Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт «Күһүүр-Ньурба» хайыһар десана Ньурба куоратыгар ситиһиилээхтик түмүктэннэ.
Бачыым өрөспүүбүлүкэ салалтатын таһымыгар өйөбүлү ылан, хайыһарынан ыраах айанныыры тэрийиигэ өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа тэриллибитэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Семен Сюльскай 1942 сыл тохсунньу-олунньу ыйдарыгар табаарыстарын кытта бу хайысханан — Күһүүртэн Ньурбаҕа тиийэн, тылланан фроҥҥа барбыттара. Оччолорго бу хорсун уолаттар 35 хонук хайыһарынан айаннаабыттар.
Ньурбаттан Семен Сюльскай Хотугулуу-Арҕаа фроҥҥа тиийэн, Ржев анныгар, Старой Русса уонна Великие Луки куораттар тастарыгар сэриилэспитэ. Курскай Дугаҕа ыараханнык бааһыран, билиэн түбэспит. Хоодуот байыас онтон куотан, Украинаҕа «Буревестник» бартыһааннар этэрээттэригэр тиийэн кыттыһан, өстөөҕү утары сэриилэспитэ. Салгыы I Украинскай фронт байыаһа буолан, Украинаттан Прагаҕа тиийбитэ. Бойобуой орденнарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Бу оччотооҕу айаны, хорсун буойуттар хайыһарынан тэлбит суолларын, РСФСР спордун бэтэрээнэ Дмитрий Горохов көҕүлээһининэн уонна салалтатынан, биир дойдулаахтара хатылаатылар.
Бу хайыһар бөлөҕөр Күһүүр орто оскуолатын учууталлара Людмила Горнова, Виталий Жирков, Иван Жирков, Константин Сыромятников, ону сэргэ «Дохсун» МУБ тренерэ Семен Корякин уонна «Чекуровка» община булчута Василий Павлов киирдилэр.
Хайыһарынан айаннааччылар Булуҥ улууһун Күһүүр сэлиэнньэтиттэн кулун тутар 15 күнүгэр хоҥнубуттар. Муус устар 10 күнүгэр Ньурбаҕа тиийэр былааннаах эбиттэр гынан баран, лаппа эрдэлээн, муус устар 6 күнүгэр Ньурба куоракка үктэммиттэр. Онтон Семен Иванович Сюльскай төрөөбүт нэһилиэгэр Сүлэҕэ тиийэн айаннарын түмүктээбиттэр.
Хайыһар десанын кыттыылаахтара айаннарыгар Аҕа дойду сэриитин саллааттарыгар ананан туруоруллубут мемориалларга, пааматынньыктарга веноктары уурбуттар, сүгүрүйэн турбуттар.
— 1978 сыллаахха мин Күһүүртэн Эдьигээҥҥэ диэри (600 км) Сэмэн Сюльскай ааспыт айанын сорҕотун хатылыыр десаҥҥа кыттыбытым. Ол аата, бүгүн саҕалаабыт суолбун тиһэҕэр тиэртим. Айан былаһын тухары нэһилиэктэр олохтоохтор олус истиҥник көрүстүлэр. Биллэн турар, туспа ыарахаттар бааллара, ол эрээри биһиги олортон толлубатыбыт. Десаны тэрийиигэ “Алмазы Анабара” хампаанньа массыына уларсан улаханнык көмөлөстө», — диэн кэпсээтэ Дмитрий Горохов.
Хаартыска https://mr-njurbinskij.sakha.gov.ru