Киин куоракка бу кэмҥэ, сири-буору аннынан, көмүс атыылааччылар элбээбиттэрэ. Ити үксэ ааттаах-суоллаах Аллан өрүс көмүстээх үрүйэлэриттэн сууйуллубут көмүс этэ. Онон ити уодаһыннаах көмүс сууйуутугар баартарын холонооччулар, төһө да хаайыынан куттааталлар, син бааллар этэ. Дьэ, оннук санаалаах үс эдэр дьон баартаах көмүсчүттэр биир эмэ үчүгэй артыалларыгар кыттыһан барсарга сананан сылдьаллара. Тэрийээччилэрэ диэххэ дуу, Ньукуус Сэмэнэп куоракка олохтоох, түптээх үлэтэ суох, отучча саастаах эдэр киһи, эмиэ бэйэтин курдук эдэр доҕотторун кучуйан бэлэм сылдьаллара.
Биир күн, идэлэринэн, дьонноох-сэргэлээх Күөх Хонуу борохуолкатыгар, остолобуойга аһыы таарыйа, эмиэ көмүстэрин туһунан сэлэһэ олордохторуна, сирэйигэр чэр баастаах, бөдөҥ-садаҥ киһи аттыларынааҕы остуолтан кэлэн кэпсэтиилэрин истибитин, үлэһит илии көрдүүллэрин эппитигэр, үөрэн, өттүктэрин үлтү түһэ сыстылар. Ол киһи Баллыр Бааска этэ.
Дьэ, хара хаан бөҕөнү халыппыт халабырдьыттарга, илэ барбыт илэчиискэлэргэ түбэспиттэрин саҥа артыал тэриммит Ньукуустаах хантан билиэхтэрэ баарай? Ньукуустаах, үс буолан, бэйэлэрэ эрэ барыахтарын ити дьыала иирбэ-таарба үлэтин уонна көмүстээх сирдэри билбэт саҥа дьон, онон урут көмүс сууйбут дьоҥҥо кыттыһар санаалаах сылдьан, Баллыр Баасканы булбуттарын улахан табыллыы курдук санаабыттара.
Баллырга, дьэ, ити эрэ баҕалаах этэ. Кини уонтан тахса сыллааҕыта сууйбут көмүстээх сиригэр тиийээри, бу сыллар тухары түһээн түүлүгэр эрэ көрбүт ыра санаатын ситиһэр инниттэн тугу барытын тоҕо көтүөх айылаах турукка сылдьара. Били хааннаах хапсыһыыга охтубут икки кыттыгастарыттан атын иэгэйэр икки атахтаах ити сирдэрин билбэт, кэлин ким эмэ таба хаампатах буоллаҕына, дьэ, көмүс баар аҕай сирэ этэ. Көлө эрэ көстөрө буоллар, көмүс сууйуутун тэрилэ, тээбиринэ судургу соҕус. Онно тиийбит киһи, үлэтин эрэ кыайдахха, баарт табылыннаҕына, биир сайын биэс киһи буутунан көмүһү сууйуох этэ уонна, дьэ, көмпүт көмүстэрин эбии ыланнар, баай-талым, ырай олоҕор умсаахтыы оонньуох этилэр буоллаҕа. Бу үс чолохочоостору киэҥ тайҕа хайа эмэ быттыгар-хаттыгар букатыннаахтык хааллартыыр быһаарыы ылыныллыбыта былыр буоллаҕа дии.
Онон сааскы халаан уута тардан, от-мас көҕөрөрүн саҕана, икки акка таһаҕастарын, аһылыктарын ындан, куораттан ый курдук айаннаан, биэс буоланнар, көмүстээх үрүйэлэрин син этэҥҥэ булбуттара.
Ол баран иһэннэр, биир хонуктарыгар, били көмүллүбүт көмүстээх сирдэрин уолаттара утуйа сыттахтарына баран чуҥнаан кэлбиттэрэ. Били улахан тииттэрэ өссө баараҕадыйан, биэрэстэлээх сиртэн «бу баарбын!» диэбиттии улуутуйан аҕай турар этэ. Көмүллүбүт көмүстэрин оннун көрөн баран, оҕурдук тыытыллыбакка турарын көрөн, итэҕэйэн, дьэ «һуу!» гыммыттара.
Дьэ, кырдьык даҕаны өлгөм көмүстээх сирдэрин булан, ус сайыны быһа утуйар ууларын да умнан туран үлүмнэспиттэрэ.
Атырдьах ыйын саҥатыгар, киһи баһыгар түөртүү киилэ курдук көмүһү сууйан, улахан тымныылар түһэ иликтэринэ төннөр суолларын көннөрдүлэр.
Бачча тухары икки сиэхситтэр, тиистэрин-тыҥырахтарын кистэнэн, уолаттары кытта тэбис-тэҥҥэ үлэлэһэн, идэмэрдээх санааларын дьонноругар төрүт биллэрбэтэхтэрэ. Үлэни-хамнаһы бэркэ кыайар, туругас-олоругас, улгум, истигэн Ньукууһу хараҥа дьыалаларыгар сөрүүрдүү былааннанан, бүтэһик күннэргэ бэйэлэригэр чугаһата сатаан кэпсэтэргэ соруммуттара кыаллыбатаҕа.
Онно даҕаны сэрэнэн, Баллыр тургутан көрөөрү:
— Ити дьоммутун ыбылы кырбаталаан баран, өлөрүүнэн куттаталаан, көмүстэрин былдьаталаан ылыахха, — диэн этэн көрбүтүн Ньукуус ылымматаҕа.
Онон табаарыстарыгар уонна бэйэтигэр бүтэһиктээх амырыын бириигэбэри таһаарыммытын билээхтээбэт, сэрэйбэт да этэ. Саатар, табаарыстарын сэрэтэр туһунан толкуйдаабат татым өйдөөх киһи буолан биэрдэ.
Дьэ, итинник санаалаах дьону кытта үс эдэр дьон көмүс сууйан бүтэн төннөр хара кэмнэрэ үүммүтэ. Нэдиэлэ курдук айаннаан, били хара хааны халыппыт, хараҥа суоллаах, хара дьайдаах, көмүс кистэммит сирдэригэр тиийэн кэллилэр.
Дьэ, кырдьык даҕаны түҥ тайҕа ортотугар икки өттүлэрэ үрдүк сыырдардаах көҥкүс үрэхтэр холбоспут, бэрт түҥкэтэх, киһи кута-сүрэ тохтообот курас сирэ буолан биэрдэ. Ньукуус, төһө да сэрэхэдийэ санаатар, дьыала өлөрсүүгэ тиийиэ диэн адьаһын толкуйдаабат этэ. Хайа, уонна били Баллыр этиитигэр киириммэтин эппит буолан, ити дьыала итинэн хаалла ини диэн санаалаах буоллаҕа дии.
Суох. Оннук буолбатаҕа. Бэл диэтэр, уолаттар бу икки илэчиискэлэр урут көмүс туһугар дьону өлөртөөн, уонтан тахсалыы сыл хаайыыга олорон тахсыбыттарын да билбэт этилэр. Ити сыыһаларын иһин, кинилэр саҥа саҕаланан эрэр олохторун толук уурбуттара. Уолаттар үһүөн биир балааккаҕа сыталлара. Уордаах уонна Баллыр туспа балааккаҕа.
Арай сарсыарда, халлаан саҥа суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, туох да куһаҕаны сибикилээбэккэ түлүк ууларыгар утуйан буккураһа сытар уолаттар балааккаларыгар туман быыһынан икки хара күлүк тыаһа суох сыбдыһан үөмэн кэлэннэр, аан сабыытын баайыы быаларын сүөртэлээн иһирдьэ киирдилэр.
Хара санаалаахтар Ньукуус ортоку утуйарын билэр этилэр. Булчут сахалар, бэл, тыатааҕыны арҕаҕар уһугуннаран баран бултааччылар. Утуйа сытар харамай тыыныгар туруу саха киһитин санаатыгар-төбөтүгэр баппат, сыарҕалаах да ат тардыбат хара аньыыта буоллаҕа дии.
Бу киһилии кэптэрин сүтэрбит икки сиэхсит оннук гыммат улуу дьаалылар буолан биэрдилэр. Уолаттар муҥнаахтар туох үлүгэргэ түбэспиттэрин да өйдөөмүнэ хаалаахтаатылар.
Ньукуус, бүтэр бүппүтүн кэннэ биирдэ уһуктан, туох ханнык быһыы-майгы буолбутун да өйдүөн икки ардыгар, икки атаҕыттан таҥнары соһуллан таһырдьа сииктээх окко быраҕылынна.
Баллыр Бааска уолу үрдүгэр миинэн олорон, хааннаах быһаҕын уол хабарҕатыгар биитинэн ыга баттаан олорон саҥалаах буолла.
— Дьэ, бытааһах, икки табаарыстарыҥ анараа дойдуга бардылар, билигин эн биһиги илиибитигэр бааргын, онон биһигини кытта бииргэлэһэҕин дуу, эбэтэр атастарыҥ кэннилэриттэн анараа дойдуга аттанаҕын дуу? Тал! — диэн ордоотоото.
Уордаах кэлэн, саккырыы сылдьар быһаҕын хаанын уолуйа куттаммыт уол иэдэһигэр сотто.
Ньукуус сордоох бу амырыын түгэн түүл буолбатаҕын дьэ өйдөөн, мэктиэтигэр, баттаҕа турарга дылы гынна. Чахчыта даҕаны кини, барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолбутун тута өйдөөн, тыын тыыҥҥа харбас буоллаҕа, сөбүлэһэрин биллэрэн төбөтүн кэҕиҥнэтэригэр эрэ тиийдэ.
Уордаах уолуйа куттаммыт уол муҥнааҕы сиртэн туруору тардаат, балааккаҕа умсары аста.
— Таҥаскын ылан таҕыс! — диэн бардьыгынаата.
Ньукуус балааккаҕа киирбитэ, табаарыстара сордоохтор балай хааҥҥа булкуллан сытаахтыыллар эбит. Балаакка хаҥас муннугар атах өттүлэригэр сытар таҥастары түүрэ харбаат, таһырдьаны былдьаста уонна түөрт атах буола сылдьан куртаҕа тиэриллиэр, харахтара хойуоруор диэри хотуолаата.
Уордаах, ойон кэлэн, түөрт атахтаан турар уолу ойоҕоско тэбэн кип гыннарда уонна:
— Ойууртан, баран, маста хомуйан аҕалаҥҥын балаакканы уоттаа, оннук-маннык буолуоҥ, куота эҥин оонньуоҥ да бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар, биһиги табаарыстарын бэйэтэ дьаһайталаан баран күрээбитэ диэхпит! — диэн суос бэриннэ.
Иннин-кэннин билбэт буола аҥаарыйа куттаммыт киһи таҥаһын таҥынна уонна чугас көстөр ойууртан мас хомуйа барда.
Хаста даҕаны тыаҕа түһүөн санаталаан баран, бастатан туран, суолун-ииһин билбэт, бу түҥ тайҕаттан, бу уонунан көстөөх сиртэн, иэгэйэр икки атахтаах үктэммэтэх сириттэн, аһа-таҥаһа суох булан тахсара биллибэт, иккиһинэн, ол тиийэн даҕаны икки киһини утары көрдөрүү биэрэн туһа суох дии саныыр. Хайа, уонна аҥаардас көмүһү көҥүлэ суох сууйуу иһин, күлэ-күлэ, уонча сылы уоптарыахтарын эмиэ бэркэ диэн билэн сылдьара. Онон туга-ханныга биллиэр диэри бу дьонун кытта сылдьарыгар тиийэр.
Кураанах амынньыары көтөх муҥунан көтөҕөн кэлэн, санаата буолбакка, балааккаттан тэйиччи соҕус быраҕабын диэн, аны Баллыр Бааскаттан куҥ сиригэр тэбилиннэ. Дьэ, манна эрэ өйдөөн-дьүүллээн көрбүтэ, дьонун сирэйдэрэ дьэбидийэн, тимир тириини кэппиттэрин. Бу дьонтон туох да үчүгэйи көрбөтүн, олус кутталлаах, уустук быһыыга киирбитин билэн, мэктиэтигэр, куйахата үмүрүтэ тардыалаата, сиһин иэнэ кэдэҥнээтэ. Аны бу буола сылдьан, икки илэ сиэхситтэр кырыктаах харахтарын далыгар сылдьан, икки табаарыстарын муҥнаахтары уоттаатаҕа үһү. Ол кэннэ Баллыр дьаһалынан, тэйиччи соҕустан хаппыт куруҥу суулларан, бысталаан аҕаланнар эбии бырахтылар.
Дьэ, уонна чугастааҕы улахан тииккэ тиийэннэр, ыйан биэрэннэр, аны буор хастардылар.
Ньукуус муҥнаах «дьэ бүттүм, саманна дьаһайар буоллулар!..» дии санаахтаата. Өр-өтөр буолбата, күрдьэҕэ туох эрэ кытаанахха иҥнибитигэр Уордаах Уоһук, Ньукууһу илиитин таһынан туора садьыйан баран, бэйэтэ икки илиитинэн түстэ. Аны туран, Баллыр Бааска умуһах биир өттүттэн түһүстэ. Өр гымматылар, туох эрэ дьааһыкка маарынныыры бэрт сыранан мадьыктаһан таһааран истэхтэринэ, харк гынар тыаһы даҕаспытынан, умуһахтарын иһигэр-таһыгар көмүс кыырпахтара ыһылла түстэ. Уонтан тахса сыл көмүллэ сыппыт көмүс мас холбуйата эмэҕирэн, сууламмыт өрбөҕө уоттуйан, киһи да тутарын тулуйбат буолбуттар.
Сыарҕаларыттан эрдэ бэлэмнээбит бэрт модьу-таҕа оҥоһуулаах холбуйаларын аҕаланнар, көмүстэрин онно буордары-сыыстары куттулар. Саҥа сууйбут көмүстэрин кытта холбоон баран, төттөрү көмөн кэбистилэр.
Билигин киин сиргэ тиийэн, ас-таҥас атыылаһарга, сынньанарга диэн анаан бэрт аҕыйах көмүһү ыллылар.
Дьэ, уонна сир тоҥуута манан кэлэннэр, көмүстэрин ыланнар, ыра оҥостубут баай-талым олохторун була, киин сиргэ баран, букатыннаахтык хараҥа суолларын муннарыахтаахтара.
Ньукуус, көрбүтүн бэйэтэ да итэҕэйбэккэ турар киһи, хабараан быһыыга-майгыга түбэспитин, дьэ, дьэҥкэтик өйдөөтө. Дьоно киниэхэ өлүү көмүһүн хаалларар туһунан санаан да көрбөтүлэр. Көрүө суохтааҕын көрбүтүн, билиэ суохтааҕын билбитин кэннэ тыыннаах хаалларбаттарын сэрэйдэ, биллэ. Хайдах эмэ гынан, туох эмэ быыһанар үүт-хайаҕас булар туһунан толкуйданнаҕына сатаныыһы, манна, түҥ тайҕа баһыгар, ким кэлэн көмөлөһүө баарай?..
Көмүстээх үрүйэлэриттэн туруммуттара уонча хонно, бу үрэҕи бата бардахтарына бэрт сотору дьонноох-сэргэлээх сиргэ тиийиэхтээхтэрин Ньукуус билэр этэ. Онон, тоҕоостоох эрэ түгэн көһүннэр, куотарга быһаарынна.
Дьоно икки саалаахтарын эр-биир тута сылдьаллар, аттарын эмиэ бэйэлэрэ көрөллөр.
Били уоттаабыт дьоннорун кырамталарын, Ньукууһунан хомуйтаран, үрэх хааһыгар сир хайдыбытыгар бырахтардылар, кумаҕынан саба тарыйтаран кэбистилэр.
Мантан ыла үрэҕи баппакка тыанан айаннаарылар эбитэ дуу, били сайын оҥорторбут уонна манна состорон-сыһаҕастаһан аҕалбыт сыарҕаларын хаалларан, ыҥыыр атынан барар буоллулар. Таһаҕастара эбиллэн, Ньукууска ньохчоччу сүктэрдилэр.
Бүгүн бу сордоох сирдэриттэн арахсан, улахан үрэхтэригэр киирэн хонордуу тэриннилэр. Ньукууһу балаакка түгэҕэр сытыардылар, бэйэлэрэ аан өттүгэр. Күһүҥҥү ый быыһа хараҥа таҥнары сабардаата. Сотору соҕус буолаат, дьоно утуйан, муннуларын тыаһа ыраатта.
Дьиҥ чахчы утуйбуттарын билэн баран, Ньукуус балааккатын таҥаһын сытар сиринэн бэйэтэ эрэ батар гына быһаҕынан тэлэ быһан, ис таҥаһынан эрэ сыыллан тахсан, сараҕыта, куурда уурдаҕа аатыран эрдэ бэлэмнээбит этэрбэһин харбаан ылаат, үрэҕин таҥнары түһүнэн кэбистэ. Атынан куотуоҕун суоллаан булуохтара диэн сатыылыырга быһаарынна. Балачча ыраатан баран, тыын ыла таарыччы, этэрбэһин кэттэ. Тас таҥаһын Уордаах Уоһук, уһултаран ылан, сыттыгын анныгар уктан утуйбута, онон ис таҥаһынан эрэ сылдьар.
Бастакы толкуйун быһыытынан үрэҕин бата эҥээринэн барыам дии санаабыта, уот тура сылдьыбыт сирэ буолан, сыбара бэрдиттэн, хараҥаҕа окко-маска дьөлүтэ түһэ сыһан, үрэҕэр төттөрү киирдэ. Баҕарар баҕата биир, илэ сиэхситтэр эрдэ уһуктан суохтаабаттара буоллар диэн. Онон төһө кыалларынан, сүтүктүөхтэригэр диэри сир ылбахтыы түһэр санаалаах туох баарынан сүүрэ сатаан икки тыҥатын күүгэнэ баранна.
Ньукуус бу үрэх төрдүгэр ыаллар олороллорун сурах хоту билэр эрээри, төһө элбэх ыал баарын билбэт. Били саас ааһалларыгар ол ыаллары тоҕо тумнубуттарын хойутаан өйдөөн, абатыттан хабырынан ылла. Кини куоппут сириттэн бу ыалларга быһалыы сиһинэн барар ыллык баарын билээхтээбэт этэ. Ону бу эргин элбэхтэ сылдьыбыт Уордаах билии бөҕөтө буоллаҕа дии.
Баллыр Бааска түүн үөһэ ааһыыта дэлби хабаҕыран көҕүрэттэ таҕыста. Халлаан хаһыҥнаан сирин үрдүн туртаппыт. Уутугар аҥаарыйа сылдьан, көҕүрэттэ бараары, чиккэтии быаттан иҥнэн умса туруйалаан тиийэн, балааккатын кэннигэр түөрт атах буола түстэ. Ботугураан үөхсэ-үөхсэ туран иһэн, балаакка кэннэ хайа тардыллан тэлимнии турарын көрөн, соһуйан тылын быһа ыстыы сыста. Тута ол хайаҕаһынан илиитин батары биэрэн, Ньукуус кураанах, тыбыс-тымныы оннун харбыалаан көрөөт, аттана сытар борооску курдук орулаабытынан ойон турда.
Уордаах, киһитин куһаҕан саҥатыттан уһуктан, саатын харбаабытынан таһырдьа батыччахтаан таҕыста.
Ол тахсан, киһитин сирэйэ сөрүөччү баран, сирэйин чэр бааһа кытара кыыһан, хаҥас дьабадьыта ырдьаччы тардыбытын көрө түһээт, киһитэ ииригирэ кыыһырбытын тута биллэ.
Киһитэ маннык буоллаҕына, өлөрсөр-өһөрсөр санаата туох да харыыта суох өрө турарын үгүс сыллар тухары алтыспыт Уордаах билэн-көрөн аҕай кэллэҕэ эбээт. Дьэ, оччоҕуна кинини уоскутуох айылаах уолҕамчы, сыһытыах айылаах сытыы, тохтотуох айылаах толуу киһи көстөрө саарбах. Хааннаах-баастаах эрэ быһаарсыы быһаарыахтаах түгэнэ адаҕыйдаҕа ол.
Уоллара күрээбитин билээт да, суола сойо илигинэ, ириэнэх суолун ирдээн, тоҥ суолун тордоон буллахтарына эрэ, аһыыр астара амтаннаах, утуйар уулара оруннаах буолуоҕун чачыгыр таас оройдоругар таба тутан өйдөөтүлэр.
— Дьэ, сыакаар, ситэр күннээх буоллахпытына бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар! — диэн баран, Баллыр Бааска илиитин сутуруктуу туттубутунан икки өттүгүн сууралаамахтаата.
Бэрт суһаллык хомуна охсон, үрэҕи баппакка ойуурунан быһалыы баран, уолларын иннин быһарга диэн сүбэлэстилэр. Ньукуус ол суолу хантан билиэй, онон үрэҕин аттыы батан, били тумна сатаабыт ыаллаах сирдэригэр тиийэрин тута сэрэйдилэр.
Хомуна охсон, туттар эрэ таһаҕастарын ындан, айаннарын саҕалаатылар. Уоллара төһө да сүүрбүтүн, баарынан-суоҕунан барбытын иһин, кинилэр быһалыы бараннар иннин быһалларын билэн иһэллэр.
Ньукуус сиэхситтэр эккирэтэллэрин билэр буолан, ойуурунан бара сатаата эрээри, тыата сыбара бэрт буолан, үрэҕэр эмиэ төттөрү киирэн сүүрэ сатаахтыыр.
Дьоно кини барбытын кэннэ тута уһуктубатахтара буоллар, син дьонноох сири кинилэр ситиэхтэрин иннинэ булуо эбитэ буолуо да, ону баара, оннук буолбата. Үрэҕиттэн туоруур сиргэ дьоно урут тиийэн, аттарын тэйиччи хаалларан, саһан кэтии сыттылар.
Дьонноох диир сирбит били Хараадай удаҕан олорор сирэ буоларын Ньукуус эмиэ билбэт. Мантан дьонноох-сэргэлээх бөһүөлэк балтараа көстөөх сиргэ турдаҕа дии. Ньукуус санаата кэннигэр хааллартаабыт икки атахтаах илэ сиэхситтэргэ киниттэн тутулуга суох тиийэ турар. Дьэ, дьон да уларыйар буолар эбиттэр. Уларыйыахтара дуо, суох, оннук буолбатах, ити кинилэр дьиҥнээх сирэйдэрин, кытта төрөөбүт кыдьыктарын, сиэмэх сигилилэрин саталлаахтык кистии сылдьыбыттарын эдэр дьон билбэккэ олохторун толук уурдахтара…
Ньукуус кинилэри санаатаҕына, этин сааһа аһыллан, тымныы көлөһүнэ сарт түһэр, төбөтүн оройугар баттаҕа өрө турарга дылы гынар. Түбэстэ да бүтэр, туттулар даҕаны бүтэрэллэр. Саатар, көмүскэниэн иһин быһаҕа даҕаны суох, ити үлүгэрдээх ыйдаҥатааҕы тиит күлүгүн саҕа бөдөҥ-садаҥ, тоҥ маһы кыһыл илиилэринэн тоҕута тыытар күүстээх дьонтон, ол быһахтааҕа да буоллар, көмүскэниэ биллибэт. Ньукуус аана суох алдьархайга, иинэ суох иэдээҥҥэ түбэспитин дьэ өйдөөтө. Кутталыттан сэниэтэ суох балааскайдаан тахсан, суол кытыытыгар олорон эрэн, икки тоҕонохторунан ньилбэктэригэр тайанан, икки ытыстарынан төбөтүн туттан бүк түһэн балачча олордо. Туох да буоссалаах өй-санаа төбөтүгэр киирбэтэ, биири эрэ өйдөөтө, дьонноох сири була охсон саһарга, онтон хайдах буоларын бириэмэ көрдөрүө.
Ньукуус муҥнаахха ол да бириэмэтэ суох этэ, кинини суол кытыытыттан киһи бодолорун сүтэрбит икки илэ сиэхситтэр бэлиэр көрөн, идэмэрдээх санааларын ситиһээри, тоҕоостоох кэми кэтэһэн кириһэн сыппыттара. Уордаах Уоһук, уолу аһаран баран, кэнниттэн тахсыахтаах, оттон Баллыр Бааска иннин быһыахтаах, эдэр киһи сүүрэрэ түргэн диэннэр, төлө туттардаҕына ыттыы ытан кэбиһэрдии кэпсэппиттэрэ. Туттахтарына кырбаан ээҕин этитэн баран, биирдэ тыынын салгыахтаахтар.
Тугу да сэрэйбэккэ иһэр Ньукуус сүүрэр-хаамар икки ардынан бэдьэрэлээн, саһан сытар Уордааҕы ааһарын кытта киһитэ оту-маһы үлтү барчалаан ойон турбутугар соһуйбут уол эргиллэ түстэ уонна баран иһэр сирин диэки куотаары эргиллибитигэр утары Баллыр Бааска саанан Ньукууһу уолугун үүтүнэн кыҥаабытынан ойон таҕыста. Уолуйа куттаммыт уол муҥнаах илиитэ ыга бааллан, оттон атаҕа турар сиригэр хам хараҕаламмыт курдук буолан хаалаахтаата. Саатын туора туппутунан утары ыстанан кэлбит Баллыр Бааска көрүөхтэн сүөргүтүк сөрүөччү барбыт сирэйин, ырдьайбыт айаҕын, икки чабырҕайдарынан тиэрэ көрбүт дьиэгэниспит харахтарын көрөөт да, бэйэтин уйуттуммакка икки илиилэринэн төбөтүн хам туттубутунан букатын да олорунан кэбистэ. Куотар, утарылаһар туһунан төбөтүгэр да оҕустарбата, куттас, хоргус быһыыта баһыйда. Дьиҥинэн, бу дьонтон ханнык да аһыныыны, хараһыйсыыны кэтэспэтэ. Син биир өлөрөллөрүн сэрэйэрэ эрээри, утарсар кыаҕын сүтэрбитэ.
Барыта кини сэрэйбитин курдук буолбута эрээри, атын улуу күүстэр көмөлөрүнэн кини дьылҕата уларыйбыта…
Киһилии бодолорун сүтэрбит икки сиэхситтэр хара дьайдаах хараҥа дьыалаларын оҥорон, сиэртибэлэрэ тыыммат буолбутун билэн эрэ баран, отунан-маһынан саба тарыйан, амынньыардарынан саба быраҕан кэбиспиттэрэ. Уонна бэйэлэриттэн араарбат таһаҕастарын сүгэн, аттарын хаалларбыт сирдэрин диэки бэлиэр саба барыйан эрэр хараҥаҕа киирэн сүппүттэрэ.
Сонно тута, үрүҥ туман суоллаах сырдык эттик амынньыар анныгар сытар хаан-билик буолбут киһи төбөтүн оройунан киирэн, этигэр-хааныгар иҥэн хаалбыта, ону кытта кини тохтообут сүрэҕэ хос тэбэн барбыта…
Сотору буолаат, сыарҕалаах оҕустаах икки дьахтар киһи сытар абырҕалыгар чуо бааччы тиийэн кэлбиттэрэ.
Михаил Гоголев – Долгун,
СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Уруһуй: интэриниэттэн
* * *
Кинигэ “Бичик” НКК маҕаһыыннарыгар баар.