Кэлин оскуолалар оҕоҕо аҥардастыы билиини иҥэриинэн эрэ муҥурдуммакка, кини дьоҕурун, талаанын арыйарга, эргиччи сайдыылаах оҕону иитэн таһаарарга дьулуһаллар. Ол инниттэн араас куруһуоктары арыйан үлэлэтэллэр, бырайыактары толкуйдууллар. Уопуттаах педагогтар кыратыттан аччыгый моториката, тарбахтара сайдыбыт оҕо үөрэҕи ылара да судургу диэн бэлиэтииллэр.
edersaas.ru
Аҕыйах сылтан бэттэх “Муусука — барыбытыгар” бырайыак таһаарыылаахтык үлэлээн кэллэ. Аны “Бары — уруһуйдуубут” бырайыак олоххо киирдэ. Атырдьах ыйыгар Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр “Уус-уран үөрэх – ситиһии төрдө” (“Художественное образование – путь к успеху”) диэн муусука уонна ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба учууталларын форума тэриллибитэ хамсааһын баран эрэрин туоһулуур.
Сорох улуустар оҕону ускуустуба кэрэ эйгэтигэр сыһыарарга араас ньымалары толкуйдууллар. Холобур быһыытынан Ньурба улууһун ааттыахха сөп. Ол курдук, Маалыкай орто оскуолатыгар, Ньурбатааҕы техническэй лиссиэйгэ уонна Оҕону сайыннарар техническэй кииҥҥэ 2015 сылтан ыла Санкт-Петербурдааҕы Нуучча судаарыстыбаннай мусуойун виртуальнай филиаллара арыллан үлэлииллэр. Оҕолор төрөөбүт түөлбэриттэн харыс даҕаны халбарыйбакка олорон, нуучча улуу худуоһунньуктарын үлэлэрин кытта сиһилии билсэллэр.
“Тустаах мусуой виртуальнай филиаллара, Саха сиригэр сүнньүнэн култуура салаатынан арыллан үлэлии тураллар. Үөрэх тэрилтэлэриттэн Ньурба улууһугар үс сиргэ тэрийбиппит. Филиал бүтүн аан дойдутааҕы бырайыак буолар, 2003 сылтан саҕалаан үлэлиир. Саха сиригэр филиал үлэтинэн Национальнай художественнай мусуой дьарыктанар. Үчүгэйэ диэн – оскуолаҕа киириэн саастаах оҕолортон саҕалаан, кырдьаҕас дьонугар тиийэ барыларын хабар. Холобура, уһуйаан оҕолорун хайдах уруһуйдуурга үөрэтэллэр. Онтон оскуола саастаах оҕолорго аналлаах үөрэх анал бырагыраамалара бааллар. ССРС уонна Арассыыйа норуодунай худуоһунньуга Афанасий Осипов “ССРС үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин үөрэнээччилэрин кытта” хартыыната дьоһун миэстэни ылар. Тиэмэлэри талан, ханнык баҕарар уруокка туһаныахха сөп.
Бырагыраама бэлэм каталогтаах. Чопчу тиэмэни, ааптары, үлэни көрдүүр дьон манан сирдэтинэн судургутук булаллар. Хас биирдии хартыына муусуканан доҕуһуолланар, кэпсэнэр, мүнүүтэтигэр тиийэ барыта ыйыллар. Хардарыта сибээһи олохтуур сыалтан араас кэмпириэнсийэлэри, сэминээрдэри, куонкурустары тэрийэллэр. Кыбаарталга биирдэ хайдах, төһөнү туһаммыппытын отчуоттуубут. Билиҥҥитэ үөрэх тэрилтэлэригэр киэҥник тарҕана илик”, — диэн Арасссыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээннэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Ньурба улууһугар филиаллар арыллыыларыгар үгүс сыратын уурбут Аксинья Егоровна Степанова кэпсиир.
Ньурбаҕа мусуой филиаллара арыллыбыт сылыгар, педагогтар Санк-Петербурга тиийэ сырыттахтарына, мусуой үлэһиттэрэ аҕыс киһилээх бөлөххө анаан биэс күннээх сэминээри ыыппыттар. Итиннэ аҥардас кэпсээһининэн эрэ муҥурдуммакка, икки оскуолаҕа сырытыннаран кинилэр хайдах туһаналларын көрдөрбүттэр. Ити курдук, филиал Ньурба улууһугар ситиһиилээхтик үлэлии турар. Ускуустубаны оҕо эрдэҕиттэн сэҥээрэр уопуттаах педагог “Бары — уруһуйдуубут” бырайыакка бары өттүнэн сөп түбэһэрин, табыгастааҕын бэлиэтиир.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска интэриниэттэн туһанылынна.