Нур Гун (ФАНТАСТИЧЕСКАЙ КЭПСЭЭН САЛГЫЫТА)

Ааптар: 
16.02.2017
Бөлөххө киир:

«Аллараа дойду» кэрэ куота

Салгыыта. Иннин манна аах.  https://edersaas.ru/nur-gun-fantasticheskaj-kepseen/

Сарсыарда өссө да утуйа сытыа эбит да, хос иччитэ компьютер будильник ырыатын кыра-кыралаан холбоон, Нур Гун уһуктан кэллэ. Компьютер дьахтар тимир-тамыр куолаһа ыйытта: «Үтүө сарсыарда, Нур Гун? Аһылыкка тугу сиигин?». Нур иһигэр «тугу да атыны оҥорбот буолан баран, талларар ээ» диэн кыһыйа санаата. Күн аайы уһун унньуктаах кэпсэтии туохха да тиэрдибэтин билэр буолан, уол: «Коктейль» — диэтэ. Талымастаабат. Холодильникка протеинтан атын аһа суох. Дьиҥэр, Майк курдук элбэх харчылааҕа буоллар, саҥа тахсыбыт бэһис таһымнаах хос иччитин бырагырааматын хачайдаан ылыахтааҕа. Оччоҕо сарсыарда аайы итии хааһы сиэ этэ. Хааһы эрэ буолуо дуо, ити саҥардыллыбыт хаһаайка-робот тугу баҕарар буһарар. Нур харчытын кэрэйэн бастакы версияны талбыта, ол иһин сарсыарда аайы протеиннаах коктейль иһэр уонна энергетик чэй иһэр. Бу санаан көрдөххө, бэйэтэ аһылык буһарбатаҕа, таҥаһын суумматаҕа ырааппыт. Дьиэтигэр кэлээт да виртуальнай оонньууга киирэр, эбэтэр тиэрэ сытан эрэ хоһун үрдүгэр баар киэҥ экраҥҥа атын планеталар тустарынан сериалы сөбүлээн көрөр. Хата, ФБ үлэһиттэригэр бу онус этээскэ хос биэрэллэр. Арай үчүгэй үлэтэ суох буоллун, «аллараа дойдуга» (дьиҥнээх дойдугар) ханна эрэ тоҥо-хата олорор буолуо этэ.

Хос иччитэ — компьютер хаһаайка дьаһайбыт быһылаах, робот хаадьаҥнаан кэлэн, Нур утуйар таҥаһын хомуйда. Орон истиэнэҕэ хомуллан киирэн хаалла. Онтон куукуна истиэнэтэ аһыллыбытыгар, робот бэлэм коктейли дьалкыппакка да аҕалла. Нур тыыллаҥнаата. Этин-сиинин чэбдигирдэр хамсаныылары оҥордо. Коктейли омурда туран, түннүгүнэн көстөр хартыына уларытарга сананна.  «Хаһаайка, түннүгү күһүҥҥү сабыыга уларыт», — диэтэ. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр түннүк нөҥүө үүнэн турар күп-күөх мастар лабаалалара уларыйан көмүс күһүн буолла. Уол астыммата. «Кумах куйаар», — диэтэ. Аны күһүҥҥү хартыына курус тыал сирилэтэр, куурбут-хаппыт кумах куйаарынан солбулунна.   «Хаһаайка, тугу да туруорума», — диэтэ Нур Гун. Өстүөкүлэ нөҥүө дьиҥнээх тулалыыр эйгэ көһүннэ. Мыраан кэнниттэн күн тахсан эрэр. Күн сардаҥатын хабар килэбэчигэс панеллар мырааны биир гына толорбуттар. Мэндиэмэннээх таас дьиэлэр күрэстэспит курдук халлааҥҥа харбаһаллар. Мас-от көстүбэт. Аллараа массыыналар сүүрэллэр. Аҕыйах киһи ханна эрэ ыксыыр.

Нур Гун бүгүн «уорбаланааччы» статустаах Сар Даны көрсүөхтээх. Суунан-тараанан, мааны таҥаһын таҥнан, ФБ бастыҥ үлэһитэ Гун дьиэтиттэн таҕыста. Быыл оборор робот массыынатын тыаһа тохтоото. Дьиэ иччитэ бырагыраама уоту кэмчилээн араарда быһыылаах. Лифт аана аһылынна. Истиэнэҕэ баар былакаат гражданнар туһугар судаарыстыба-корпорация үтүө үлэтин туһунан кэпсии хаалла. Уол сиэбиттэн Айфон ачыкытын хостоото. Таах туруохтааҕар ситимҥэ киирэн, халлаан туругун, спорт сонуннарын көрдө-иһиттэ. Хата, бу бэттээхэй тэрили айан абыраатылар. Ханна баҕарар илдьэ сылдьаҕын. 21-с үйэтээҕи муода эргийэн кэлбит үһү. Тас көрүҥэ салгын ачыкытын курдук. Кэттэххинэ, манна отой туспа дойду. Бээрэ, Ахсыс диэн ааттыыр Сар ханна тиийдэ? Айфон ачыкы кэпсииринэн, кини икки мүнүүтэнэн Талайга тиийииһи. Оттон Сар кыратык хойутууһу. Талай диэн кафе аата. Урут манна итинник ааттаах күөл баар үһү.

***

            Нур Гун кыыһы кэтэһэ таарыйа остуол сирэйэ мониторунан хаһыаты ааҕа олордо. Судаарыстыба салалтата ыаллыы сытар корпорацияны кытта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэспиттэр. ФБ хампаанньа дохуота икки бүк улааппыт. Саҥа Айфон ачыкы 5-с модела тахсыбыт. Дьон ситимҥэ киириитэ былырыыҥҥыга холоотоххо быдан элбээбит. Куорҕаллааччылар компьютеры туһанары утаран, акция ыыппыттар. Биэс киһини хаайбыттар.

Туох буолбут дьонуй? Аныгы үйэҕэ компьютера уонна ситимэ суох хайдах олоруохха сөбүй? Нур Гун өйдөөбөт.

— НP, дорообо! – кыыс нарын куолаһа ыҥырда.

Нур өйдөөн көрбүтэ, Сар мичээрдии турар эбит.

— Дорообо, Сар! – Нур эмиэ мичээрдээтэ.

— Хойутаан хааллым дии…

— Туох буолуой… Хаһыат ааҕа олоробун.

— Ээ, эмиэ тугу суруйбуттар? – кыыс кэлэн утары олорунан кэбистэ. Биллэр-биллибэт минньигэс духуу сыта уолга билиннэ.

— Ону-маны. Тугу сакаастыыбыт?

— Мороженай.

Нур Гун хап-сабар сакааһын остуол экраныгар баттыалаан сакаастаата. Харчытын быһа устан ыллыллар.  Робот, төкүнүйэн кэлэн, мороженай уонна утах уунна.

— Мин дьиҥнээх аатым Нур Гун, «НP» диэн ити ситимҥэ хос аатым, — диэн саҕалаата уол, бэйэтин туһунан аһаҕастык кэпсээтэҕинэ, кыыс эмиэ бэйэтин туһунан омолуйуо буоллаҕа.

— Хайаа, олоҥхолуу ааттаах эбиккин дии, — хап-хара харахтар соһуйбутту көрдүлэр.

— Ол аата тугуй? – Гун «олоҥхо» диэн тылы саҥа иһиттэ. Таах сибиэ гуглаабакка. Иһигэр бэйэтин мөҕүтүннэ.

— Ээ, — кыыс саараабыттыы тохтуу биэрдэ. – Оттон… Ити отой былыргы тыл. Былыр биһиги өбүгэлэрбит хаалларбыт айымньылара.

Билигин кыыс кини супер айфон ачыкытын көрүөхтээх. Нур Гун киһиргээбиттии аныгы ачыкытын аа-дьуо таһаарда.

— Билигин билиэхпит… Ок. Гугл. Олоҥхо диэн тугуй? – уол ачыкытын кытта кэпсэттэ.

Бу сырыыга ситим эппиэт биэрбэтэ. Эс, хайдах. Сибээс эмиэ да баар. Нур Гун сыыһа саҥардым быһылаах дии санаата.

— Нур, итини ситимҥэ булуоҥ суоҕа. – кыыс мүчүк гынна.

— Ол аата эн бэйэҥ айбыккын быһыылаах. – уол Сар дьээбэлэнэрин сэрэйдэ.

— Нур Гун диэн Сырдык Күн диэн суолталаах.

— Билэбин. Арабтыы.

— Суох, сахалыы.

— Сахалыы?!.. — Нур сонньуйда. — Ээ, чэ, бүт эрэ. Оннук диэн баар дуо? Эмиэ айа олороҕун.

— Нургун Ботур диэн кинигэ баар. Былыргы тылынан суруллубут. – кыыс сибигинэйдэ.

Нур чачайа сыста. Чахчы… Ол аата Ахсыс – «куорҕалааччы». Сокуонунан бобуллубут кинигэни ааҕар. Кумааҕы кинигэни былыр үйэҕэ суох оҥоруохтаахтар этэ. Хантан булбута буолла? Нургун муодаргаабыттыы кыыһы одуулаата уонна сымыйанан ымах гынна.

— Сар учуонайгын даа? Билэриҥ бэрт эбит… Ханнык билиитиэкэҕэ аахтыҥ? Учуонайдар эрэ онно киирэллэр дии… Пропустаахтар…

— Урут учуонайдыы сылдьыбытым… Ити хааллын… – Дана тугу эрэ алҕас быктарбытын өйдөөтө быһылаах. — Мороженай наһаа минньигэс эбит.

ФБ хампаанньа исписэлииһэ Нур Гун хайаан да бу «куорҕалааччылары» ыраас мууска уурууһу. Кини корпорация үлэһитэ буоллаҕа:

— Саха диэни эмиэ истэ иликпин.

— Ити былыргы омуктар. Манна олорбуттар үһү. – Сар Дана уолу аһыммыттыы. – Мин эмиэ төрдүм Саха. Урааҥхай Саха. Эн элбэҕи билбэккин, Нур. Биһигини барыбытын албынныыллар. Урут судаарыстыба—корпорация оннугар, дьиҥнээх судаарыстыбалар бааллара. Араас кыра омуктар олороллоро.

— Эс…

— Кырдьык, Нур. Куттаммат буоллаххына, мин эйигин биир кистэлэҥ сиргэ илдьиэм. Онно барытын билиэҥ, — кыыс уолу тургутардыы көрдө, илиититтэн тутта.

— Барыах…

Гун былааннаммыта туолан эрэриттэн астынна. Куорҕалааччылар, дьэ, түбэстигит быһылаах. Кинилэр туохха итэҕэйэллэрин билиэҕэ, үөрэтиэҕэ, сибээстэрин барытын арыйыаҕа. Оччоҕо Нур наҕараадаланар уонна баҕарарын курдук Хараҥаччы буолар. Бэрт.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

Хатат, www.edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0