Дьокуускайга нуорка саҕынньаҕы уордулар

18.12.2019
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат 2-с №-дээх дьуһуурунай чааһыгар 70 тыһ. солк. суумалаах  нуорка саҕынньах сүппүтүн туһунан үҥсүү киирдэ.

Суһаллык көрдөөһүн түмүгэр, полиция үлэһиттэрэ 37 саастаах уорбаланааччыны туттулар. Уорбаланааччы эмсэҕэлээччигэ оҕо көрөөччүнэн наймылаһан үлэҕэ киирбит. Ол олорон саас хаһаайкатыттан нуорка саҕынньаҕы уоран баран 4 тыһ. солкуобайга атыылаабыт. Эмсэҕэлээччи саҕынньаҕа сүппүтүн күһүн алтынньыга өйдөөн көрбүт. Саҕынньаҕа элбэх буолан, «атын сиргэ уурбуппун умнубуппун» дии санаан, өр кэм устата полицияҕа үҥсүбэккэ сылдьыбыт.

Арассыыйа Федерациятын холубунай кодексатын «уоруу» диэн 158 ыстатыйа иккис чааһынан холуобунай дьыала тэрилиннэ.

Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0