Ньурба улууһун киинигэр К.Д.Уткин аатынан Доҕордоһуу музейын таһыгар олус сиэдэрэй, сахалыы ойуулаах-мандардаах Алтан Сүдү Куолакал баар буолбутун туһунан бэрт интэриэһинэй сонун бу сарсыарда бассаапка кэлбитэ.
Алтан Сүдү Куолакал ааптара – А.Давыдов.
Ойуута-дьарҕаата барыта ис хоһоонноох, суолталаах. «Көҕүөр» ойуу ис хоһооно: элбэх оҕолон-уруулан, онтон үүннэр-сайыннар, оҕолоруҥ силистэнниннэр-мутуктанныннар, бөҕө туруктанныннар. Чэчирээҥ-чэлгийиҥ. Оҕолоруҥ улаатан ыал буоллуннар, орто дойдуга хоту-соҕуруу, илин-арҕаа тэнийдиннэр-ууһаатыннар диэн алгыыр ойуу.
«Айыы сыдьаайа» ис хоһооно: үүнүү-үөскээһин, үрдүккэ-сырдыкка талаһыы кэрэһитэ.
«Биэс харахтаах» ис хоһооно: Ийэ ууһун Уһун олоҕун куһаҕан тыын буулаабатын, Уоттаах харах көрбөтүн.
Итиэннэ «Үс саха төрүөҕэ» уонна үс дойдуну ситимнээн турар «Аар Кудук Мас».
Алтан Сүдү Куолакал Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941-1945 сылларга фроҥҥа көмөлөһөн, Кыайыыны уһансыыга үлэлээбит тыыл дьонугар кэриэстэбил бэлиэтигэр оҥоһуллубут.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаларга: Алтан Сүдү Куолакал.