Ньурбаҕа полиция подполковнигын саанан ытан өлөрдүлэр

Ааптар: 
21.09.2018
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 20 күнүгэр, Ньурба улууһугар ис дьыала уорганнарын астаапкаҕа сылдьар подполковнигын саанан ытан өлөрбүттэрин туһунан иһитиннэрии сонуннары киэҥник тарҕатар ситимнэргэ тахсыбыта. 

edersaas.ru

Бастакы иһитиннэриинэн, 50 саастаах өлүөхсүт Николай Акимович Акимовы бэйэтин саатыттан ыппыт курдуктар. Уорбаланааччы урут хаста да сууттана сылдьыбыт киһи диэн сабаҕалыыллар. Бу утарыта «кытыллар» өрүттэрэ бултуу сылдьан алҕас көрсүбүттэр.

Өлөрүүгэ уорбаланааччыны сол күн тутан хаайбыттар — Ньурба куоратыттан төрүттээх, 48 саастаах рецидивист.

Бу чахчынан «киһини соруйан өлөрүү» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибит.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0