Ньурбаҕа Алтан Сүдү Куолакалы ыйаатылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ньурба улууһун киинигэр К.Д.Уткин аатынан Доҕордоһуу музейын таһыгар олус сиэдэрэй, сахалыы ойуулаах-мандардаах Алтан Сүдү Куолакал баар буолбутун туһунан бэрт интэриэһинэй сонун бу сарсыарда бассаапка кэлбитэ. 

edersaas.ru

Алтан Сүдү Куолакал ааптара –   А.Давыдов.

Ойуута-дьарҕаата барыта ис хоһоонноох, суолталаах. «Көҕүөр» ойуу ис  хоһооно: элбэх оҕолон-уруулан, онтон үүннэр-сайыннар, оҕолоруҥ силистэнниннэр-мутуктанныннар, бөҕө туруктанныннар. Чэчирээҥ-чэлгийиҥ. Оҕолоруҥ улаатан ыал буоллуннар, орто дойдуга хоту-соҕуруу, илин-арҕаа тэнийдиннэр-ууһаатыннар диэн алгыыр ойуу.

«Айыы сыдьаайа» ис хоһооно: үүнүү-үөскээһин, үрдүккэ-сырдыкка талаһыы кэрэһитэ.

«Биэс харахтаах» ис хоһооно: Ийэ ууһун Уһун олоҕун куһаҕан тыын буулаабатын, Уоттаах харах көрбөтүн.

Итиэннэ «Үс саха төрүөҕэ» уонна үс дойдуну ситимнээн турар «Аар Кудук Мас».

Алтан Сүдү Куолакал Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941-1945 сылларга фроҥҥа көмөлөһөн, Кыайыыны уһансыыга үлэлээбит тыыл дьонугар кэриэстэбил бэлиэтигэр оҥоһуллубут.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаларга: Алтан Сүдү Куолакал.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0