Бу күннэргэ ини-бии Валерий, Валериан, Борис Николаевтар «Күүстээх Ньукулаайап» диэн кинигэни хомуйан бэчээттээн таһаардылар.
edersaas.ru
Кинигэҕэ Сунтаар оройуонун Хаҥалас нэһилиэгиттэн төрүттээх Николаев Андрей Варламович-Күүстээх Ньукулаайап (1911-1942 сс.) туһунан араас сылларга хаһыаттарга, кинигэлэргэ суруллубут ыстатыйалар түмүллэн киирбиттэр. ХХ үйэ отутус сылларыгар, сэрии иннигэр Сунтаар оройуонугар оччолорго илин-кэлин түһүспүт күүстээхтэр халыҥ кэккэлэриттэн Хаҥалас нэһилиэгин уола А.В. Николаев-Күүстээх Ньукулаайап аата-суола айан аартыгар айаатаабыт, суол тоҕойугар сатараабыт эбит. Ол курдук, биир дойдулааҕа, эт саастыылааҕа Е.Г. Федоров ахтыбытынан: «Андрей Николаев 16-17 сааһыттан ыһыах түһүлгэлэригэр тустан, күүстээх бөҕөс быһыытынан түргэнник биллэн-көстөн барбыта. Атах оонньууларыгар даҕаны бирииһи элбэхтик ылбыта. Тустууга кэнникинэн «Күүстээх Ньукулаайап дуо?» дэтэн, аҥаардастыы ааттанар, киэҥник биллэр бөҕөс аатын ылбыта».
Ыстатыйаларга Күүстээх Ньукулаайап Сунтаар оройуонугар тэҥнээҕин булбакка, 1937-1938 сылларга Ньурбаҕа тиийэн күүстээх тустууктары кыайталаабыта кэпсэнэр. Кинигэҕэ Күүстээх Ньукулаайап Үөһээ Бүлүүгэ В.И.Степановка-Буучугураска тиийэ сылдьыбытын, хонон-өрөөн сытан икки күүстээх бөҕөс бэйэ-бэйэлэрин тургутуспуттарын, тэҥ баайыылаах эбиппит дэспиттэрин туһунан ахтыллар.
Андрей Николаев-Күүстээх Ньукулаайап Аҕа дойду улуу сэриитигэр бастакы хомуурга ыҥырыллан, 700-кэ киһи буолан, 1941 сыллаахха балаҕан ыйыгар Сунтаартан Өлүөнэ кытылыгар Туруктаҕа сатыы айаннаан борохуокка олорон барбыта. Саха чулуу уола, дэгиттэр спортсмен Күүстээх Ньукулаайап Сталинград куорат көмүскэлин кырыктаах кыргыһыытыгар сырдык тыына быстыбыта.
Кинигэ аан тылыгар Николаевтар кинигэ тахсарын сүрүн төрүөтүнэн аҕалара Парфений Данилович Николаев күүстээх дьон, ол иһигэр Күүстээх Ньукулаайап, туһунан суруйуулары хаһыаттартан кырыйан ылан, биир сиргэ альбом курдук оҥорон муспут матырыйааллара буолбуттарын туһунан суруйаллар.
А.В.Николаев-Күүстээх Ньукулаайап үс сааһыгар Хороттон кэлэн, Саһар үрэҕин Олгуй Алааһыгар иитиллибит, улааппыт. Ол иһин, кинигэ бастакы түһүмэҕэ кини оҕо сааһа ааспыт, сүүрбүт-көппүт, оттообут-мастаабыт Саһарын Үрэҕэр анаммыт. Үрэх кэрэ айылҕатын хаартыскалара, Саһар үрэҕэр, кини эҥэригэр үөскээбит биллэр дьон киирбиттэр.
Түмүккэ кинигэ ыстатыйаларыгар этиллибит үс санааны хатылыыр тоҕоостоох курдук.
А.В. Николаев-Күүстээх Ньукулаайап биир дойдулааҕа, Саһартан саҕыллыбыт биллиилээх этнограф Г.Е.Федоров: «… Андрей Николаев 1936 сылтан ыла ыһыахтары кэрийэн, көрдөөн сылдьан күргүстээн тустубута. Кини дуолурҕаан сылдьан, Сунтаар оройуонун биллэр бөҕөстөрүн барыларын сыыһаабыта. Ньурбаҕа тиийэн, оройуон оннооҕу биллиилээх бөҕөһүн Егор Павловы, онтон да атыттары ыраастык быраҕаттаабыта», — диэн уруһуйдуур курдук ойуулаан суруйбута аахпыт эрэ киһи хараҕар чахчы даҕаны күүстээх-уохтаах эдэр киһи көстөн кэлэригэр сааарбахтаабаккын.
Хаҥалаһын былыргытын уустаан-ураннаан кэрэтик кэпсиир, ымпыктаан-чымпыктаан суруйар, күүстээхтэри, ол иһигэр Күүстээх Ньукулаайабы, бэркэ биһириир. Киһи иһиттэр истэ эрэ олоруох курдук сэһэннээх учуутал, сэбиэскэй-бартыыйынай үлэһит, уон сыл үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччытынан айымньылаахтык үлэлээбит салайааччы, уларыта тутуу кэмигэр Бэрэсидьиэн уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатыгар үлэлээн, саҥа Саха сирин сайдыытыгар улахан кылааты киллэрсибит Михаил Иванович Егоров Күүстээх Ньукулаайапка уонна кини доҕоро П.Н. Кириллиҥҥэ-Бөҕө Мөтөөс уолугар туһаайан: «Хомолтото диэн итинник талыы дьон сэрииттэн төннүбэт төлкөлөммүттэрэ буолар», — диэн кырыыстаах сэрииттэн эргиллибэтэх отучча тыһыынчаттан тахса саха уолаттарын туһунан хайдах курдук уот харахха эппитий?!
СӨ үтүөлээх учуутала, фольклор уһуйааччыта Никандр Прокопьевич Тимофеев биир дойдулааҕын туһунан: «Сиэрдээх тустууга биирдэ да бүдүрүйбэтэх улуу тустуук Андрей Варламович Николаев үтүө аатын үйэтитэр, өрө тутар сыаллаах нэһилиэккэ, улууска күрэхтэһиилэр ыытыллаллара хайаан да наада», — диэн сөллүбэт курдук туомтуу тардыыта биһигини, билиҥҥи дьону, уруккуну умнубаппытыгар, ааспыты атарахсыппаппытыгар ыҥырар, эбээһинэстиир.
Ааҕааччы болҕомтотун Николай Алексеев «Саһар үрэҕин туһунан сэһэн», Дьөгүөр Бөтүрүөп «Хапсаҕай» хоһоонноро, Валериан Николаев «Саһартан саҕыллан… Күүстээх Ньукулаайап» диэн хоһоон киэбинэн сэһэнэ тардыахтара.
Кинигэ Кыайыы 75 сылыгар ананар, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар туһуланар. «Дани-Алмас» компания ХЭТ бэчээттэммит.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru