Ньурбаҕа элбэх оҕолоох ыалларга кэтэх хаһаайыстыба тэринэллэригэр көмө оҥоһуллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Былырыын улуус дьаһалтата «Күндээдэ» ААУо уонна «Ньурба-Агро» МТС салалталарын кытта уопсай сүбэнэн, пандемия  уустук кэмигэр, элбэх оҕолоох уонна кыаммат ыаллар кэтэх хаһаайыстыбаларын сайыннаран дохуот киллэринниннэр диэн сыаллаах-соруктаах, 212 ньирэйи нэһилиэнньэҕэ оройуон бүддьүөтүттэн үбүлээн босхо түҥэтиини тэрийбитэ.

Дьоҥҥо ньирэйдэри хаалларан сүөһү төрдө гыналларыгар сүбэлэммитэ.
Бу сайын от ыйыттан «Күндээдэ» ААУо нэһилиэктэр сайаапкаларынан 80 ньирэйи  түҥэппитэ. Бу күннэргэ улуус салалтата «Ньурба-Агро» МТС-тан тарбыйахтарын атыылаһан эмиэ нэһилиэктэргэ сайаапкаларынан түҥэтэ сылдьаллар. Бүгүҥҥү туругунан дьоҥҥо 50-тан тахса тарбыйаҕы биэрдилэр. Сүрүннээн Октябрьскай, Түмүк, Дьиикимдэ уо.д.а. нэһилиэктэр ыллылар.
Ырытан кɵрүү түмүгүнэн, былырыын дьоҥҥо бэриллибит ньирэйдэр үксүлэрэ кэтэх хаһаайыстыбаларга иитиллэн тураллар. Маннык дьаһал түмүгэр дьон, чуолаан ыччат сүөһү иитиитигэр сыстан сүөһүтүн элбэтэн иһэрэ бэлиэтэнэр. Антоновка олохтооҕо Эдуард Петрович Тимофеев 1 тарбыйахтан саҕалаан номнуо 7 ыанар ынахтанна. Николай Семенович Николаев былырыын-быйыл ылбыт тарбыйахтара баар, өссө биэлээх, убаһалаах. Акана нэһилиэгин 4 оҕолоох ыала Варвара уонна Иван Ивановтар «Күндээдэ» ААУо-тан былырыын уонна быйыл биирдии тыһы ньирэйи ылбыттар. Атын да нэһилиэктэргэ маннык холобуру аҕыйаҕа суоҕу ааттыахха сөп.
Бу курдук Ньурба оройуонун элбэх оҕолоох ыалларыгар, сүөһү ииттиэн баҕалаах тыа сиригэр олохсуйар эдэр ыалларга уонна кыра дохуоттаах дьоҥҥо улахан көмө оҥоһуллар.

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0