2016 сыллаахха Ньурбаҕа Дьокуускайдааҕы мэдиссиинискэй кэллиэс салаата аһыллыбыта. Онон мэдиссиинискэй сиэстэрэлэри бэйэлэригэр, оройуон киинигэр бэлэмнииллэр. Онтон быйылгыттан ыла “Эмтээһин дьыалата” идэҕэ биэлсэрдэри үөрэтэр буоллулар.
Улууска “Ньурба доктора” диэн бэйэлэрин муниципальнай бырагыраамаларын олоххо киллэрэллэр. 2014 сылтан бу бырагырааманан 12 быраас үлэлиир. Оройуон үбүн суотугар отоларинголог, килиниичэскэй лабораторнай диагностика бырааһа үөрэннилэр.
Улуус дьаһалтата мэдиссиинискэй үлэһиттэргэ олорор дьиэни биэрэр. Ол курдук, улуус киинигэр 10 тупсаҕай оҥоһуулаах кыбартыыра уонна оройуон сэлиэнньэлэригэр 10 дьиэ бэрилиннэ. Октябрьскай нэһилиэккэ икки бырааска олорор дьиэлэриттэн (тэрилтэ дьиэтэ) ураты чааһынай дьиэни туттарга сир учаастагын анаатылар. Ону таһынан эдэр быраастар дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин үлэҕэ ылаллар уонна уһуйааҥҥа миэстэни уочарата суох биэрэллэр.
Маннык сөптөөх уонна табыгастаах усулуобуйа оҥоһуллар буолан, Ньурба улууһугар бырааһынан хааччыллыы, 2018 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 71%-тан 75,5% диэри улаатта.
2022 сылга учаастактааҕы терапевт-быраастарынан уонна орто сүһүөх мэдиссиинискэй үлэһиттэринэн 100% хааччыллыылаахтар.
Маннык, атын улуустар батыһыахтарын сөптөөх холобур туһунан СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) буолбут “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр доруобуйа харыстабылын систиэмэтин каадырынан хааччыйыы” диэн “төгүрүк остуолга” билиһиннэрдилэр.
Надежда ЕГОРОВА, edersaas.ru