатеринбург куораттарга сылдьан, Екатеринбурга бу маннык бырайыак баарын билэн, онно бара сылдьан салалтаны кытары көрсөн, бырайыагы көрөн-истэн кэлбиппит.
Чааһынайдар уонна судаарыстыба бииргэ үлэлээһиннэрин механизмын туһанан, бырайыакпытыгар инвестор буолуохтаах тэрилтэни кытары кэпсэтэн бырайыакпытын саҕалаары олоробут. Онон табылыннаҕына аны икки-үс сылынан бу кыһалҕаны туоратар санаалаахпыт.
Аграфена КУЗЬМИНА.