Нуорка саҕынньахтары уорбут дьахтар сууттанна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Криминальнай талаан» диэн өйдөбүл баар. Ол биһиэхэ, көннөрү дьоҥҥо, куһаҕан содултан атыны аҕалбат эрээри, ол «талаан» бэриллибит киһитэ бэйэтэ быстах да кэмҥэ буоллар, күннээн-күөнэхтээн хаалар.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Былырыын, от ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри кэмҥэ, урут хаста да сууттана сылдьыбыт 37 саастаах дьахтар уоруйах «тарбахтара кыһыйан», эмиэ тугу эмит уоран, ас таһаарынаары, атыы-эргиэн кииннэрин буулаабыт.

Ол кэрийэ сылдьан, «Аквариум» уонна «Силуэт» атыы-эргиэн кииннэрин маҕаһыыннарыттан түөрт нуорка саҕынньах уорбут (хайдах кистээн, уктан тахсыбыта буолуой?). Итинэн уопсайа, 500 тыһ. солк. тахса суумалаах хоромньу таһаарбыт.

Холуобунай дьыала тэриллэн, суһал-силиэстийэлиир тэрээһиннэр кэмигэр оперативниктар саҕынньахтары булан, хаһаайыттарыгар төннөрбүттэр.

Уоруйах дьахтар хаайыыттан 2016 сыл кулун тутар ыйыгар босхолонон тахсыбыт эбит. Уонна ити хас да уоруу иһин хаайыытыгар төттөрү төннөр буолбут — суут кинини буруйдааҕынан билинэн, 4 сылга уопсай эрэсиимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурда.

Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Хаартыска: интернет.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0